25.10.2022 | 12:00 | Просмотров: 578

Ленин проспегынан сырыыны сэтинньи бүтэһигэр аһыахтара

Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Ленин проспегар тырааныспар сырыыта сырдатыы тирээбиллэрэ уонна светофор эбийиэктэрэ турдахтарына, суолга куттал суох буолуута хааччылыннаҕына аһыллар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Главстрой» МХТ информациятынан, суолу арыйыы барыллаан болдьоҕо – 2022 сыл сэтинньи ыйын бүтэһигэ.

Ленин проспегын Кулаковскай уулуссатыттан Дзержинскэй уулуссатыгар диэри учаастагар, бүгүҥҥү күҥҥэ, таһынааҕы сырдатыы ситимин таҥыы,  светофор эбийиэктэрин уонна суол бэлиэлэрин туруоруу үлэтэ барар. Бэдэрээтчит «Дорстрой» ХЭТ тротуар бүрүөһүнүн оҥорон бүтэрэн эрэр. 

Кэлэр сылга аччыгый архитектурнай пуормалар, оптуобус павильоннара туруоруллуохтара, көҕөрдүү үлэтэ уонна болуоссат эбийиэктэрин оҥоруу ыытыллыаҕа.

Быйыл сырдатыы уонна светофор эбийиэктэрин ситимнэрэ быстах кэмҥэ саҥа тирээбиллэргэ ыйаныахтара. Сир аннынан ааһар хаабыл иккис түһүмэх учаастактар (Кулаковскай – Краснояров, Хабаров – Дзержинскэй) тутуулара бүттэҕинэ оҥоһуллар.

Манна даҕатан эттэххэ, Ленин проспегын Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастагар хапытаалынай өрөмүөнэ, хантыраак быһыытынан, 2023 сыл бүтэһигэр түмүктэниэҕэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.