09.08.2021 | 12:00

Үлэ хаамыытын олохтоохтор биһирииллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 22 күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев куорат уокуругар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тэлгэһэлэрин тупсарыыга, тутууга, үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.

ОЛОХТООХТОР ХОНТУРУОЛЛАРА КҮҮСТЭЭХ

Баһылык бастакы пуунунан Лермонтов уулуссатыгар 23/2 уонна 23/3 дьиэлэр тэлгэһэлэрин дьиэлэрин кэрийэн көрдө. Бу эбийиэктэргэ  эргэ оҕо балаһааккатын  тутар-таҥар үлэлэр түмүктэннилэр. МКУ «Главстрой» иһитиннэриитинэн, билигин тутар-монтажтыыр үлэлэр ыытыллаллар, ону сэргэ суолу-ииһи, паркалары аспааллааһын үлэлэр ыытыллаллар. Санатан эттэххэ, бу эбийиэккэ бэдэрээтчитинэн ХЭТ «Сахатрансстрой» үлэлиир. Бэдэрээтчит от ыйыгар 13 мөл. солк. тахса суумалаах үлэни балаҕан ыйын бүтүүтэ түмүктүүр.

Дьиэлэр олохтоохторо бэлиэтээбиттэринэн, 1975 сылтан кинилэр тэлгэһэлэрин территориятыгар маннык киэҥ хабааннаах үлэлэр хаһан да ыытыллыбатахтар.

«Биһиги дьиэбитигэр-уоппутугар болҕомто ууруллубутугар олус үөрдүбүт. Бэдэрээтчиттэр түргэн туттуулаах оробуочайдар эбит, олус кыһамньылаахтык үлэлииллэр. Сарсыарда эрдэ саҕалыыллар уонна киэһэ хойут үлэлээн бүтэллэр, бөхтөрүн-сыыстарын мэлдьи хомуйаллар. Олохтоохтор тутуу үлэтин ыытыыга интэриэстээхтэр, онон биһиги өттүбүтүттэн бэйэбит ураты хонтуруолбут оҥоһуллар», - диэн Лермонтов уулуссатын 23/2 уонна 23/3 дьиэлэр олохтоохторо Наталья Шатунова уонна Екатерина Емелина санааларын үллэһиннилэр. 

ДЬОН ОЛОРОРУГАР ТУПСАҔАЙ
БУОЛУОХТААХ

Бэрэбиэркэ иккис көрүҥүнэн Петр Алексеев аатынан уулусса 7/2 дьиэтин тэлгэһэтэ буолла. Манна үлэ былааныттан 50% оҥоһуллубут. Ол курдук эргэ балаһаакканы тупсаран, саҥардан биэрдилэр, сатыы дьон хаамар тротуардарын уурбуттар, оҕо уонна спортивнай балаһаакка тупсарыыта, бытовой тобохтору хомуйуу, кыра архитектурнай халыыбтары туруоруу үлэлэрэ ыытыллыбыттар. Бэдэрээтчит тэрилтэнэн эмиэ ХЭТ «Сахатрансстрой» оҥорор. Муниципальнай контракт ыам ыйын бүтүүтэ 13 мөл. солк. тахса суумаҕа түһэриллибит.

 

ҮЛЭ СУОБАСТААХТЫК ОҤОҺУЛЛАР

Куорат уокуругун тиэргэнигэр тутуу- монтажтыыр үлэлэр мониторинг кэнниттэн куорат баһылыга Евгений Григорьев куорат олохтоохторо үлэни сыаналыыр уонна үлэ хаамыытын туһунан хайҕыыр буоллахтарына, үлэ былаан быһыытынан ыытылларын уонна графигынан толоруллалларын бэлиэтээтэ.

ОЛОХТООХТОР САНААЛАРА УЧУОТТАНАР,
ОЛ ИННИТТЭН...

«Эбийиэктэри бэрэбиэркэлээһин кэмигэр, ууну ыраастыыр үлэлэргэ булгуччулаахтык толорууга хонтуруол барар. Ол курдук кыбаартал иһинээҕи уу лотоктарын магистральнай лотоктары кытта сибээстээхтэр. Уу ааһар лотоктарыгар ардах уута кутуллубатын туһугар, дьиэ-уот  бырайыактарын  кытта ыкса сибээскэ тирэҕирэллэр. Үлэ хаачыстыбалаах, тупсаҕай, баараҕай буоларыгар куорат олохтоохторун баҕа санаалара барыта учуоттанар", - диэн түмүктээтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.

 

Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгы сылга Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев быһаарыытынан, Дьокуускай куоракка тиэргэн тупсарыытыгар  15 тиэргэн оҥоһулларыгар 150 мөлүйүөнү үбү көрбүтэ.

Дьокуускай куоракка элбэх кыбартыыралааэ дьиэлэр тэлгэһэлэрин тупсарыыга тутар-монтажтыыр үлэлэр балаҕан ыйын бүтүөр диэри барыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....