28.12.2023 | 12:00

Үлэ күөстүү оргуйар

Киин уокурук управатын салайааччытынан 2022 сыл ахсынньы 29 күнүттэн Юрий Робертович Семенов ананан үлэлиир. Кинини сыллааҕы үлэтин кэпсииригэр көрдөстүбүт.
Үлэ күөстүү оргуйар
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Ыспыраапка: Киин уокурук сиригэр-уотугар 17 кыбаартал,  25 уулусса бааллар, 12 Салайар хампаанньа үлэлиир, 191 элбэх кыбартыыралаах дьиэлээх, ол иһигэр: 184 таас уонна 7 мас дьиэ. Уокурукка 44 174 киһи олорор, итинтэн 13 014 – эр дьон, 20 412 – дьахтар, 10 748 – оҕо.

Управа салайааччыта Юрий Семенов ыытыллыбыт үлэни кылгастык маннык сырдатта.

 

Быйылгы сүрүн соруктарбыт

1. Олох-дьаһах хомунаалынай эйгэтин кыһалҕаларын быһаарар үлэни тэтимирдии.

2. Оҥоһуллар өҥө хаачыстыбатын тупсарыы, ол иһигэр нэһилиэнньэни кытта интэриниэт мессенджердарын көмөтүнэн сибээһи олохтооһун.

3. 2023-2024 сыллардааҕы ититии сезона саахала суох ааһарын хааччыйыы.

4. Уокурукка тупсаран оҥоруу, көҕөрдүү уонна санитарнай ыраастааһын тэрээһиннэрин ыытыы.

5. «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырайыакка нэһилиэнньэ уонна тэрилтэлэр көхтөөх кыттыыларын хааччыйыы.

6. «Норуот бүддьүөтэ», «Аныгы куорат эйгэтин оҥоруу», «5 хардыы» олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамалары олоххо киллэрии.

7. «Азия оҕолоро» VIII-с Норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууга бэлэмнэнии тэрээһиннэрин хонтуруоллааһын.

8. Аҕа дойду көмүскээччитин, Аҕа күннэрин, 1 Маайы, Кыайыы күнүн, Туймаада ыһыаҕын, Куорат күнүн, Аҕам саастаах дьон күнүн, Ийэ күнүн, Арассыыйа Геройдарын күнүн, Саҥа дьылы көрсө бырааһынньыктары тэрийии.

9. Сокуоннай саастарын туола илик оҕолор буруйу оҥорууларын сэрэтиигэ туһуламмыт үлэни тупсарыы.

10. Туруоруллубут соруктары ситиһиигэ уокурук уопсастыбаннай тэрилтэлэрин оруолун үрдэтии.

 

Олох-дьаһах хомунаалынай эйгэтигэр улахан болҕомто ууруллар

Олох-дьаһах хомунаалынай эйгэтигэр ыытыллыбыт үлэ туһунан кэпсиир буоллахха, 2023-2024 сыллардааҕы кыстыкка эбийиэктэри бэлэмнээһин кэмигэр ыытылынна. Ититии систиэмэтэ сууйулунна, бэрэбиэркэлээһин (ревизия) 191 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ оҥоһулунна, 56 итинник дьиэҕэ ититии систиэмэтин турбаларын уларыттыбыт, 25 дьиэҕэ сорох сирдэринэн дьиэ сарайа уларыйда, итини таһынан уу ситимигэр, киин канализацияҕа сылааһы тутар матырыйаал уларытылынна, мас дьиэлэр таһырдьа турар туалеттарын өрөмүөннээтибит уо.д.а. үлэ оҥоһулунна.

Кыаммат ыалларга көмөлөһүү чэрчитинэн «Перспектива» Салайар хампаанньаны кытта Партизан Егоров 8-с №-дээх дьиэтигэр ититиини киллэрдибит, дьиэ эркинин тас өттүттэн сылытар матырыйаалынан бүрүйдүбүт, электрика ситимин уларыттыбыт. Биир кэмнээх көмө быһыытынан аахсыйа тэрийэн, 5 кыаммат уонна элбэх оҕолоох ыалга «НордВэй» ХЭТ (генеральнай дириэктэр Захаров Спиридон Матвеевич) бородууктанан көмөлөстө. Итини сэргэ, тыыл бэтэрээнэ Константинова Нина Ефимовна олорор Аммосов уулуссатын 4-с №-дээх дьиэтигэр түннүктэрин оҥордубут.

 

Нэһилиэнньэ олорор усулуобуйатын тупсарыы

Мас дьиэ пуондатыгар 5 «выгребной» дьааманы уларыттыбыт (Горькай уул., 59, Лермонтов уул., 35, Лермонтов уул., 60/2, Орджоникидзе уул., 25, Короленко уул., 46), итиэннэ Пушкин уул., 19 дьиэни көтүрдүбүт.

«СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрин пуондата» бырагырааманан 16 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн оҥоһулунна. Дьиэ иһинээҕи инженернэй систиэмэ, сарайдар, фасадтар, киирии ааннар, кирилиэстэр, дьиэ акылаата оҥоһулуннулар, уопсай хомунаалынай өҥө автоматизациялаах счетчиктара туруорулуннулар.

 

Тупсаран оҥоруу үлэтэ

«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан Лермонтов уул., 60, Ленин уул., 21 дьиэлэр тиэргэннэригэр тупсаран оҥоруу үлэтэ ыытылынна, маны сэргэ уокурук иһинээҕи уулуссалар өрөмүөннэрэ барда.

1-кы муниципальнай хантараагынан Асямов, Котенко, Ногин, Феликс Кон (Петр Алексеев өттүттэн киириигэ), Партизан Егоров, Курашов уул., 34 уонна 34/1 дьиэлэр икки ардыларынан киирэр суол, Поярков уул., 16 уонна 14 дьиэлэр икки ардыларынан киирэр суол, Поярков уул., 17/1 дьиэтин таһынан ааһар суол, Петр Алексеев уул., (Петр Алексеев, 87/7 диэри), Хабаров уул., 3, Ярославскай уул., 4 диэри, Чернышевскай уул., 12/1, Чернышевскай уул., 12/3 диэри, Шавкунов уул. (Пушкин уул., 26 өттүттэн), Стадухин уул., 63 (29 №-дээх оскуола өттүтэн киириигэ), Горькай уул. – Пушкин уул., 21 киириигэ, Петр Алексеев уул., 21, Короленко уул., 46 өрөмүөннэннилэр.

2-с муниципальнай хантараагынан Ломоносов уул., 48 Пушкин уулуссатын кытта быһа охсуһуута, Аммосов уул., 6/1, Петр Алексеев уул., 5, Петр Алексеев уул., 27/1, Ленин уул., 11, Короленко уул. – Шавкунов уул. – Лермонтов уул., 45 уул. диэри оҥоһулуннулар.

Кыбаартал иһинээҕи уулуссаларга Киллэм кумаҕа (901,55 куб. м), кутулунна, грейдэр үлэлээтэ (20 778 кв. м). Маны сэргэ аспаал бытархайынан кутуу үлэтэ ыытылынна: Стадухин уул., 63, Петр Алексеев уул., 75-79, Ленин пр., 11, Ярославскай уул., 6, Пушкин уул., – Ломоносов уул., Петр Алексеев уул., 5-3, Аммосов уул., 4/1, 6/1, Поярков уул., 17/1, Петр Алексеев уул., 21/1, 21/4. Барыта 250 куб. м. аспаал бытархайа кутулунна.

 

Үлэбит көрүҥэ киэҥ хабааннаах

2023 сылга кыбаартал иһинээҕи территориялартан, суолтан, намыһах сирдэртэн уопсайа 9 705,5 куб. м иэннээх халаан уонна ардах уута хачайданна.

Көҥүллэммэт сирдэргэ кутуллубут бөҕү тиэйиигэ болҕомто уурулунна. Ол курдук, 50-с, 150-с, «Б» кыбаарталлартан, Ленин уул., 7, Күөх хонуу территориятыттан, Петр Алексеев уул., 95/1 барыта 985 куб. м тиэйилиннэ. 28 152,8 куб. м иэннээх хаар таһылынна.

Сыл устата, муниципальнай хантараакка олоҕуран, бэдэрээтчит тэрилтэлэр 81 дьэллик ыты туттулар. 30 909 кв. м иэннээх хомус охсулунна.

Дьоҕус архитектурнай пуормалары туруоруу, оҕо уонна спорт балаһааккаларын өрөмүөнэ көхтөөхтүк ыытылынна. Ол курдук, Петр Алексеев уул., 73/1 – 2 ыскамыайка, 2 бөх кутар урна, 46 м усталаах оҕо балаһааккатын хааччахтыыр күрүө, оонньуур комплекс, хачыал, оҕо оонньуур кумаҕа оҥоһулуннулар.

Итини сэргэ, 11 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ араас хайысхалаах өрөмүөн ыытылынна. 

 

Көҕөрдүү үлэтэ

«Жирков» ИП («Зеленый рай») кытта муниципальнай хантараагынан 1 мөл. 800 тыһ. солк. кээмэйдээх суумаҕа 1698 мас олордулунна. Ити өҥөҕө көрүү-харайыы эмиэ киирэр. 

Итини сэргэ, уокурукка 173 332 сибэкки, 563 мас олордулунна. Саамай элбэх сибэккини элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр (45200 сибэкки), уокурук территориятыгар үлэлиир тэрилтэлэр (38526 сибэкки), үөрэҕирии тэрилтэлэрэ (25650 сибэкки) уо.д.а. олортулар.

Оттон ордук элбэх ахсааннаах мас «ЦАДС» Салайар хампаанньаҕа олордулунна – 150, Щорс күөлүн таһыгар – 110, Павлов скверигэр – 108.

Сыл устата уокурук территориятыгар 161 куорат уопсай субуотунньугун тэрийдибит, итиннэ 170 тэрилтэ, 1898 уокурук олохтооҕо кытыннылар, 2425 куул уонна 54 куб. м иэннээх улахан кээмэйдээх бөх хомуллан быраҕылынна.

Тимир гараастар

Быйыл тимир гараастары туруорар схеманы бигэргэтиинэн биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньаҕа буолбута. Итиннэ 11 аадырыс уонна 91 миэстэ бигэргэтиллибитэ, оттон 8 аадырыс уонна 42 тимир гараас турар миэстэтэ бигэргэтинии ааспатахтара.

Киин уокурук территориятыгар барыта 325 тимир гараас баар, итинтэн 175-һэ көҥүллээх,  185 – докумуона суохтар.

Көҥүлэ суох гараастары тиэйэр тэрилтэ – «Жилкомсервис» МУТ.  Былаан быһыытынан 89 гараас этэ, ону 128 тиэйилиннэ, инньэ гынан былаан 113% туолла.

Барыта 1221852,94 солкуобай суумалаах 175 гарааска көҥүл бэрилиннэ. Былаан туолуута – 137,44%.

 

Тэрээһиннэр

Уокурукка араас таһымнаах бэлиэ күннэргэ анаммыт 30 тэрээһини ыыттыбыт. Итиннэ быһа холоон кыттааччы уонна көрөөччү быһыытынан 647 киһи хабылынна.

Биһиэхэ араас уопсастыбаннай тэрээһиннэр үлэлииллэр, ол курдук, 18 чилиэннээх Дьахтар сэбиэтэ, 7 чилиэннээх, 40 активистаах Аҕалар уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрэ бааллар. 

Бүгүҥҥү күҥҥэ Киин уокурук Ыччатын сэбиэтэ тэриллэн эрэр, итиннэ С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педколледж, П.И. Дудкин  аатынан Сибээс уонна информационнай технология колледжын уонна Тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннара киирэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...