Ленин проспегын өрөмүөнэ сэтинньи 30 күнүгэр түмүктэниэҕэ
Ленин проспегынан оптуобустар сырыыларын сөргүтүү өрөмүөн түмүктэммитин кэнниттэн быһаарыллыаҕа диир «Дьокуускай» телеграм-ханаал, «Главстрой» МХТ иһитиннэриитигэр олоҕуран.
Алексей Варламов, «Главстрой» МХТ дириэктэрэ:
— Хантыраак быһыытынан, Ленин проспегын өрөмүөнэ түмүктэнэр болдьоҕо – 2023 сыл сэтинньи 30 күнэ. Ити кэмҥэ диэри бэдэрээтчит хантыраакка көрүллүбүт үлэни барытын түмүктүөхтээх, ол иһигэр «тымныы» уонна сылаас тохтобуллары таҥааһыны, ититиигэ холбооһуну. Ити үлэни сэтинньи 20-с чыыһылаларыгар бүтэрэр былааннаахпыт. Ленин проспегынан оптуобустар сырыыларын сөргүтүү ити кэнниттэн быһаарыллыаҕа. Куорат баһылыга бэдэрээтчиттэртэн хантыраак болдьохторун тутуһалларын ирдиир соругу туруорда.
Интэриниэт ситимигэр олохтоохтор проспекка оҥоһуллубут оптуобус саҥа тохтобулларын түннүктэрэ алдьаммытын туһунан суруйаллар.
«Лена кинотеатр» тохтобулга өстүөкүлэтэ алдьаммытын быһаарсыахпыт, биричиинэтэ «вандализм» буоллаҕына буруйдаахтары көрдүөхпүт, полицияҕа сайабылыанньа суруйуохпут. Оттон матырыйаал дефектээх эбэтэр үлэ технологията кэһиллибит буоллаҕына – мэктиэлэммитин (гарантия) быһыытынан итэҕэс туоратыллыаҕа», – дииллэр «Главстрой» тэрилтэҕэ.