27.01.2024 | 18:00

Ленинград блокадата

(Ленинград блокадаттан босхоломмута 80 сылыгар)
Ленинград блокадата
Ааптар: Ксенофонт Васильев, Маар олохтооҕо
Бөлөххө киир

Ленинград диэн тылы иһиттиҥ да, төбөҕөр Аҕа дойду сэриитин биир хараастыылаах түгэнэ охсулла түһэр. Күн бүгүҥҥэ диэри умнуллубакка, дьон өйүгэр-санаатыгар көрдүгэн буолан сылдьар.

Сэрии кыргыһыытыгар сыһыана суох төһөлөөх киһи хоргуйан, тоҥон өлбүтэ буолуой? Билиҥҥэ диэри чуолкайданар кыаҕа суох. Сэрии бүппүтэ 80-ча сыл буолла да, мөккүөр бүтэ илик. Хайдах чуолкайдыаххыный? Өлөөччүлэр истэригэр Ленинград эрэ олохтоохторо бааллар үһү дуо? Ленинградка бэйэтигэр 1941 сыл саҥатыгар 3 мөлүйүөн кэриҥэ киһи олороро диэн этэллэр. Блокада түмүгэр өлбүт дьону сорохтор 1,5 мөлүйүөн дииллэр, сорохтор мөлүйүөн курдук буолуохтаах диэн түмүк таһаараллар. Онтон да араас сыыппара элбэх. Баҕар, хаһан эрэ, бу түбэлтэҕэ ким да наадыйбат кэмэ кэллэҕинэ, санаа көрдүгэнэ бэйэтэ уостан хааллаҕына, өлбүт дьон ахсаанын билэ да сатыыр кыһалҕа суох буолара дуу... Холобурун аҕаллахха, 5-6 тыһыынча сыл анараа өртүгэр аан дойдуну уу сабардаабытыгар (Нуой улахан оҥочо оҥостон ууттан быыһанарыгар) төһө киһи өлбүтэ буолуой диэн билигин ким эмит ааҕа сатыыр дуо? Хомойуох иһин, оннук эмиэ баар...

Ленинград курдук улахан куорат дурда-хахха, көмүскэл буолуо дии санаабыт, эрэммит, сэрии дьалхааныттан куоппут Прибалтика, онтон да атын куораттар, аата-ахсаана биллибэт дэриэбинэлэр олохтоохторо куотан кэллэхтэрэ. Ону таһынан сэрии саҕаланыан иннинэ ол-бу үлэ, олох наадаларыгар кэлбит, күүлэйдии да буоллун, дьону ким манаан туран ааҕа турбут үһү. Аны, ити курдук Ленинградка түмсэн хаалбыт дьонтон төһөлөрө блокада буолуон иннинэ мүлчү көтөн тахсыбытын ким билэрий? Таҥараны итэҕэйээччилэр «Таҥара баар, барыны барытын көрөн турар дииллэр, онон буоллаҕына арай кини эрэ билэн эрдэҕэ» диэхтэрэ. Эбэтэр нуучча өс хоһоонугар ахтыллар «хреннэрэ» (хрен его знает) чуолкай билэрэ дуу? Мин бэйэм ис санаабар кээмэй 1,5 эрэ мөлүйүөн буолбатах буолуохтаах диэхпин баҕарабын. Тоҕо?

Куорат блокадатын күнүн ааҕарга эмиэ бутуур элбэх. Сорохтор блокаданы 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн дииллэр. Атыттар балаҕан ыйын 12 күнэ дэһэллэр. Ол быыһыгар куораттан мүлчү куотан тахсар кэм атырдьах ыйын 27 күнүттэн тохтообутун бэлиэтииллэр, блокаданы ити кэмтэн ааҕыахха эмиэ сөп курдук. Онон блокаданы сырыы харгыстанан вокзалларга тыһыынчанан дьон хаайтарбыт күнүттэн ааҕар оруннаах курдук. Түмүгэр блокадабыт уһунун төһө да 872 хонук диэтэллэр, сэрэхэдийэн, 900-чэ күн дэһэрбит ордук курдук.

Блокада кэмигэр бородуукта атыыта-эргиэнэ мэнэйдэһиигэ эрэ кубулуйбут. Оттон аһылык бэриллэр талонун куорат эрэ олохтоохторугар түҥэппиттэрэ чуолкай. Ол аата өлүү-сүтүү ол куоракка түмсэн хаалбыт кэлии дьонтон саҕаланнаҕа. Өлөн хаалбыт таһыттан кэлбит дьону билэр аймахтара дуу, атастара дуу харайан муҥнаннахтара. Ким ону чуолкайдык билиэҕэй, суох буоллаҕа дии. Ырытан көрдөххө, дьыала ис туруга итинник. Онон чуолкайдаһа сатаабакка эрэ, үрдүттэн Ленинградка мөлүйүөнүнэн дьон өлүүтэ тахсыбыта диир оруннаах буолуо.

Сэрии саҕаланыыта соһуччу буолан, ньиэмэстэр бэрт хотуулаахтык, кимиэллээхтик Ленинград диэки көҥү анньан киирбиттэрэ. Сэрииһиттэринэн, ахсааннарынан, сэбилэнии да өртүнэн Кыһыл Аармыйаны лаппа баһыйаллар этэ. Фон Лееб мөлүйүөн кэриҥэ сэрииһиттээх хотугу бөлөҕү салайбыта. Кыһыл Аармыйа Ленинград туһаайыытыгар баара суоҕа мөлүйүөн аҥаара эрэ сэрииһиттээх утарсыбыта.

Биһиги курдук элбэх ахсааннаах сэрииһиттээх, элбэх сөмөлүөттээх, тааҥкалаах, атын да сэриигэ туттуллар күүстээх сэбилэниилээх аармыйалаах  ким да суох, онон кэлтэччи кимэн киириэхпит, дойдубутугар өстөөҕү киллэрбэккэ сууһарыахпыт диэн өй-санаа сэрии саҕаланыан иннинэ Кыһыл Аармыйаҕа баһылаабыта. Онтон чугуйар кыһалҕа тирээбитигэр, салалта да, олохтоохтор да өртүлэриттэн анаан бэлэмнэммэтэхпит элбэх охсууну аҕалбыта. Дойду арҕаа уонна Прибалтика диэки өттүгэр сэбиэскэй былааһы соччо сэргээбэккэ олорооччу норуоттар үгүс этилэр, ол охсуута да эбилиннэҕэ. Кинилэртэн таҥыллыбыт Кыһыл Аармыйа чаастара сэриилэһэр көхтөрө суоҕа. Бүтүн сэрии чаастарынан кытта таҥнаран ньиэмэстэри өйөөбүт түбэлтэлэрэ билигин аһаҕастык кэпсэнэр. Сэриилэспэккэ эрээри куотуу эмиэ үгүс этэ.

Атырдьах ыйын саҥатыгар Старай Руссаны ньиэмэстэр ылбыттара, Новгород да уһаабатаҕа, атырдьах ыйын бүтэһигэр ньиэмэс айбардаабыта. Салгыы Ленинград диэки тоҕо анньан киирбитэ, Ладога күөл биэрэгэр тахсыбыта. Кыһыл Аармыйа чаастара бэл Шлиссельбург курдук куоракка тохтоон сэриилэспэккэ эрээри, Нева өрүс хаххатыгар куотан биэрбиттэрэ. Балаҕан ыйын 8 күнүттэн Ленинград блокадата саҕаламмыта. Өссө аны биир түһүмэх... уонна ньиэмэстэр Ленинграды ылар кыахтаммыттара.

Ньиэмэс сэриитэ Ленинграды урусхаллааһыны таһынан өссө иккис соруктаах этэ. Ол курдук, Москваны Мурманскайы кытта ситимниир суос-соҕотох тимир суолу Старай Русса туһаайыытынан быһаары суоһаабыттара. Балаһыанньа сытыырхайбыта. Кыһыл Аармыйа салалтата харыыта суох чугуйууну тохтотоору, туруору дьаһаллары ылаттаабыта. Новгородтан хоту Волховскай фронт, Старай Русса туһаайыытыгар хотугулуу-арҕаа фронт тэриллибиттэрэ. Москва туһаайыытыгар Кыһыл Аармыйа сэриилэрэ кыргыллан, балаһыанньа төһө да сытыырхайдар, хоту туһаайыыга улахан көмөнү ыыппыттара. Сталинтан муҥура суох былааһы көҥүллэппит Лев Мехлис дьаһалынан аармыйа командующайыгар тиийэ дуоһунастаах генераллары туох да суута-сокуона суох строй иннигэр таһааран ытыалаабыттара. Улахан туһата да суох буоллар, суһал утары кимэн киириилэри тэрийбиттэрэ. Ленинграды фронт ис эрэ өртүттэн буолбакка, фронт тас өртүттэн көмүскээһин күүскэ саҕаламмыта. Куораты блокадаттан босхолоору, Волховскай фроҥҥа элбэх сүтүк тахсыбыта. 2-с ударнай аармыйа Ленинград фронт тас өртүттэн көмүскэлин биир толуга буолбута.

Кэнники Москва анныгар кимэн киириини мөлтөтөн да туран (Москва анныттан 1-кы ударнай аармыйа, 1-кы, 2-с гвардейскай стрелковай куорпустар), Мурманскайга барар тимир суолун көмүскүүр уонна Старай Руссаны босхолоон ньиэмэстэр хотугу бөлөхтөрүн 18-с, 16-с аармыйаларын Псков аннынан быһа анньан төгүрүйэн урусхаллыыр сыаллаах сэриилэһиилэрэ саҕаламмыттара. Бу сэриилэһиилэр барыта Ленинграды босхолуур  сыаллаах этилэр.

Оттон төгүрүктээһин иһигэр балаһыанньа хайдах этэй?

Адмираллар Арсений Григорьевич Головко уонна Владимир Филиппович Трибуц салалталарынан Хотугу уонна Балтийскай флоттар, Мурманскай куорат сэрии саҕаланыытын уолусхана суох, дьоһуннук көрсүбүттэрэ. Аҕа дойду сэриитигэр дойду иһин туруулаһыы сүрүн холобурдарынан буолбуттара. Кронштадт уонна Балтийскай флот улахан калибрдаах пушкалара Ленинград сүрүн хаххата этилэр. Сиринэн сэриилэһэр чаастарга флот мотуруостара сүрүн резервэ буолбуттара. Оттон Ленинград олохтоохторо бөҕөргөтүнүү, суол-иис тутарга туруммуттара. Ополчениелары тэрийэллэрин таһынан, сэриилэһэр чаастары сэриигэ туттуллар тэриллэринэн тиһигин быспакка хааччыйбыттара. Заводтар бары буомба, снаряд быыһыгар тохтообокко үлэлээн тиҥийэ-таҥыйа турбуттара. Сэрии былаһын тухары аччыктаан, тоҥон-хатан, өлөн-сүтэн, төһө да быстардаллар, куорат иһигэр эпидемия тахсыбатаҕа. Ленинград көмүскэлигэр Ораниенбаум плацдармата улахан оруолу ылара. «Невскэй пятачок» төһө да кыра буоллар, куорат блокадаттан босхолоноругар олохтоохтор сүрүн эрэллэрэ этэ. Блокада кэмигэр Ораниенбаум - Ленинград икки ардыгар сырыыны хааччыйар  «Малая дорога жизни», Ладога күөл нөҥүө «Дорога жизни», Ладога күөл эҥээринэн 18 эрэ күн иһигэр тутуллубут тимир суол «Коридор бессмертия» эбэтэр «Дорога Победы» хас биирдии ленинградецка сүрэхтэригэр иҥпитэ. Маннык эпизодтар баар буоланнар, инчэҕэй тирбэ быстыбатын курдук, Ленинград өйөбүллэнэн, блокаданы тыыннаах тулуйбута. Дойдуга Ленинград блокадатын эпопеятын умнуллубат өйдөбүллэрэ. Казах суруйааччыта Джамбул Джабаев «Ленинградцы, дети мои, Ленинградцы, гордость моя!» диэн куорат олохтоохторо бары ыараханы эрэллээхтик тулуйбуттарын, дойду барыта кинилэринэн киэн туттарын, кинилэргэ көмө оҥорорун суруйар. Ленинград былыр былыргыттан өстөөҕү  тумалыырын, билигин да кыайыаҕа диэн эрэлин сүтэрбэтин этэр:

«Многоглавый жадный удав

Сдохнет он у ваших застав…

Ленинград оборонатыгар уонна босхолонуутугар Саха сирин дьоно эмиэ баар этилэр, элбэх эдэркээн ыччаттарбыт уҥуохтарын хаалларбыттара. Холобура, Дубровка музейыгар 202 саха дьоно «Невскэй пятачок» көмүскэлигэр охтубуттарын суруйа сылдьаллар, өссө элбэхтэрэ буолуо диэн быһаараллар. Барыта Ленинград көмүскэлигэр блокадаламмыт ис да, тас да фроннарыгар төһө биһиги биир дойдулаахтарбыт сэриилэспиттэрин, олохторун да толук уурбуттарын аахпыт суоҕа буолуо.

Манна кыратык биир киһи туһунан кэпсээн, ахтан ааһыахпын баҕарабын. Кини туһунан Ньурба улууһун Маар бөһүөлэгин олохтоохторуттан да билэр биир эмэ киһи баара буолуо. Хас да бойобуой уордьанынан, мэтээлинэн бэлиэтэммит, Ленинград көмүскэлигэр сылдьыбыт Николай Иванович Васильев–Сөкөтөк эдэр сааһыгар Бодойбоҕо баран үлэлии сылдьан Бордоҥ ньургун уола Спиридон Скобелевы кытта билсиһэн, кинини кытта тэҥҥэ эҥээрдэһэн, гражданскай сэриигэ Амур өрүс эҥээринэн сэриилэспитэ. Бэйэтэ кыра, лахачак, кэтит сарыннаах, бука, эдэр эрдэҕинэ лаппа кыанар буолан Скобелев курдук эр бэрдин кытта тэҥнэһэн сырыттаҕа.

Дьэ бу киһи саҥата-иҥэтэ суох буолан, баара суоҕа биллибэт этэ. Кинилиин Маар электростанциятыгар бииргэ үлэлээн сылдьыбыт эрэ буолан билэбин. Хайдах сэриилэспитин кимиэхэ да кэпсээн ыһа-тоҕо сылдьыбатаҕа. Бииргэ үлэлии сылдьар ааттаах буоламмын арай сэрииттэн хараҕар бааһырыылаах кэлбитин истэрим. Контузиялаах, онон кини баарыгар мэнээк тыллаһымаҥ дииллэрин иһин сэрэхэдийэр да этибит. Кими да кытта улаханнык бодоруспутун өйдөөбөппүн. Кэлин сэрии туһунан ахтыыларга кини туһунан суруллубутун ааҕан баран сөхпүппүн өйдүүбүн. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Амурга катер рулевойа буола сылдьан, ыҥырыллан Москва, Сталинград анныгар, онтон Ленинград көмүскэлигэр сэриилэспит, онно бааһырбыт эбит. Сэрии кэнниттэн хайа түбэҕэ сылдьыбытын, тугу дьарыгырбытын билбэтим, кырдьар сааһыгар дойдутугар Маарга кэлэн кыратык үлэлии түһэн баран, мин үөрэххэ сылдьар кэммэр анараа дойдуга аттаммыт этэ. Бука, олоххо хайдах олорбутун курдук дьылыччы, туох да чиэһэ-бочуота, бэлиэтэ суох харайыллыбыт буолуохтаах. Туох эрэ дирбиэн-дарбаан баара буоллар, олохтоох киһи сиэринэн син истиэм этэ дии саныыбын. Ленинград блокадаттан босхоломмут үбүлүөйдээх сылынан бу кыайыыга тус кылааттаах Николай Иванович туһунан дьон биллин диэн ахтан ааһар эбээһинэһим дии санаан суруйдум.

Ленинград блокадаттан босхоломмут үөрүүтүн 80 сылын дойду барыта уруйдуу көрсөр, оннук да буолуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...