Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ болдьоҕор түмүктэниэҕэ
Олунньу 16 күнүгэр, куорат баһылыгын уокурук сайдыытын боппуруостарыгар, тырааныспар өҥөтүгэр уонна тырааныспарынан хааччыйыыны тэрийиигэ солбуйааччыта Антон Алексеенко, Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн итэҕэстэрин туоратыыга оробуочай мунньаҕы ыытта диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Мунньахха «Главстрой» МХТ уонна бэдээрэтчик «Дорстрой» ХЭТ бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Санатар буоллахха, «Главстрой» МХТ суол оҥоһуутугар итэҕэстэри булан, бэдэрээтчиккэ туоратарыгар сорудахтаабыта. Бэдээрэтчик, мэктиэлиир эбэһээтэлистибэнэн, баар итэҕэстэри барытын туоратарын эппитэ.
«Бүгүн хаһыс да төгүлүн Ленин проспегын суолун болотунатыгар баар итэҕэстэри уонна алдьаныылары көрдүбүт, кинилэр араас көрүҥнээхтэр уонна кээмэйдээхтэр. Итилэри бэдэрээтчик лаборатория чинчийиилэригэр олоҕуран туоратыаҕа. Түмүктэри ыллыбыт даҕаны, аспаал хас биирдии учаастагын туһунан чопчу быһаарыы ылыллыаҕа», - диэн бэлиэтээтэ Антон Алексеенко.
Бэдээрэтчик, мэктиэлиир эбэһээтэлистибэнэн, бары ороскуоту бэйэтигэр ылынар. Кулун тутар ыйга диэри эбии боруобалары ылыыны, төһө бөҕөтүн тургутууну икки тутулуга суох лаборатория ыытыаҕа.
«Алдьаныылаах учаастакка болотунаны көтүрэн саҥа аспаал-бетон ууруоллуоҕа, 100-200 миэтэрэлээх улахан балаһаларынан үлэлиэхтэрэ», - диэн быһаарда Антон Алексеенко.
«Дорстрой» ХЭТ бэрэстэбиитэлэ Виктор Хобовец мэктиэлиир эбэһээтэлистибэнэн үлэ толору ыытыллыаҕа, Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ болдьоҕор түмүктэниэҕэ диэн эрэннэрдэ.
«Сакаасчык претензиялыыр үлэни барытын ыытта, туһааннаах аакталарга илии баттанна. Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн уопсай болдьоҕо оннунан хаалар, бэдэрээтчик мэктиэлиир эбэһээтэлистибэнэн ыйыллыбыт итэҕэстэри барытын туоратыаҕа. Үлэ былаан быһыытынан салҕанар», - диэн чуолкайдаата Антон Алексеенко.
Куорат баһылыгын солбуйааччы хапытаалынай өрөмүөн иккис түһүмэҕэ икки учаастагынан ыытыллыаҕа диэн эбэн эттэ. Бастакы учаастак – Орджоникидзе болуоссатыттан Хабаров уулуссатыгар диэри. Кулун тутар ыйтан Кулаковскай уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри өрөмүөн саҕаланыаҕа. Уулуссалары сабыы графига оҥоһуллан бигэргэтилиннэ, тырааныспар эргийэн сылдьар маршрута оҥоһулунна.