09.04.2022 | 12:00

Үлэ күөстүү оргуйар

Үлэ күөстүү оргуйар
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Киин куорат суолларын оҥоруу, өрөмүөннээһин үлэтэ күргүөмтээхтик барарын бары билэ-көрө сылдьабыт. Ол аайы бары да куораппыт тупсан иһэриттэн сүргэбит көтөҕүллэр.

Суол өрөмүөнэ салҕанар

Быйыл биһиэхэ дьоһун суолталаах сыл – Саха АССР төрүттэммитэ 100 уонна Дьокуускай куорат 390 сылларын бэлиэтиибит. Онон куораппыт күн-түүн тупсан иһэрин туһугар үлэ күөстүү оргуйар. Соторутааҕыта куорат баһылыга Евгений Григорьев «Арассыыйа 24» телевизионнай ханаал быһа эпииригэр тахсан, «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар өрөмүөн уонна тутуу үлэтэ толору ыытылларыгар саарбахтааһын суох диэн эрэллээхтик эппитэ. 

Ол курдук, быйыл үлэҕэ киириэхтээх кэккэ суоллар хантыраактара ааспыт 2021 сылга түһэрсиллэн, үлэтэ номнуо саҕаламмыта; холобур, Каландаришвили уонна Ильменскай уулуссалар, диэн бэлиэтээбитэ. Оттон бу күннэргэ куорат суолларын оҥорор бэдэрээтчиктэр чуолкайданнылар. «Главстрой» МХТ иһитиннэрбитинэн, олохтоох дьаһалта 2022 сыл кулун тутар 16 күнүнээҕи 435Р №-дээх дьаһалынан суол үлэтин 2022-2026 сыллардааҕы былаана бигэргэтиллибит. Докумуон 2022 сылга 1914,70 мөлүйүөн солкуобай кээмэйдээх лимиити олохтообут, итинтэн 1268,00 мөлүйүөнэ судаарыстыбаннай уонна 646,70 мөлүйүөнэ олохтоох бүддьүөттэртэн киирэр буолбут. Кэлэр 2023 сылга – 1800,00 мөлүйүөн солкуобай, 2024 сылга 2000,00 мөлүйүөн солкуобай суумалаах лимиит олохтоммут. 22 эбийиэккэ муниципальнай хантыраак түһэрсилиннэ, өрөмүөҥҥэ, саҥардан оҥорууга, тутууга уонна хапытаалынай өрөмүөҥҥэ бэрэдээтчиттэр “Дорстрой” ХЭТ, “Сахатрасстрой” ХЭТ, “РИК Автодор” АУо, “Сэттэ” ДРСУ, “Альянс-2005” ХЭТ, “Дороги Саха” САУо үлэлиэхтэрэ.

Быйыл саҥа 28 уонна эбии икки эбийиэк (Ленин проспега уонна Поярков уулуссата) бааллар. Оҥоһуллар суол уһуна – 34 км 615 м. Бэдэрээтчиттэри кытта түһэрсиллибит муниципальнай хантыраак уопсай суумата 1,8 млрд солкуобайтан тахса.

Киин куорат тырааныспарын инфраструктуратын хорук тымырын – Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ салҕанар. Кулун тутар бүтэһик күннэриттэн бэдэрээтчит суол эргэ буорун тэҥнии сылдьар. «Главстрой» МХТ техническэй хонтуруолун исписэлиистэрэ иһитиннэрбиттэринэн, үлэ толору кээмэйинэн бара турар, графиктан хаалыы суох. Ленин проспегын саҥардан оҥоруу киэҥ далааһыннаах бырайыагын суумата 1,5 млрд солкуобайга тэҥнэһэр. Өрөмүөн чэрчитинэн тротуардар уларыйыахтара, бэлэсипиэт суола оҥоһуллуоҕа, көҕөрдүү уонна сырдатыы үлэтэ ыытыллыаҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев бэлиэтээбитинэн, Суол пуондатыттан киин куорат уулуссаларын саҥардан оҥорууга уонна өрөмүөҥҥэ 1,27 миллиард солкуобай көрүллүбүт. Үлэ хаамыыта онлайн-эрэсииминэн көстөр. Миниистир эппитинэн, өрөмүөннэнэр уулуссалары таларга нэһилиэнньэ санаата салгыы болҕомтоҕо ылыллыаҕа.

Санатар буоллахха, 2021 сылга киин куоракка 48,2 км усталаах суол былааннаммыт өрөмүөнэ, саҥардан оҥоруута уонна тутуута түмүктэммитэ.

 

Сааскы түбүктэр

Куорат санитарнай туругун көрөр-истэр, ыраастыыр тэрилтэлэр сааскы түбүктэрэ саҕаланна. «Якутдорстрой» АУо үлэһиттэрэ хомунаалынай тиэхиньикэ көмөтүнэн унньуктаах уһун кыһыны быһа уулуссалар хаардарын күрдьэн, таһан таҕыстылар. Ол курдук, тэрилтэ кылаабынай инженерэ Александр Оданец иһитиннэрбитинэн, 2021 сыл алтынньы 12 күнүттэн 2022 сыл кулун тутар 31 күнүгэр диэри 481 тыһыынча 356 кубометр хаары ыраастаан, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигоҥҥа тиэйбиттэр. Кинини сааскы үлэ туһунан сырдатарыгар көрдөстүм.

Александр Оданец, «Якутдорстрой» АУо кылаабынай инженерэ:

Полигоҥҥа тиэйиллибит 481 тыһыынча 356 кубометр хаартан 327 тыһыынча 642 кубометры биһиги тэрилтэбит –  «Якутдорстрой», оттон 153 тыһыынча 714 кубометры атын тэрилтэлэр, уокуруктар управалара, чааһынай тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон тиэйдилэр. Хаары тиэйии – санитарнай ыраастааһын чэрчитинэн управалар, чааһынай тэрилтэлэр сылын аайы толорор үлэлэрэ. Биһиги управаларга полигоҥҥа босхо тиэйэллэригэр толуон биэрэбит, кинилэр ону чааһынайдарга түҥэтэллэр. Холобур, чааһынай дьиэлэргэ олорор биирдиилээн дьон хаардарын ити толуоннарынан полигоҥҥа босхо илдьэллэр. Билиҥҥи туругунан хаар Дьокуускай куорат бары уулуссаларыттан таһыллан бүттэ. 

Үгэс быһыытынан саас үлэбит өссө элбиир. Ол курдук, быһа холоон, муус устар ый 25 күнүттэн паардааһын (пропарка) үлэтэ саҕаланар. Итиннэ ууну ыытар лотуоктары ыраастааһын, турбалары ириэрии, халаан уонна ардах уутун сүүрдүү, биир тылынан эттэххэ, Дьокуускай куорат уулуссаларыттан ууну ыытыы, куораты ууга ыыппат туһугар үлэ киирэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги тэрилтэбит 12 биригээдэтэ (51 үлэһит паардааһыҥҥа), 16 уунан кутар-сууйар массыыната, 5 ППУ (паардыыр) массыыналара уонна 1 АСМ үлэлииллэр. Биһиги икки-үс массыыналаах звенолары тэрийэбит уонна эбийиэктэргэ ыытабыт. Холобур, Ильменскай уулуссаҕа Билибин уулуссатыттан саҕалаан ыраастаан, уу харгыһа суох барар усулуобуйатын оҥоробут. Ити курдук лотуок саҕаланар сириттэн бүтүөр диэри паардыы-паардыы сууйан бара турабыт.   

Итини таһынан биһиэхэ насоснай станциялар бааллар, онон намыһах сирдэртэн ууну хачайдыыбыт уонна турбалар ситимнэриттэн «Горканалга» диэри тиэрдэбит. Ити хайысханан үлэбитин түмүктээтибит, бары турбалар ситимнэрин паардаатыбыт, электронасостары барыларын муустан, кумахтан ыраастаатыбыт. Билигин лаппа сылыйдаҕына, хаар уута элбээтэҕинэ эмиэ насостарбытын туттуохпут.

Халлаан сылыйда даҕаны уулусса бордюрдарыттан илиинэн кыһыны быһа мунньуллубут кири-хоҕу, кумаҕы ыраастыыбыт. Хаар үлэтэ бүттэ да, муус устар 15 чыыһылаларыттан сайыҥҥы үлэлэри саҕалыыбыт. Ол курдук ити кэмтэн уулуссалары харбыыр массыыналарбытын таһаарыахпыт, бордюрдартан, газоннартан, сквердэртэн быылы, кумаҕы, бөҕү-саҕы хомуйуохпут. Биһиги үлэбитигэр, биллэн турар, төһүү күүһүнэн тиэхиньикэ буолар.

Хомунаалынай тиэхиньикэ туһунан этэр буоллахха, муус устар 15 күнүгэр диэри 18 устуука хомунаалынай тиэхиньикэ кэлэрин күүтэбит. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан ДЗ-98 алта грейдер, алта МТЗ тыраахтыр, хаары таһар массыына (погрузчик) уонна хомуостаах тыраахтыр (дьоҕус экскаватор) кэллилэр. Итиннэ эбии икки КАМаз «самосвал» тиэхиньикэни, кумаҕы ыһар, уунан кутар-сууйар массыыналары кэтэһэбит. Тиэхиньикэ атыылаһыытын Олохтоох дьаһалта толору үбүлүүр. Биһиги үлэбитигэр туох наадатын барытын куорат салалтатыгар биллэрэбит, кинилэр өттүлэриттэн күүстээх өйөбүл баар. Быйыл былаан быһыытынан от ыйын саҥатыттан балаҕан ыйыгар диэри сайаапкалаабыт тиэхиньикэбит барыта кэлиэхтээх. Кылгастык кэпсээтэххэ, бүгүҥҥү түбүкпүт итинник. Үлэ сылын аайы былаан быһыытынан, дьыл кэмиттэн көрөн баран иһэр. Биһиги сыалбыт – куорат ыраас буоларын ситиһии, ууга-хаарга барбатын хааччыйыы.

Муус устар 4 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев туһааннаах структураларга, хаар өлгөмнүк түспүтүнэн сибээстээн, тротуардары ыраастааһыны тэтимирдэн биэрэллэригэр сорудахтаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...