Людмила Хань: «Туох барыта кырдьар, алдьанар»
Саас кэллэ да, куораппыт “кэрэтэ” барыта көстөн кэлэр. Муус маҥан хаарынан бүрүллэ сыппыт сып-сырдык бэйэтэ боруоран, чалбаҕа, бадараана, кирэ-хаҕа барыта тахсар.
Быйыл өссө дэлби тыалыран, уутун эрдэ көтүтэн, киин уулуссалар диэки киһи түүппүлэнэн да сылдьыан сөп. Оттон кырыы сирдэрбит син биир ол курдук чалбах быыһыгар олороллор.
Куораппытыгар биир саамай элбэх мас дьиэлээҕинэн, бырыыга-бадарааҥҥа олорор, сыл аайы дьиэлэригэр уу киирэр кыһалҕатын көрсөр оройуонунан 17-с кыбаарталы билинэбит. Оттон бу кыбаарталбыт олох аҕыйах сылынан “Спортивнай” диэн аааттаах сайдыылаах, халлааҥҥа харбыаласпыт сабыс-саҥа дьиэлэринэн дьэндэйээри, тупсаары турар.
Мин бэйэм уһун кэмҥэ толору хааччыллыыта суох икки хостоох мас дьиэҕэ Сайсары түөлбэҕэ олорбутум. Онон маннык дьиэлэр сытыы кыһалҕаларын, тымныыларын, ыаллар айдаарсалларын, кири-хоҕу, таһырдьа тахсан киириини барытын эппинэн-хааммынан билэбин.
Бүгүҥҥү ыалдьытым олоххо күүстээх санаалаах, тардыһыылаах, олоҕу олус диэн таптыыр, ханнык да түгэҥҥэ ыксаан-ыгылыйан турбат, дьоҥҥо наһаа махталлаах, олохтоохтор ытыктабылларынан туһанар Людмила Никоновна Хань.
Кини кыһалҕаны эрэ буолбакка, олох-дьаһах, инникигэ эрэл, кэскиллээх олох туһунан кэпсээнин истиэҕиҥ.
Оннооҕор тимир элэйэр
Мин бу 17-с кыбаарталга 1986 сылтан олоробун, бэйэм детдом киһитэбин. Оччолорго билиҥҥи курдук тулаайахтарга дьиэни тута биэрбэттэр этэ. Уопсай уочаракка тураҕын, бастааан уопсайга олороҕун. Биэс сыл эт кэмбинээтигэр үлэлээммин дьиэлэммитим. Оччолорго, кыбаарталбыт наһаа кыраһыабайа, хайа баҕарар киһи олоруон баҕарара, ып-ыраас, сып-сырдык этэ.
Мин иккис мэндиэмэҥҥэ биир хостоох, уулаах, канализациялаах дьиэ ыламмын наһаа да дьолломмутум, үөрбүтүм. Тулаайах киһиэхэ бу улахан дьол этэ. Бу кэмнэргэ наһаа элбэх киһи муммута-тэммитэ, атын суолу тутуспута, күүстээх, ис эйгэлээх эрэ киһи атаҕар турбута, миэхэ аймах эҥин диэн суоҕа.
Бу дьиэм бэс маһынан тутуллубут буолан наһаа түргэнник алдьанан, хамсаан хаалбыта, эмэҕирэн барбыта.
Онтон дьиэбин улааатыннаран Пионерскай уулуссаҕа икки хостооҕу атыыласпытым, 1961 сылга тутуллубут дьиэ этэ.
Биһиги кыбаарталбыт бүтүннүү ууга, сиикэй эттээх сиргэ тутуллубут оройуон, ол иһин мас дьиэ-уот аллараа өттүттэн эмэҕирэн барар.
Онон саамай кыһалҕабыт диэн сыл аайы, саас аайы ууга барыы, дьиэлэргэ уу киирэн ол эрэйэ. Туох барыта кырдьар, алдьанар, оннооҕор тимир элэйэр дии. Куораппытыгар баар 50-60-с сыллардаахха тутуллубут дьиэлэр кэмнэрэ кэллэҕэ, дьон барахсан олорор усулуобуйата да суох буолла, үгүс кыһалҕаны көрсөллөр. Аны туран кыһынын тымныытын этэ да барбаккын, үгүстэр этэрбэстээх кыстыыллар.
Салалта туора турбат
Ханнык баҕарар салайааччы, дьокутаат бэйэтин кэнниттэн үтүө ааты, суолу-ииһи хаалларарга дьулуһар. 2002-2007 сылларга Сергей Александрович Визир биһиги уокурукпутугар дьокутаатынан үлэлээбитэ. Кини мас дьиэлэргэ киин холуодьастан уу киллэттэрбитэ. Онон абыранан олоробут, мин староста быһыытынан ол үлэҕэ кыттыспытым, сантехниката суох дьиэлэргэ унитаз эҥин киллэрэн абыраабыта.
Кини кэнниттэн 2008 сылга Иван Иванович Данилов дьокутаатынан талыллан, уон сыл үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, билигин да үлэлиир. Дьэ, кинини олох улаханнык хайҕыахпын баҕарабын, кыбаартал олохтоохторун аатыттан сүгүрүйэбин, дьокутааппытын бары убаастыыллар, оннооҕор кыра оҕолор билэллэр.
Бастакы этээскэ уу бөҕөтө киирэр, саамай улахан көмөнү кини оҥорор, баһаар буоллаҕына, кини аан бастаан сүүрэн кэлэр. Онтон да атын көмөтө элбэх.
Билигин уокурукпут салайааччытынан саҥа киһи Андрей Владимирович Петров үлэлиир. Урут Иван Ивановичпыт бэйэтэ сүүрэкэлиир эбит буоллаҕына, билигин иккиэн бэркэ тапсан, өйдөһөн үлэлииллэрин көрөн үөрэбит эрэ. Быйыл хаарбытын эрдэттэн, үчүгэйдик хомуйаннар, улаханнык ууга барыы суох. Сайаапка киирдэ да, улахан чалбахтары оботторон иһэллэр, ону тута олохтоохторго отчуоттууллар.
Бары үөрэ, долгуйа кэтэһэрбит диэн саҥа кыбаарталы тутаннар, дьэ кэмниэ-кэнэҕэс сылаас, ыраас дьиэлэргэ көһүөхпүт этэ буоллаҕа.
Уопсайынан, туох-баар кыһалҕабытын салалта барытын өйдүүр, туора турбат, уокурукпутугар араас тэрээһиннэр ыытыллаллар, кыһыны атаарыы диэн, субуотунньуктар, СВО сылдьар уолаттарга көмө, илим баайыыта эҥин.
Оскуолабыт – инники кэккэҕэ!
Мин сиэннэрим 2006 сыллаахха 27-с оскуолаҕа үөрэнэ киирбиттэрэ. Оччолорго бу оскуолаттан повартан уонна суоппартан ураты ким да үүнэн, үөрэхтэнэн тахсыбат дииллэр этэ. Онтон Наталья Леонидовна Необутова диэн саҥа дириэктэр кэлиэҕиттэн оскуолабыт тупсан, сайдан барбыта. Мин төрөппүт сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буоламмын оскуола олоҕун, үлэтин-хамнаһын чугастык билэрим. Дириэктэри, педагогическай састаабы кытта сүүрэн-көтөн оскуолабытын үөһэ таһаардыбыт, билигин куоракка уон үчүгэй көрдөрүүлээх оскуолалар ахсааннарыгар киирэр, мантан авиатордар, пилоттар, быраастар, экономистар таҕыстылар, о.д.а. идэни баһылаатылар, хас биирдии оҕо музыкальнай инструмеҥҥа оонньоон бүтэрэр.
Киһи кэрэҕэ тардыһыахтаах
Кыһалҕа суох буолбатах, баар. Мин бу дьиэбэр 2006 сылтан олоробун, 2020 сылга “аварийнай туруктааҕынан” быһаарыллыбыта, онон саҥа дьиэҕэ көһөрбүтүн долгуйа күүтэбит, наһаа үөрэ олоробун. Бу оройуоммуттан, кыбаарталбыттан көһүөхпүн баҕарбаппын. Дьиэлэр эргэрэн үксүлэрэ көстүлэр, куортамҥа олорооччу элбэх, ол эмиэ сытыы кыһалҕа. Мин дьиэбэр 16 кыбартыыраттан биэс эрэ ыал баар, уоннааҕыта хатанан тураллар.
Куортамҥа олорор дьон, биллэн турар, эн кыһалҕаҕар наадыйбаттар, оннооҕор бөхтөрүн миэстэтигэр тиэрдибэккэ, аан айаҕар хааллараллар. Кинилэри кытта “сэриилэһэн” тахсабыт. Аны туран иһэр-аһыыр дьон түбэстэҕинэ биир эрэй. Үчүгэй ыаллар кэллэхтэринэ үөрүү буолар. Дьиэлэрин куортамнааччылар миигин старостаҕыт диэн анаан билиһиннэрээччилэр. Подъезпыт кырааскалаах, сууйабыт, түннүк сабыыта ыйыыбыт, дьону кэрэҕэ тарда сатыыбыт.
Субуотунньуктуубут, сотору кэминэн сирбит куурдаҕына тахсаары сылдьабыт. Иван Ивановичтыын төһөлөөх бөҕү, кири-хоҕу хомуйбутум буолуой?
Детдомҥа иитиллибит, улааппыт буоламмын ис санаам оптимист, дьон убаастабылыгар сылдьабын, дьиэбэр старостабын, уокуругум актыыбынай олохтооҕунабын. Араас ыарыыны эмтиибин, төрөөбөт дьахталларга оҕо кутун иҥэрэммин 18 оҕо күн сирин көрдө, билигин 19-с оҕом төрөөн балыыһаттан тахсаары сылдьар.
Киһи кэрэҕэ тардыһыахтаах, кэрэ диэки көрүөхтээх.
Дьон олоҕо көнүөн баҕарабын
Урукку оҕолор, ыалларым билигин улаатан да баран миигин өйдүүллэр. Таксилыы сылдьар буоллахтарына, ханна илдьэбит эҥин диэн ыйыталлар. “Наһаа кытаанах, ирдэбиллээх этиҥ, бөҕү эҥин хомуйтарарыҥ”, - дииллэр. Инньэ гымматахха, бөх-сыыс үрдүгэр олоробут буоллаҕа. Күн сиригэр олоро кэлбит, биир да хоно кэлбит буоллахха, үйэ саас тухары кэлбит курдук саныахтааххын, оччоҕо ис эйгэҥ барыта ыраас буолар. Ыһа-тоҕо сырыттахха, олоҕуҥ барыта ыһыллар, үөрэ отун уматан баран хомуһунан оонньоо эрэ, буруо көнөн тахсар, ол курдук киһи эйгэтэ эмиэ көнүөхтээх.
Киһи барытын кыайыахтаах, дьаһаныахтаах, көрөн баран олоруо суохтаах. Дьоннорум, ыалларым убаастыыллар, тылбын истэллэр, биир да киһини кытта этиспэппин.
Дьон олоҕо көнүөн баҕарабын. Сииктээх, тымныы дьиэлэргэ олороннор ыарыы элбэх, тыҥа, бронха, уҥуох ыарыыта. Онон сылаас, бэлэм уулаах-хаардаах дьиэҕэ көһөрбүт буоллар бары да дьоллонуо этибит.
Үөһээ айыыларбар алгыс этэ туран куруук махтанабын, сиэннэрим харчыта суох үөрэххэ киирдилэр, этэҥҥэ сылдьаллар диэн. Соҕотох уоллааҕым бу орто дойдуттан барбыта, онтон хаалбыт икки сиэммин кытта олоробун. Кыыһым “Аэропорты Севера” сүрүн экономист, уолум ХИФУ кэтэхтэн үөрэнэр уонна Маҕаҥҥа авиатехнигынан үлэлиир. Үөһэ айыылар бааллар. Дьоҥҥо көмөлөһөр диэн туспа дьайыы, туспа анал. Биир оҕом оннугар 19 оҕо кэллэҕэ дии.
Ытыы-соҥуу сырыттахха, харах уута бэйэтинэн кэлэр. Куһаҕаннык олоробун диир кыаҕым суох. Билигин оскуолабыт да тубуста, оҕолор олохторо үөһэ тахсара үчүгэй, спорт да өттүнэн, музыкальнай, үҥкүү да буоллун, үөрэххэ да биһиги оҕолорбут миэстэлэһэллэр. Оннук куһаҕан, баппат оҕолор буолбатахтар. Хайа да киһи куһаҕан буолан төрөөбөт, барыта иитииттэн тутулуктаах.
Судаарыстыба ииппит киһитэбин
1955 сыллаахха куорат таһыгар төрөөбүтүм, 1964 сылтан Чурапчыга Дириҥ детдомугар иитиллибитим, онон судаарыстыба ииппит киһитэбин. Кыыһынан араспаанньам Верховцева диэн. Оҕо дьиэтигэр үчүгэй иитиини, сылаас сыһыаны ааһаммын, үтүөҕэ тардыһар киһи буоллаҕым.
Дьокуускайга кэлэн “Горпищеторг” 3-с линияҕа оробуочайынан киирэн өр үлэлээбитим, онтон эт кэмибинээтигэр көһөн дьиэ ылбытым, онтон киһи-хара буолан билигин биэнсийэҕэ олоробун.
Ыарахан олохтоох киһи, биллэн турар, элбэх, үксүлэрэ олоххо, үтүөҕэ тардыһаллар. Дьоҥҥо үтүөнү оҥороруҥ үтүөнэн кэлэр, мин араас ыарыыны барытын эмтиибин, сүһүөх, ис ыарыыларын эҥин.
Аҕа дойду Улуу сэриитэ кими да туораппакка Саха сирин хас ыалын аайы киирэн ааспыта буолуо. Кыайыы күнүнэн бар дьонум барахсаттарга саамай улахан баҕам диэн – доруобуйа, эйэ, үтүө олох. Ситиһиилээх, кыайыылаах буолуҥ, сахабын дэтэр гына Саха сирин өрө таһаарыҥ.
Биһиги Сахабыт сирэ туох баайдааҕын курдук, ис эйгэбит эмиэ наһаа баай, ону кыайан таһаарбаппыт, саха тугу барытын кыайар, ылынар, оҥорор кыахтаах, бэйэлэрин эйгэлэрин таһааран кыайыы кынаттанан үөрэ-көтө сылдьалларыгар баҕарабын.