Лев Павлов — ыччаттарга Арассыыйа чөмпүйүөнэ!
Ааспыт нэдиэлэҕэ 21 диэри саастаах ыччаттарга Арассыыйа көҥүл тустууга чемпионата болҕомто киинигэр турда. Тустууну таптааччыларынан туолан ньиргийэн олорор “Триумф” спорт уораҕайыгар чемпионат үөрүүлээхтик аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыга, тустуу Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Айсен Николаев уонна Арассыыйа тустууга Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Михаил Мамиашвили эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Тустуу сайдыытыгар кылааттарын киллэрсэн үлэлэһэ сылдьар үтүөлээх тренердэр В.П. Уваровка, И.Н. Сивцевкэ Махтал суруктар туттарылыннылар.
Хапсыһыылар күрэхтэһии күүрээнин үрдэттилэр. Сахабыт сириттэн 36 тустуук кыттыыны ылла. Сунтаар тустууга оскуолатын иитиллээччитэ Лев Павлов, чахчы, хамаанда лидерэ буоларын итэҕэттэ. Тустууну таптааччылар эрэллэрин толордо. Чечняттан Рахман Исламовы 10:0, биир дойдулааҕа Данил Мохначевскайы 11:0, дагестанец Юнус Явбатировы 6:0, чеченец Джабраил Тулаевы 7:2 хотуталаата. Финалга Халид Магомедовы (Дагестан) атахтаан охторон уонна салгыы “кыптыыйдаан” эргитэн, маҥнайгы түһүмэххэ 4:0 оҥорбута. Иккис түһүмэххэ дагестанец киирээт да кыырт курдук түргэнник атахха түһэн, икки баалы ылан, ахсаан 4:2 буолбута. Салгыы тустууга Лев дьиҥнээх хахайдыы хамсаныыны оҥорон, утарсааччытын хаҥас атаҕыттан харбаан умса баттаата, онтон өйдөнүөх түгэн биэрбэтэ, синньигэс биилиттэн ылан түөрт баалга быраҕан, кутталлаах балаһыанньаҕа тутан, мөҕүһүннэрбитинэн, саннын хаптаҕайдарынан көбүөргэ хам баттаан кэбистэ! Ыраас кыайыы!!! Саала иһэ өй-мэйдээх тулуйбатынан өрө хаһыытыы олордо!!!
Бөҕөс быһыытынан ураты хамсаныылардаах, атын истииллээх 19 саастаах Лев Павлов бэйэтин тустууларынан өссө икки сыллааҕыта Аллараа Бэстээххэ буолан ааспыт улахан дьоҥҥо Н.Н. Тарскай турнирыгар “баардааҕын” биллэрбитэ. Күүстээх-уохтаах, хам туппутун ыһыктыбат, ытарчалыы кытаанах тутуулардаах, сылбырҕа түргэн хамсаныылардаах, кэтэнэн-мананан турбат, харса суох кимэн киириилэрдээх көрбүт эрэ астынар, дуоһуйар, сэргэх тустуулары көрдөртүүр.
Лев Павлов: “Бу чемпионакка өр бэлэмнэнним. Ааспыт күрэхтэһиилэрим генеральнай репетиция курдук ааспыттара. Дьокуускайга буолан ааспыт Р.М. Дмитриев норуоттар икки ардыларынааҕы турнирыгар финалга хоттороммун улахан уруок ылбытым. Онно дьон саҥатын буолбакка, тренерим этэрин истиэхтээхпин диэн түмүк оҥостуммутум. Полуфинал, финал диэннэр миэхэ эрдэ барьер буола сыспыттара. Хайдах итиннигий дии саныырым. Хотторуу кэнниттэн үчүгэйдик хомуллабын, ол иһин хотторуу үчүгэйгэ эрэ тиэрдэр диэм этэ. Сыыйа эбэн испитим. Бу чемпионат иннинэ миниистир Леонид Николаевич Спиридонов “Кыайыылар хотторууттан кэлэллэр” диэн эппитэ. Кырдьык, оннук эбит. Ол иһин утарсааччыларбын барыларын кытта киирсэргэ бэлэм этим. Сеткаларбын үчүгэйдик ааспытым. Финалга долгуйан тахсыбытым, ол долгуйбутум туһалаата. Долгуйар диэн үчүгэй эбит. Ыгыы элбэх этэ, олорго кыһаллыбат буола сатаатым. Бачча элбэх ыалдьааччыны бастакыбын көрдүм. Элбэх киһи ааппын ааттыыр. Мээнэ сылдьыбаппын, истэбин. Көбүөргэ туста сылдьаммын дьон хаһыытын истибэт буола сатыыбын, тренерим эрэ этэрин истэргэ кыһаллабын, тугу эппитин толоро сатыыбын. Ол иһин үчүгэй үлэни тренерим оҥордо. Бу иннинэ Саха сирин хамаандата наһаа үчүгэй сбордары аастыбыт, бары бииргэ тутуһан үчүгэйдик үлэлээтибит. Сүрүн тренербит Василий Прокопьевич Неустроев күүскэ көмөлөстө. Кыайыыбын тренербэр Николай Романович Даниловка, төрөппүттэрбэр, чугас дьоммор, Сунтаар оскуолатын тренердэригэр аныыбын. Мантан хаалбыт кэмҥэ улахан дьоҥҥо Арассыыйа чемпионата уонна күһүн 23-гэр диэри саастаах ыччаттарга Арассыыйа чемпионатыгар кыттыахтаахпын уонна, үчүгэйдик сырыттахпына, баҕар, аан дойду ыччаттарын чемпионатыгар тахсыаҕым. Уоскуйбаппын, «расслабись” гыммаппын. Дьарыкпын өссө эбиэҕим. Ситиһиилэрбин чиҥэтиэҕим”.
Лев Павлов улахан түһүлгэлэргэ бэлэмнээх, киһи эрэнэр бөҕөһө. Тренерэ өрөспүүбүлүкэ кэккэ биллиилээх бөҕөстөрүн бэлэмниир Николай Романович Данилов. Арассыыйа тустууга Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Михаил Мамиашвили Лев Павловы кууһан туран эҕэрдэлээтэ, улахан дьоҥҥо Арассыыйа чемпионатыгар кыттыаҕа диэтэ. Онон, тустууга дьоҕурдаах ыччаппытыгар ситиһии тосхойдун!
Өссө биир, боруонса солотуулаах мэтээли Чурапчы институтун устудьуона Владимир Бояновскай аҕалла. 70 кг финалга тахсар иһин хапсыһыыга Лабазановы 1:0 баһыйан иһэн утарсааччытын атахтаан кэннигэр тахсыбыта гынан баран, көбүөр таһыгар үктээн кэбиһэн, баалы утарсааччытыгар биэрдилэр. Инньэ гынан 1:1 бүтэһик баалынан хоттордо. Үһүс миэстэ иһин хапсыһыыга Ханты-Мансийскай бөҕөһө Шахвалиевы 17:5 ыраас техническэйинэн хотон баран, саннын хаптаҕайдарынан хам баттаата!
Ити курдук, икки баттаамалаах ыччаппыт улаханнык үөртүлэр, сүргэбитин көтөхтүлэр. Эрдэттэн сылыктааһыннарбытын толордулар.
Миэстэҕэ тиксэллэригэр суоттаммыт ыччаттарбытыттан 61 кг Артем Слепцов маҥнайгы эргииргэ Айдамир Шигалуговы 10:2 лаппа баһыйа тутан иһэн, көтөхтөрөн ылан бырахтаран, ситтэрэн, онно эбии бүтэһик сөкүүндэлэргэ баал биэрэн, хоттордо, улаханнык хомотто. Сунтаартан 17 саастаах Юлиан Григорьев үтүө өйдөбүлү хаалларда. Барыллааһын хапсыһыылары үчүгэйдик туһунна. Финалга тахсар иһин хапсыһыыга Дагестантан Абдурахман Расулов диэн Арассыыйа уонна Ярыгин турнирын призера тэҥ киирсиигэ баһыйан иһэн, 2:2 бүтэһик баалынан хоттордо. Көбүөр таһыгар таһаартаабыт баалларын биэрбиттэрэ буоллар, мэтээлгэ тиксэрэ хаалла. Уолаттарбыт тэҥ киирсиилэргэ, утарсааччыларын хотон иһэн, күүстээх ыгааһыны тулуйбатылар.
Мэтээллэр ахсааннарынан, официальнайа суох ааҕыынан, 17 мэтээллээх, о.и. алта кыһыл көмүстээх Дагестан хамаандата бастыҥ көрдөрүүлэннэ. 5 мэтээллээх, о.и. биир кыһыл көмүстээх Чечня хамаандата иккис, москвалар 3 мэтээллээх, о.и. биир кыһыл көмүстээх үһүс миэстэлэннилэр. Саха сирэ икки мэтээллээх, о.и. биир кыһыл, биир боруонса мэтээллээх, 40-н регион кыттыбытыттан төрдүс буоллубут. Красноярскайдар бэһис, крымнар алтыс миэстэлэннилэр.
Онон, Сахабыт сирин тустуук ыччаттара уот курдук орто көрдөрүүлэннилэр.
Тустуу историятыгар тиһиллэр ыччаттар бэртээхэй чемпионаттара буолла.
Кыайыылаахтар уонна призердар:
57 кг: 1. Лев Павлов (Саха сирэ) 2. Халид Магомедов (Дагестан) 3. Джабраил Тулаев (Чечня) 3. Хабиб Мехтиханов (Дагестан).
61 кг: 1. Эльдар Ахмадудинов (Дагестан) 2. Абдурахман Расулов (Дагестан) 3. Айдамир Шигалугов (Москва) 3. Рустам Жилясов (Крым).
65 кг: 1. Далгат Абдулкадыров (Дагестан) 2. Гаджимурад Гаджиев (Дагестан) 3. Адам Архиев (Чечня) 3. Ахмеднаби Убайдулаев (Дагестан).
70 кг: 1. Магомед Байтукаев (Чечня) 2. Магомед Лабазанов (Дагестан) 3. Тамир Ешинимаев (Бурятия) 3. Владимир Бояновскай (Саха сирэ).
74 кг: 1. Антон Сучков (Красноярскай) 2. Джамал Маргушев (Крым) 3. Алу Духаев (Дагестан) 3. Маламагомед Гамзатов (Дагестан).
79 кг: 1. Ибрагим Кадиев (Дагестан) 2. Шамиль Кадилов (Дагестан) 3. Ибрагим Хубаев (РСО-Алания) 3. Арсен Балаян (Калининград).
86 кг: 1. Мухаммед-Тахир Ханиев (Дагестан) 2. Али Шакриев (Ингушетия) 3. Влад Фризен (Красноярскай) 3. Юсуп Шаипов (Дагестан).
92 кг: 1. Мустафагаджи Малачдибиров (Дагестан) 2. Еремей Сергеев (Чувашия) 3. Килаб Мусаев (Чечня) 3. Руслан Юршин (Иркутскай).
97 кг: Ислам Кильчуков (Москва) 2. Шахман Нухаев (Чечня) 3. Антон Пушечкин (Воронеж) 3. Азамат Яхутлов (Крым).
125 кг: 1. Сайд-Хасан Ахматов (Дагестан) 2. Ахмед Шугаибов (Москва уобалаһа) 3. Расул Капсергенов (КЧР) 3. Хабиб Давудгаджиев (Дагестан).