Үлэһит ийэ бырааба күөмчүлэниэ суохтаах!
– Оҕолоох дьиэ кэргэттэри өрөспүүбүлүкэ өйүүр.
– Ыччат оҕолонорго ыксаабат… Отутугар чугаһаан баран саҥа ийэ буолар дьахтар элбэх оҕолоноро саарбах...
– Үлэһит быраабын күөмчүлүүр түгэн элбэх.
– Кэлэктиип дуогабара – сүдү суолталаах докумуон.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Уопсастыбаннай кииҥҥэ үлэлиир ийэлэр бырааптарын тула төгүрүк остуол ыытылынна. Бу тэрээһин Ийэ Бүтүн Арассыыйатааҕы күнүн көрсө тэрилиннэ.
Анжелика Егоровна Андреева, «Биир ньыгыл Арассыыйа дьахталларын хамсааһына» федеральнай баартыйа бырайыагын сүрүннээччи, СӨ Дьахталларын тэрилтэлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ:
– «Биир ньыгыл Арассыыйа дьахталларын хамсааһына» бырайыак түөрт сүрүн хайысханан үлэлиир: анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр уонна байыаннай сулууспалаахтарга көмөлөһүү; кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэри сайыннарыы; урбаан уонна дьарыктаах буолуу, үлэнэн хааччыллыы; лидердэр оскуолалара, каадырдары бэлэмнээһин.
Бүгүҥҥү төгүрүк остуолбут идэлээх сойуустар лидерэ, эдэр актыбыыһа Василина Лукина көҕүлээһининэн тэрилиннэ. СӨ Уопсастыбаннай палаататыгар үлэлиирим быһыытынан, чааһынай тэрилтэлэргэ, урбаанньыттарга, ХЭТ-тэргэ үлэлиир дьахталлар үгүс боппуруостаах кэлэллэриттэн араас ыарахаттары көрсөллөрүн көрө-билэ сылдьабын. Бу тэрээһин түмүгүнэн сүбэ-соргу ылыныллыахтаах, онон инники үлэбит торумнаныахтаах.
СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин Демография уонна дьиэ кэргэн политикатыгар, эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа департаменын салайааччытын солбуйааччы Сардана Васильевна Самсонова “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр оҕолоох ыалларга ханнык өйөбүл көрүллэрин сиһилии кэпсээтэ. Кини иһитиннэрбитинэн, кэнники биэс сылга ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйүүр бырайыактары үбүлээһин 7,7 төгүл үрдээбит. Өскөтүн 2018 сыллаахха үбүлээһин кээмэйэ 3,5 млрд солк. эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү туругунан ити сыалга 26,5 млрд солк. көрүллэр.
– Демографическай көрдөрүүбүтүнэн Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьабыт. Ол эрээри, уопсай балаһыанньаны ыллахха, статистика кэпсииринэн, оҕо төрөөһүнэ аҕыйаан иһэр. Ыччат оҕолонорго ыксаабат. Дьахталлар үһүс уонна онтон кэнники оҕолорун төрүүллэрин суотугар нэһилиэнньэ ахсаана элбиир, – диэн иһитиннэриилээх буолла.
Национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ биэс араас өйөбүл (ол иһигэр оҕолоох дьиэ кэргэттэри үп-харчы өттүнэн) көрүллэр. Ол курдук, бастакы оҕоҕо – биир кэмнээх, үс сааһыгар диэри ый аайы бэриллэр төлөбүр. Иккис оҕоҕо – өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала. Үһүс оҕоҕо – үс сааһыгар диэри ый аайы бэриллэр төлөбүр. Быйылгыттан социальнай пуонда нөҥүө биир кэлим босуобуйа баар буолла. Бу ыйдааҕы дохуоттара кыра, кыаммат ыаллары өйүүр сыаллаах (бу туһунан «Киин куорат» хаһыат дөрүн-дөрүн сиһилии суруйар – Аапт.).
– Итини таһынан, 2022 сылтан «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал баарын санатабыт. Быйыл индексацияны учуоттаан, кээмэйэ 105 тыһ.солк. тэҥнэстэ. Бу биир кэмнээх төлөбүр, ыал дохуота ааҕыллыбат, оҕо дьиэ кэргэҥҥэ хасыһынан төрөөбүтэ оруолу оонньообот. Олорор усулуобуйаны тупсарыыга, тырааныспар атыылаһарга, үөрэнэргэ, эмтэнэргэ туһуланар. Быйыл СӨ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал болдьоҕун 2027 сылга диэри уһатылынна. Маны сэргэ, өссө биир хайысха эбиллэн биэрдэ – тус хапытаалы дьиэҕэ-уокка гаас ситимин киллэрэргэ туһанар кыах баар буолла, – диэн кэнники уларыйыылары билиһиннэрдэ.
Сардана Васильевна иһитиннэрбитинэн, үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар кинилэргэ бэриллиэхтээх сир учаастагын оннугар харчынан өйөбүл (200 тыһ.солк.) ылыахтарын сөп. Манна даҕатан эттэххэ, бу дьыл алтынньы 18 күнүгэр Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар итиннэ сыһыаннаах сокуон барылын сыныйан көрбүт, бастакы ааҕыыны ааспыт.
Статистика чахчыта кэпсииринэн, урукку сылларга дьахталлар ортотунан 24-25 саастарыгар бастакы оҕолорун төрүүр эбит буоллахтарына, билигин ити сыыппара 28-29 сааска тиийдэ. Манна даҕатан эттэххэ, орулуур отутугар чугаһаан баран саҥа ийэ буолар дьахтар элбэх оҕолоноро саарбах.
Сардана Самсонова этэринэн, бырабыыталыстыба ити сытыы кыһалҕаны быһаарар суоллары көрдүүр. Холобур, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 25-гэр диэри саастаах эдэр дьон, сокуонунан бастакыларын ыал буоллахтарына, биир кэмнээх төлөбүрү ылыахтара.
Дьахталларга ураты болҕомто ууруллуохтаах
Быраап боппуруостарыгар уонна судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэ судаарыстыбаннай инспектора Саина Алексеевна Местникова үлэһит дьахталлар бырааптарын туһунан кэпсээтэ. Кини үлэ эрэсиимин тутуһууга, хамнас төлөбүрүгэр туох кэһиилэр тахсалларын, ыстааты сарбыйыыга кимнээх таарыллыа суохтаахтарын холобурдаата. Кутталлаах, буортулаах производствоҕа үлэлиир дьахталларга ураты усулуобуйа тэриллиэхтээх. Аны туран, сорох тэрилтэ салайааччылара оҕолонон олорон баран үлэлэригэр тахсар ийэлэргэ уоппуска биэрбэт түгэннэрэ баарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Дьиҥэр, дьахтар эрдэ туһамматах уоппуска күннэрин ылан, күнүн элбэтиэн сөп диэтэ. Уопсайынан, эбии үлэни биэрии, түүҥҥү өттүгэр, бырааһынньыкка үлэлэтии, командировкаҕа күһэйэн ыытыы курдук кэһиилэр тахсаллар эбит. Ити үксүн хат дьахталларга, соҕотох ийэлэргэ, кыра оҕолоохторго сыһыаннаах. Аны хат дьахталлары үлэҕэ ылартан аккаастаныы түгэнэ эмиэ элбэх. Итини дьахтар быраабын күөмчүлээһинтэн атыннык ааттыыр сатаммат.
Эбии төлөнөр уоппуска, көмө харчы... Тэрилтэлэр үлэһиттэрин хайдах көҕүлүүллэрий?
СӨ Идэлээх сойуустарын федерациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Валентина Ивановна Кириллина балаҕан ыйыгар Москва куоракка үлэһит дьахталлар Бүтүн Арассыыйатааҕы бастакы форумнара ыытыллыбытын кэпсээтэ. Эһиил Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө Саха сиригэр эмиэ итинник форум тэриллэрэ былааннанар.
Валентина Ивановна өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ тэрилтэлэригэр кэлэктиип дуогабарын бары өттүнэн табыгастаах гына оҥоруу үтүө холобурдарын, үлэһиттэри, чуолаан дьахталлары өйүүр миэрэлэр, чэпчэтиилэр тустарынан сиһилии кэпсээтэ. Холобур, сорох тэрилтэлэргэ, кэлэктиип дуогабарыгар олоҕуран, үлэ биэрээччини кытта сөбүлэһэн туран, Ийэ Бүтүн Арассыыйатааҕы күнүнэн ийэлэргэ 1 күннээх эбии төлөнөр уоппуска көрүллэр эбит.
Үгүс тэрилтэ оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр, ыал буолууну биһириир араас миэрэлэри ылынар. Холобур, «Сахатранснефтегаз» ААУо-ҕа үлэлиир, 1-4 кылааска үөрэнэр оҕолордоох төрөппүттэр Билии күнүгэр 1 күннээх төлөнөр уоппуска ылыахтарын сөп. Биллэн турар, үлэ биэрээччини кытта сөбүлэһэн баран. Ыал буолар эбэтэр оҕолоро сыбаайбалыыр дьон эмиэ эбии күн ылыахтарын сөп. Маҥнайгы кылааска киирэр оҕолоох төрөппүккэ 1500 солк. көмө харчы көрүллэр. Ол туһунан 2021-2023 сс. тэрилтэ кэлэктиибин дуогабарыгар суруллубут.
СӨ Национальнай художественнай түмэлэ үлэһиттэригэр харчынан араас көмөнү оҥорор. Холобур, дьахтар оҕолонноҕуна – 10 000 солк.; ыал буоллахха, үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс сыбаайбалаахтарга – 10 000 солк.кырата суох харчы; элбэх оҕолоохторго – 5 000 солк. кырата суох көмө.
Ити курдук, үлэһиттэри көҕүлүүр араас суолу тобулуохха сөп. Кэлэктиип дуогабара, чахчы, үлэһиттэр интэриэстэрин өрө тутар, бырааптарын көмүскүүр (араҥаччылыыр да диэххэ сөп) сүдү суолталаах докумуон буоларын элбэх тэрилтэ холобуругар көрдүбүт.
Түмүккэ
Төгүрүк остуолга үгүс ыйытыы киирдэ. Инбэлиит оҕолоох ийэлэр бырааптарын көмүскүүр этии элбэх буолла. Төрөппүттэр: «Куорат уһуйааннарыгар ый аайы санитарнай күн биллэриллэрин утарабыт, тоҕо саатар күн аҥаара үлэлээбэттэрий?» – диэн туруорустулар. Чахчы, бу – элбэх оҕолоох ыалларга, аҥаардас ийэлэргэ сытыы кыһалҕа. Маны сэргэ, урбаанньыт дьахталларга улахан болҕомто ууруллуон наада. Бочуоттаах донор хаан туттарааччыларга харчынан көмө көрүллүбэт, ол иһин баҕалаах аҕыйах, эдэрдэр донор буолбаттар диэн аһаҕастык эттэ. Онтон да атын элбэх этии, баҕа санаа киирдэ. Тэрийээччилэр эппиттэринэн, барыта сүбэ-соргу быһыытынан сурукка тиһиллиэҕэ, туһааннаах тэрилтэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ тиэрдиллиэҕэ.