21.04.2021 | 16:08

Ленин проспега: хапытаалынай өрөмүөн сүрүн соруктара

2021-2023 сылларга Ленин проспегар “Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев сүрүн соруктары туруорар мунньаҕы иилээн-саҕалаан ыытта.

«Главстрой» муниципальнай хааһына тэрилтэтэ иһитиннэрбитинэн, бырайыак докумуоннарын судаарыстыбаннай экспертиза бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ.

Евгений Николаевич Кулаковскай уонна Киров уулуссаларын учаастагар үлэ ыытыллар кэмигэр сатыы дьон харгыстары көрсүө суохтаахтар.

“Бэдэрээтчит биллиэн иннинэ бытархай үлэлэри толоруохтаахпыт. Уот линияларын көһөрүөхпүтүн, светофордар эрэсиимнэрин уларытыахпытын наада. Ороскуот барыта хантараакка учуоттаныахтаах. Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ Кулаковскай уулуссатыттан саҕаланар”, – диэтэ куорат баһылыга.

Маны таһынан, уу сүүрэр систиэмэтин, көҕөрдүү боппуруостара көрүлүннүлэр.  

Евгений Григорьев олордуллубут мас иинэн-хатан, өлөн хаалбакка, үүнүөхтээх, силигилиэхтээх диэтэ. Көҕөрдүү үлэтэ туспа хантараагынан ыытыллыахтааҕын тоһоҕолоон эттэ. “Бэдэрээтчиттэргэ үлэ түмүгүнэн, мастар үүнэр буоллахтарына төлүүр курдук дьаһаныахтаахпыт”, – диэтэ.

Баһылык М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Ботаническай саадын специалистарыгар Ленин проспегын көҕөрдүүгэ сүбэлэрин этэллэригэр көрдөстө.

Суол үлэтин уонна уопсастыбаннай эйгэлэри тупсарыы салаатын начаалынньыга Николай Старостин уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын схемата оҥоһуллубутун кэпсээтэ. Кини эппитинэн, оптуобустар сэргэстэһэ сытар Лермонтов, Поярков, Ярославскай уонна Орджоникидзе уулуссаларынан сылдьар буолуохтара.

Бэлиэтээн эттэххэ, үлэ икки түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа. Бастакыта Саха АССР 100 сылын көрсө – 2022 сыл балаҕан ыйыгар, оттон иккиһэ 2023 сыл алтынньы 31 түмүктэнэрэ былааннанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....