11.04.2020 | 10:03

Үлэтэ суох босуобуйатын ылыы судургу буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үлэтэ суохтар учуоттарыгар туруу, ыйдааҕы босуобуйаны ылыы судургутук оҥоһуллар буолла.

Маннык докумуоннар наадалар:

1. Пааспар. 2. Үөрэххит докумуоннара. 3. Баан реквизиттэрэ. 4. Үлэ киниискэтэ. 5. ИНН, СНИЛС.

Сайабылыанньа «Работа в России» (trudvsem.ru) портал нөҥүө бэриллэр. 1. Тус кабинекка Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларынан (Госуслуги ЕСИА) киирэҕит. Регистрацияҕыт суох буоллаҕына инструкциянан бараҕыт.

2. «Подать заявление» баттыыгыт.

3. “Оформить пособие по безработице”.

4. «Резюме» строканы толороҕут.

Салҕыы инструкциянан баран иһэҕит.

- «Работа в России» (trudvsem.ru) порталга, киһи ханна олороруттан тутулуга суох, сайабылыанньа ыытар кыахтаах.

- Үлэтэ суохтар ахсааннарыгар киллэрэр туһунан быһаарыыны 11 күн иһигэр ылаллар.

- Босуобуйа пропискалаах сиргитинэн төлөнөр.

- Киллэрбит информацияҕыт бигэргэммэт буоллаҕына, Дьарыктаах буолуу киинэ аккаастыыр бырааптаах.

- Босуобуйа муҥутуур улахан кээмэйэ Дьокуускайга – 16 982 солк. Сайабылыанньа биэрээччи киһи кэнники 12 ый устата 26 нэдиэлэттэн кырата суох кэмҥэ үлэлии сылдьыбыт буоллаҕына.

- Босуобуйа алын кээмэйэ – 2100 солк. Сайабылыанньа биэрээччи киһи кэнники 12 ый устата 26 нэдиэлэттэн кырата суох кэмҥэ үлэлии сылдьыбыт буоллаҕына.

- Бастакытын үлэ көрдүүр.

- ИП буолан бүппүт.

Босуобуйа муҥутуур улахан кээмэйэ 6 ый төлөнөр.

Босуобуйа алын кээмэйэ – 3 ый.

Биэнсийэлээхтэргэ – 12 ый.

Ыйыталаһар төлөпүөннэргит: 508-800

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...