15.02.2024 | 14:00

Ленскэй оскуолалара олохтоох бородууксуйанан аһыыллар

Ленскэй оскуолалара олохтоох бородууксуйанан аһыыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан Айсен Николаев Ленскэйгэ былырыын үүт собуотун баазатыгар тэриллибит оскуола аһын-үөлүн комбинатыгар сырытта. Собуот аһыллыаҕыттан куорат бары оскуолалара оҕолору биир менюнан аһаталлар.

Саха сиригэр итинник бырайыагы үлэҕэ киллэриигэ Ленскэй улууһа иккиһинэн ааҕыллар. Урут маннык бырайыак Чурапчы улууһугар олоххо киирбитэ.
«Өрөспүүбүлүкэҕэ бу иккис комбинат. Кэлэр өттүгэр маннык бырайыактары Саха сирин атын оройуоннарыгар эмиэ тарҕатыахха сөп дии саныыбын», – диир Айсен Николаев.
Ленскэйгэ оскуола аһылыгын менютун 75% олохтоох бородууксуйаттан турар. Билигин комбинат 6 оскуоланы хааччыйар. «Оҕолорго уонна төрөппүттэргэ ыытыллыбыт ыйытык бары аһынан-үөлүнэн астыналларын көрдөрдө. Мин эмиэ амсайдым, чахчы, дьиэ аһылыгын кэриэтэ олус минньигэс», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга санаатын үллэһиннэ.


Салгыы Айсен Николаев куорат оскуолаларыгар сарсыарда ахсын тиэрдиллэр эт полуфабрикаттарын оҥорор сыах үлэтин кытта билистэ. Сменаҕа барыта 2,5 тыһыынча куурусса, эт уонна балык полуфабрикаттара оҥоһуллаллар.
Кэлэр өттүгэр повардар үлэлэрин чэпчэтэргэ манна оҕуруот аһын сыаҕын үлэлэтэри былаанныыллар: кырбастаммыт хортуоппуй, хаппыыста, сүбүөкүлэ уонна моркуоп арааһын вакуумҥа суулаан тиэрдиэхтэрэ.


Санатан эттэххэ, ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар оҕо уһуйааннарын, оскуолалары, балыыһалары, социальнай тэрилтэлэри хаачыстыбалаах бородууксуйанан хааччыйыы саҥа ньымаларын киллэрии наадатын ыйбыта. Олохтоох ас-үөл чааһа судаарыстыбаннай атыылаһыыга 25 %-тан итэҕэһэ суох буолуохтаах, оттон муниципальнай тэриллиилэринэн — 50 %-ҥа диэри, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....