26.02.2020 | 13:14

Үлэ киһини киэргэппэт, киһи үлэни киэргэтэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аҕа дойду сэриитин ыар дуораана сүүрбэһис үйэҕэ таарыйбатах ыала суоҕа буолуо. Биһиги төрөппүттэрбит бу алдьархай ааҥнаабыт сэрии сылларын эттэринэн-хааннарынан билэн, сэрии кэмигэр айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэрсэргэ олохторун анаабыт үтүө холобурдаахтар.

Биһиги аҕабыт Иванов Семен Дмитриевич, ийэбит Осипова Мотрена Федотовна оччотооҕу ыар кэм историятын кэрэһиттэрэ. Ийэбит сэрии саҕаланарыгар 14-15 саастаах кыыс эбит, бастакы сэриигэ ыҥырыыга түбэспиттэри от үлэтигэр сырыттахтарына хомуйталаан, байыаннай таҥастаах киһи илдьэ барбыт. Онно абаҕабыт Григорий баар эбит,  атааралларыгар ол дьон кэннилэриттэн күүстээх тыал түспүт, она кытта куһаҕан сыт саба биэрбитэ диэн кэпсиирэ. Ийэбит ыал улахан оҕото буолан, колхоз үлэтигэр кыратыттан сыстан, сэрии сылларыгар арыыһыттаан, саллааттарга үтүлүк, кээнчэ тиксэн, колхоз бары үлэтин толорсор эбит. Курааннаабыт дьылга колхозтарыгар Бүлүү сиригэр Күүлэккэ сатыы баран оттообуттар, онно саамай Түҥ өрүс салгыныттан саллыбытын кэпсээччи. Дьиппинийэн, харааран киһи кутун баттыыр этэ диирин өйдөөн хаалан, Бүлүүгэ олорбут кэммэр анаан-минээн аһылыктаах лодканан бара сылдьыбытым, чахчы, иэнэ кыра буолан баран, дьиппинийэн суостаах эбит этэ. Оччотооҕу сэрии оҕолоро оҕо саас диэни билбэккэ, от оттоһон, мас мастаһан, оҕус сиэтэн, бурдук тардан, үлэ ыараханын көрсүһэн, тоҥор-хааһар диэни билэн, бары ыараханы аастахтара. Күһүҥҥү хаһыҥҥа ынах хомуйалларыгар атах сыгынньах сылдьар буолан, атахтарын ириэрээри ынах сибиэһэй ханныгар үктэн туран, абыранан ылар этибит диэн кэпсиирэ ийэбит. Бааһынаҕа хаалбыт хортуосканы хаар түһүөр диэри лаппаахынан сири түөрэн хомуйаллар эбит. Биһи ийэбит Улуу Кыайыы өрөгөйүн тэҥҥэ үллэстэн, Сталин төбөлөөх медалынан наҕараадаланар чиэскэ тиксибитэ.

Саамай ыарахан кэм биһи аймахха сэрии бүппүт 45-46 сылларыгар бүрүүкээбитэ. Ханнык баҕарар общество салайааччы сатабылыттан улахан тутулуктаах. Ол аас-туор кэмҥэ биһи нэһилиэги үтүө санаалаах, дьон туһугар үлэтин анаабыт Илья Семенович Кутанов бэрт сатабыллаахтык салайан үлэлээбит. Доруобуйатынан мөлтөөн, кини Дьокуускайга эмтэнэ барарга күһэллибит. Илья Семеновиһы солбуйа хаалбыт бэрэссэдээтэл колхоһун дьонугар кыһынын биир да харыс көмөнү оҥорбокко, хоргуталыы сыспытын саас Дьокуускайтан Илья Кутанов эмтэнэн кэлэн, өлөр өлүүттэн быыһаталаабыта диэн үгүс дьон кэпсиирин элбэхтик истэр этим. Ол алдьархай ааҥныы сылдьыбыт кэмин биһиэхэ ийэбит кэпсиирэ сүппэт ыар өйдөбүл буолан хаалан, үгүс толкуйдатар түгэни үөскэтэр...

Ийэм аах аһыыр астара суох буолан, сулумах ууну иһэн утуйаллара үксээн, оҕолор ороҥҥо эрэ сытар турукка киирбиттэр. Эһэбит Федот Ефремович тутуу туруу үлэһитэ, сирэйэ дарбайа иһэн, кыайан хаампат буолбут киһи бэрэссэдээтэллэрэ куораттан кэлбит сураҕын истэн, кураанах салааскатын соспутунан өрүһүттэрэ барбытын Илья Кутанов көрдө көрөөт, дьик гынан, сөрү диэн сөҕөн, ыскылааттан бурдук оҕото, ынах төбөтө биэрэн, өлөр өлүүттэн быыһаабыт. Бу үтүө быһыыны кыра эрдэхпититтэн истэн, сырдык хараҥаны баһыйар, үтүө мөкүнү кыайар сирдээҕи олох кэрэ өйдөбүлүгэр сүгүрүйэ улааттахпыт. Илья Семенович Кутанов курдук үтүө дьон баар буолан, инникигэ эрэллээх буоллахпыт. Биһи төрөппүттэрбит аҕыс оҕону иитэн, барыбытын олох киэҥ аартыгар үктэннэрэн, үтүө санааларынан куорсун анньан, бары үлэһит дьон буолан, ыал-уруу тэринэн, оҕо-сиэн ууһатан, дьоммут үтүө ааттарын ааттатар халыҥ аймах дэтэн, үөрэнэ-үлэлии сылдьабыт.

Хаҥаласпыт сиригэр ыраас халлаан, иллээх-эйэлээх сыһыан, үтүө быһыы өрүү бар дьоммутун араҥаччылыы сырыттын, доруобай, чөл олох мэлдьи арыаллаатын.

Саха өрөспүүбүлүкэтин кыраайы үөрэтэр музейын методиһа Диана Семеновна Осипова

Биһиги аҕабыт Иванов Семен Дмитриевич урут, үөрэх тарҕана илик кэмигэр диэтэххэ, үөрэҕи ылынымтыа буолан, үлэтин суруксутунан саҕалаабыт. Хаҥаласка ийэбитин кэргэн ыларыгар огдообо хаалбыт буолан, кыыстаах кэлбит, эдьиийбит Маайаны ийэбит иитиһэн, кэлин Чурапчыттан Пономарёв Иннокентий диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, аҕабыт сиэннэрэ Чурапчы-Амма олороллор. Дьоммут биһигини үлэни өрө тутарга ииппиттэрэ. Аҕабыт үлэ киһини киэргэппэт, киһи үлэни киэргэтэр диирин оҕолорбор үөрэтэн, аны сиэннэрбэр такайабын. Мин начальнай кылааска үөрэнэрбэр почта саҥа аһыллыбытыгар аҕабытын ааҕара үчүгэй, суруксут диэн почтальонунан үлэҕэ ылбыттара, почта киинэ Маарга баара, онно начальнигынан Володя диэн киһи үлэлиирэ. Почтаны аҕабыт итии буоллун, тымныы буоллун, Маартан атынан аҕалара, эбии оскуолаҕа оһох оттооччунан үлэлиирэ. Хаһыаттары киинэҕэ оҕолорго түҥэтэрбин өйдүүбүн, аҕабар көмөлөһөн, улахан киһи курдук сананарым. 6-с кылааһы тахсыбыт сайыммар аҕабыт уоппуска ылан баран, миигин солбуттарбыта, массыынанан баран почта аҕаларым. Аҕабыт наар биһигини мөхпөккө налыччы быһааран сүбэлиирэ, кыыһыра сылдьарын букатын өйдөөбөппүн. Почта харчытын онно мин туттарыахтааҕым биллэр этэ, аҕам харчыны биэрдэхтэринэ ааҕан ылаар диэбитин наһаа өйдүүбүн, Маарга барарбар массыынан үөһэ турдахпына киһи (аатын ааттаабаппын) аҕалан биэрбитэ, хантан ааҕыамый, массыынабыт хоҥнубута, сиэппэр уктан бардаҕым дии. Ол киһи итэҕэһи биэрбит этэ, кэлин аҕабыт төлүүрүгэр, начальнига аҥардаһан, төлөспүт этэ, аҕабыт үтүө санаалаах дьон баар буолаллар диэн, начальнигын туһунан үчүгэйдик ахтааччы. Биүиэхэ анаан журнал аахтара аҕалааччы, харыстаан имиппэккэ ааҕарга кыһаллааччыбыт. Оҕолорум үөрэхтээх дьон буолуохтара дии-дии төбөбүн имэрийэн ылааччы. Биирдэ бу бэрт эрэйинэн журнал ыллым диэн миэхэ чөкө уурдаран кэбистэ, отой ылаайаххын диэн. Онтубут Маччасынова Венера диэн -кыра кыыска кэһиитэ эбит, тулаайахтар диэн сүрдээҕин аһынара, оҕомсох бөҕө этэ. Көрбүт эдьиийбит кыыһа Оксана ыалдьан балыыһаҕа киирдэҕинэ, кини киирсэн көрөөччү. Почтаҕа үлэлииригэр, лотерея билиэтин дьэ лаппа атыылаатым диэн биирдэ үөрэн, аһыы олорон ийэбитигэр кэпсээбитин өйдүүбүн, дьону кытта уопсай тылы булар эбит этэ. Кэлин Антонов Уйбаан үлэлии киирбитигэр, кинилиин уһуннук кыайан үлэлиэ суохпун диэн, атыыһыттаа диэбиттэригэр, уурайан атыыһыттыы барбыта. Биһи аҕабыт аһыныгас,  дьоҥҥо үтүөнү баҕарар майгылаах этэ. Почтаҕа, кэлин атыыһыттаан, балыыһаҕа завхозтаан үлэлээбит кэмнэригэр кимниин эмэ айдаарсыбыт аньыыта суоҕа, сүрдээх көнө, киэҥ көҕүстээх майгылааҕа, биһигини киһиэхэ үчүгэй өрүтүн көрөр буолуҥ, испиискэ сототун курдук үргүлдьү көнө, судургу киһи суох диирэ. Аҕабыт биһиэхэ холобур буолар, Аҕа быһыытынан, Үлэһит быһыытынан, Киһи быһыытынан биһиэхэ такайбыт сүбэтэ-амата, олоххо дьулуура, кытаанах санаата, амарах майгыта көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, Аҕабыт үтүө аата ааттана туруо.

Елизавета Семеновна Саввинова, Саха өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, С.Д. Иванов улахан кыыһа, Ньурба к. олохтооҕо

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...