Үлэни сүрэхтээх киһи киэргэтэр
Куорат сиригэр үлэни булар судургу
Сарсыарда аҕыс чаас, оптуобус иһэ толору киһи. Дьон барыта үлэҕэ, уһуйааҥҥа, оскуолаҕа тиэтэйэр. Мин куорат киинин «чинчийэр» санаалаах, Физико-техническэй кыһалҕалары чинчийэр институт диэки хаамтым. Оруобуна хаар күрдьэ сылдьар киһини көрөммүн, тутан кэпсэттим.
Гаврил Гаврильевич бу тэрилтэ тиэргэнин ыраастыыр эбит, быйыл саҥардыы үлэлии киирбит. Сэһэргэһээччим ыраас салгыҥҥа аргыый аҕайдык хамсанар доруобуйаҕа туһалааҕын кэпсиир. Ол эрэн быйыл хаһааҥҥытааҕар да тымныы кыһын ааһан эрэрин бэлиэтиир.
— Гаврил Гаврильевич, куоракка олохсуйбутуҥ ыраатта дуо?
— Куоракка Уус Алдан улууһуттан быйыл кыстыы диэн киирбитим, дьиэҕэ хаайыллан олорумаары, томороон тымныыны аһарда таарыйа, бу үлэни булбутум.
— Ээ, хайдах булбуккунуй?
— Этэрбэс араадьыйатынан буоллаҕа. Киһи, үлэлээх, дьарыктаах буолуон баҕардаҕына, үлэни баҕас куоракка хайдах баҕар булуохха сөп дии саныыбын.
— Бэйэҥ туох идэлээххиний?
— Урут эдэр эрдэхпинэ тыа ыалын сиэринэн сүөһү-ас тутан, сылгы ииттэн, балайда дьарыктаах буолар этим, өр сылларга сылгыһыттаабытым.
— Бу күннэргэ хаар бөҕөтө түстэ...
— Оннук, биһиги үлэбит халлаан туругуттан быһыччы тутулуктаах. Хаар, ардах түстэҕинэ, үлэбит элбиир.
— Үлэҕин ыарырҕатаҕын дуо?
— Ээ суох, туох ыарахана кэлиэй, хата, сөбүлээтим. Үлэтин ааһан, ыраас салгыҥҥа сылдьар, хамсанар туһата сыттаҕа эбээт.
Сүрэхтээх киһи туохтан да чаҕыйбат
Салгыы Октябрьскай уулуссаҕа турар «ВТБ” баан таһыгар эдэрчи көрүҥнээх, бэрт сыыдам туттунуулаах үлэһит сылдьарын көрөн, онно сүүрэн тиийдим. Маҥнай киһим сурунулааспын истэн баран аккаастаары гынан баран, аҕыйах ыйытыыга хоруйдаата.
— Дорооболоруҥ! Ээ, мин биэнсийэлээх киһи буоллаҕым... Быйыл наһаа хаардаах дьыл буолла. Тохсунньу уонна олунньу ыйбыт тымныыта да бэрт, аны бу күннэргэ үтүмэннээх хаар түстэ.
— Бэйэҥ тускунан кылгастык кэпсии түһэриҥ буоллар... Урут тугу үлэлээбиккиний?
— Оо, мин үлэлээбит сирим элбэх буоллаҕа дии. Милииссийэҕэ да үлэлээбитим, баһаарынай да чааска сулууспалаабытым. Куруук олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тутаах үлэлэргэ.
— Үйэлэригэр үлэлии үөрэммит дьон биэнсийэҕэ да тахсан баран быар куустан олорбот идэлээхтэр. Бу тиэргэн харбыыр дьон бары таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа үлэлиир наһаа бэрт хамсаныы буоллаҕа дииллэр.
— Оннук, ити саамай сөпкө эттиҥ. Сарсыарда сэрээккэ буоллаҕа, сытыахтааҕар, хамсаммын ордук. Дьоҥҥо да туһалаах, бэйэбэр да аҕыйах харчы биэрэллэр.
— Бу мунньуллубут хаары ким таһар?
— Тэрилтэ бэйэтэ массыына сакаастаан, дуогабардаһан тиэйтэрэр. Мин ып-ыраас гына чөмөхтөөн, сиппийэн биэрэбин. Кирилиэстэри сиппийэбин, подьезтары хомуйабын уонна тэлгэһэни ыраастык тутабын, бүттэҕэ дии.
— Саастыылаахтарыҥ үлэлээх, дьарыктаах киһи диэн ымсыыраллар дуу?
— Сааһыран истэҕиҥ аайы маннык эрэ үлэни сатыыр, кыайар буоллахпыт (күлэр). Биэнсийэлээхтэри мантан атын үлэҕэ ылбаттар да ини. Саастыылаахтарбар сэргиир даҕаны, сэргээбэт даҕаны дьон ханна барыай?! Бэйэм биэнсийэҕэ тахсар сылбар үлэбиттэн тохтообутум, эдэрдэргэ миэстэни туран биэриэххэ наада.
Бары күүһү – хаарга!
Мантан салгыы “Норд хаус” атыы-эргиэн киинин аттыгар улахан туонналаах массыына, погрузчик сылдьарын көрөммүн, кинилэргэ тиийдим. Биир эдэрчи уолу кытта аҕыйах тылы бырахсан ыллыбыт.
— «Якутдорстрой» үлэһиттэрэ буолбатаххыт быһыылаах. Ханнык тэрилтэҕитий?
— Ээ, суох, чааһынайдарбыт.
— Ээ, куораты кытта дуогабар түһэрсэн үлэлиир буоллаххыт.
— Ээ, биһиги дьиэ тиэргэнин эрэ хаарын тиэйэбит, суолтан буолбатах. Маны Салайар хампаанньа бэйэтэ быһаарар. «Якутдорстрой» тэрилтэ подьезд хаарын тоҕо таһыай?
Бу күннэргэ халыҥ хаар түһэн, куорат, тиэхиньикэтэ тиийбэккэ, кырдьык да, элбэх чааһынайы наймыласпыт буолуохтаах.
Үлэни киһи киэргэтэр
“Туймаада” эргиэн-аралдьытар киинигэр тиийдим. Биир үлэһит сылдьарын көрөммүн кэпсэтээри гынным да, киһим, хомойуох иһин, саҥарбат да, истибэт да эбит. Чэ, ол да буоллар хаартыскаҕа түһэрэрбин утарбата. Мантан салгыы Орджоникидзе болуоссатын диэки хаамтым.
Кыһыннары-сайыннары
Орджоникидзе болуоссатыгар тиийбитим, саараама, биир даҕаны хаар күрдьэ, ыраастыы сылдьар киһини көрбөтүм, хаардара лөглөйөн сытар. Норуот маастарын күнүнэн ыытыллар сэлэлии хаамыыга диэри бачча сылааска чиҥээн, туохха да кыайтарбат буолуох чинчилээх. Син сырыылаах болуоссат буолан, хата, сатыы дьон бэйэлэрэ ыллык тэлбиттэр. Ыллыгы батыһан, Олохтоох дьаһалта дьиэтин аттыгар тиийдим. Курашов уулуссатын, 1/1 дьиэтин таһыгар күөх сэлиэччиктээх үлэһити көрөн кэпсэттим.
Василий Дмитриевич Мылахов 2015 сылтан куорат тупсаҕай, ыраас буоларыгар күн өрөбүлэ суох кыһаллан үлэлиир эбит.
— Дорообо, бэйэҥ тускунан кэпсии түһэриҥ буоллар?
— Бүлүү улууһуттан төрүттээхпин, киин куоракка олохсуйбутум отучча сыл буолла, 63 сааспар үктэнэн сылдьабын.
— Эдэр эрдэххинэ ханна үлэлээбиккиний?
— Урут Дьокуускай куорат почтатыгар үлэлээбитим. 1988 сылллаахха үлэҕэ киирбитим, тиэргэн ыраастааччынан 2015 сылтан үлэлиибин.
— Хас чаас үлэлиигин?
— Арааһынай, халлаан туругуттан көрөн.
— Онтон сайын тугу гынаҕын?
— Сайын эмиэ үлэ тохтоло суох буоллаҕа, сэбирдэх бөҕө түһэр, дьон ыһар-тоҕор уонна сибэккигэ уу кутабын.
— Быйыл Саха сиригэр Үлэ сылын биллэрдилэр. Эн манна туох санаалааххын?
— Үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии, хата, тыа боростуой үлэһит дьонун элбэхтик сырдатаргыт буоллар, ол оруннаах буолуо этэ. Дьиҥнээх үлэһит дьон тыа сиригэр баар дии саныыбын. Үлэһит дьоҥҥо болҕомто ууруллара хайҕаллаах.
— Бу үлэни хайдах булбуккунуй?
— Дьонтон истэн булбутум.
— Үксэ саастаах дьон үлэлиир эбит дии.
— Эдэр дьон атын үлэлээхтэр буоллаҕа дии. Мин санаабар, устудьуоннар эҥин харчылаһа таарыйа үлэлиэхтэрин сөп этэ. Ээ, ханна таһаарабын диэтиҥ?
— «Киин куорат” хаһыакка.
— Ээ, почтаҕа үлэлээбит буолан билэбин эһиги хаһыаккытын.
Ити курдук, тымныыны тымныы диэбэккэ ордук аҕам саастаах дьон куораппыт ыраас, сырдык буоларыгар күннэтэ сыралаһаллар. Ыйытыыларга хоруйдаабыт, кэпсэппит дьоммор барыгытыгар махтал!