Лимонады оҥоруохха
Лимонтан
- 350 г саахар;
- 2 л уу;
- 350 мл лимон сүмэһинэ.
Саахары 250 мл уулаах көстүрүүлэҕэ кутан, суураллыар диэри кыра уокка сылытаҕыт.
Сойбутун кэннэ лимон сүмэһинин, ууну эбэҕит уонна холодильникка тымнытаҕыт.
Апельсинтан
3 апельсин;
1 лимон;
100 г саахар;
1½ л уу.
Цитрустар сүмэһиннэрин ыган ылабыт, цедраларын ыраастыыбыт. Барытын саахардаах ууга кутан оргутабыт, оргуйбутун кэннэ 5-10 мүнүүтэ тэптэрэбит.
Сироппутун сиидэлиибит, сойутан баран апельсин уонна лимон сүмэһиннэрин кутан холодильникка сойутабыт.
Клубникаттан
420 г убаҕас мүөт;
1 700 мл уу;
450 г клубника;
350 мл лимон сүмэһинэ;
Муус кубиктар.
Мүөппүтүгэр 500 мл ууну эбэн булкуйабыт. Клубниканы мүөттээх ууга кутан блендердиибит. Лимон сүмэһинин эбэбит. Иһэрбитигэр муус кубиктары кутабыт.
Оҕурсуттан
1 бөдөҥ оҕурсу;
280 мл лимон сүмэһинэ;
170 г убаҕас мүөт;
500 мл уу;
800 мл гаастаах уу.
Оҕурсубутун төгүрүктүү кырбыыбыт. Онтон лимон сүмэһинин, мүөтү уонна ууну кытта блендердиибит. Сиидэлээн баран гаастаах ууну кытта булкуйабыт.
Грушаттан
1 кг груша;
100 мл лимон сүмэһинэ;
2½ л уу;
Мята;
Мүөт;
1½ л гаастаах уу.
Грушаны хахтаан баран устатынан быһан сиэмэлэрин ыраастыыбыт. Лимон аҥаарын сүмэһинин үрдүгэр ыган баран көстүрүүлэҕэ угаттыыбыт.
Ууну эбэн оргута уурабыт. Мятаны эбэбит. 40-ча мүнүүтэ тэптэрэбит.
Мятаны хостоон быраҕабыт. Грушаларын эмиэ хостоон ылабыт. Лимонадпытыгар мүөтү эбэбит уонна тымныыга уурабыт.