10.05.2021 | 09:21

«Лже-кафелары» уонна «наливайкалары» утары охсуһуу салҕанар

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Предпринимательство департаменын дааннайынан, Дьокуускайга билигин 70-ча “лже-кафе” уонна “наливайкалар” үлэлии тураллар.

Сыл саҕаланыаҕыттан Дьокуускай дьаһалтата, полиция уонна нолуогабай сулууспа бэрэстэбиитэллэрин кытта, 20-чэ маннык аһыы утаҕы кутар сири бэрэбиэркэлээтэ.  Ол түмүгэр 7 административнай буруйу оҥоруу туһунан боротокуол толорулунна. Петровскай уул., 21/2, маҕаһыыныгар салҕааһын быһыытынан сокуоннайа суох тутууну көтүрэргэ исковой сайабылыанньа суукка барда. Кальвица уул. 5к, аадырыска үлэлии турбут бары кытта сир куортамын дуогабара көтүрүлүннэ, бас билээччи үс ый иһигэр бу сиртэн барыахтаах.

Муус устар 29 күнүгэр баһылык Евгений Григорьев Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйаларын кытта Дьокуускай сиригэр-уотугар препринимательствоҕа сокуону тутуһуу тула мунньаҕы ыытта. Мунньахха СӨ Предпринимательствоҕа миниистирин солбуйааччы Максим Прокопьев, антимонопольнай сулууспа, нолуогабай, ИДьМ бэрэстэбиитэллэрэ, олохтоох дьаһалта салаалара кытыннылар.

171 нүөмэрдээх Федеральнай сокуоҥҥа (22.11.1995) кэнники киирбит уларыйыыларга олоҕуран, олохтоох былаастар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ уонна чугаһынан сиргэ баар маҕаһыыннарга арыгы атыытын олоччу бобор бырааптаахтар.

Билигин маныаха сыһыаннаах сокуоҥҥа уларытыылары Ил Түмэн тустаах кэмитиэтэ көрө сылдьар. Боппуруоһу бу ыам ыйыгар дьүүллэһиэхтээхтэр.

Мунньахха баһылык Евгений Григорьев бэлиэтээн эппитинэн, олохтоохтортон үксүн элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ баар “лже-кафеларга” үҥсүүлэр киирэллэр.

“Биһиги билигин кытаанах позицияны тутуһуохтаахпыт, тоҕо диэтэххэ, саамай сүрүнэ олохтоохторбут интэриэстэрин өрө тутабыт. Билиҥҥи кэмҥэ элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ “лже-кафелар”  үлэлииллэрин туһунан үҥсүүлэр үгүстүк киирэллэр. Биһиги сыалбыт – дьон олорор дьиэтигэр “лже-кафелары” уонна “наливайкалары” суох оҥорон, арыгы атыытын тохтотуохтаахпыт”, – диэтэ Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....