21.04.2023 | 16:48

Ленин проспега: Итэҕэстэр туоратыллыахтара

Ленин проспега: Итэҕэстэр туоратыллыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Главстрой» МКУ иһитиннэриитинэн, Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүгэр бүгүҥҥү күҥҥэ технологияны кэһии 7 түбэлтэтэ бэлиэтэммит. 
Ол курдук, хапытаалынай өрөмүөн иитинэн канализация дьаамалара ууруллубуттар. Холуодьастары уурууга тахсыбыт кэһиилэри бэдээрээттээх тэрилтэ бэйэтин суотугар туоратар. 
«Главстрой» МКУ суол тутуутугар салаатын тэхиньиичэскэй хонтуруолга салаатын сүрүн исписэлииһэ Денис Стецюк быһаарбытынан, суол саҥа таҥаһын ууруу дьайыытын кэтээн көрөр кыаҕы биэрэр термометрическай коса күһүн хойут ууруллан, аспаалы кутуу кыаллыбатах.
«Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн ыытыыга аспаал кырааската, хайдыы, иҥнэйии, тоҕо охсуллуу, олоруу о.а.д. курдук итэҕэстэри бэдэрээтчит бэйэтин суотугар көннөрөр. Суол таҥаһын олоҕун гарантията – 8 сыл, аспаал – 5 сыл», - диэн бэлиэтиир Денис Стецюк.
Ыам ыйыгар, халлаан сылыйдаҕына, суол таҥҥаһыгар өссө биир чинчийии ыытыллаары турар. Ол түмүгүнэн көстүбүт итэҕэстэр бэс-от ыйдарыгар туоратыллыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...