«Үлэ кыбаарталын» тутуутугар РФ Бырабыыталыстыбата көмөлөһөр буолла
Уһук Илиҥҥи субъектар олорор дьиэлэрин, тырааныспардарын уонна социальнай инфраструктураларыгар уопсайа 1,6 млрд солкуобай туһуланна.
Ити сириэстибэттэн 550 мөл. солкуобай Саха сиригэр тиксэр. Дьокуускай куораттааҕы «Үлэ кыбаартала» ситэри тутуллуутугар быйыл федеральнай бүддьүөттэн 200 мөл. солкуобай кэлиэхтээх. Креативнай кластер IT-исписэлиистэр, архитектордар, дизайнердар, мусукааннар, худуоһунньуктар уо.д.а. айар үлэһиттэр бизнес-инкубатордарын быһыытынан үлэлиэҕэ.
Санатар буоллахха, Арассыыйа регионнарыттан аан бастакынан Саха сиригэр креативнай экономиканы сайыннарар регионнааҕы концепция оҥоһуллан ылыныллыбыта. «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер тутуута өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн былырыын саҕаламмыта. Этиини федеральнай таһымҥа өйөөннөр, кластер тутуутугар «Биир кэлим субсидия» социальнай сайдыы кииннэрин сайыннарыы былаанын чэрчитинэн сириэстибэ көрүллүбүтэ.