Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэннэ
«Главстрой» МХТ информациятынан, таһынааҕы сырдатыыны, сибээс оптическай линиятын уот ситимигэр холбооһун үлэтэ ыытыллар. Проспект бүттүүнүн үлэтигэр ити сабыдыаллаабата бэлиэтэннэ.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн, светофор эбийиэктэрэ саҥардылыннылар, уу лотуоктара, бэлэсэпиэт суола, аччыгый архитектурнай пуормалар уо.д.а. баар буоллулар. Итини таһынан 12 оптуобус тохтобула туруорулунна, итинтэн үһэ – сылаас.
Проспекка 14 навигационнай столбигы, «Московскай» сквергэ «өйдөөх» тирээбиллэри туруордулар, уопсастыбаннай туоналары тупсардылар, сквердэри сырдаттылар уо.д.а. үлэ ыытылынна. Проспект устун алта тыһыынчаттан тахса мастары уонна сэппэрээктэри олортулар.
Мэктиэлээһин эбэһээтилистибэтигэр олоҕуран, бэдэрээтчит биэс сыл тухары суол болотунатын уонна аҕыс сыл суол таҥаһын хаачыстыбатын иһин эппиэтинэһи сүгэр. Итэҕэс-быһаҕас баара билиннэҕинэ, бэдэрээтчит бэйэтин суотугар оҥорор.