16.12.2022 | 17:00

Лаглайбыт күөх харыйачаан

(Быйыл сыаната төһөнүй?)
Лаглайбыт күөх харыйачаан
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьокуускайга саҥа дьыллааҕы харыйа сыанатын үөрэтэн көрдүбүт. Биллэн турар, таларга саамай элбэх харыйа арааһа уонна удамыр сыаналааҕа "Столичнай" ырыынакка кытай табаарыстарбытыгар баар.

Быйыл харыйа сыаната 5000 солк. саҕалаан 16000 солк. тиийэ буолбут.

 

Харыйаны үс көрүҥҥэ араарабыт:

– Кутуу (литые) – эрэһинэттэн, пластиктан кутуллан оҥоһуллубут, тыыннаах харыйаҕа ордук майгынныыр. Сыаната барыларыттан ыарахан: 270 см үрдүктээх – 16000 солк.

– Булкаас (смешанные) – кутуу лабаалары кытта леска лабаалар холбоммуттар. Уоттаах-күөстээх, оонньуурдаах буолуон сөп. Сыаната: 270 см – 9000 солк.

– ПВХ-тан оңоһуллубут искусственнай харыйа. Хойуу лабаалаах, хомуйарга, туруорарга судургу оңоһуулаах, хаар курдук маҥаннаах эбэтэр араас өҥнөөх уоттаах буолуон сөп. Сыаната 5000 солк. саҕаланар.

Харыйаны сыана аҥаарыгар ахсынньы 31 күнүгэр ылыахха сөп.

 

Тыаттан кэрдиэн баҕалаахтарга

Лаглайбыт күөх харыйаны (бэһи эбэтэр дьиҥнээх харыйаны) бэйэҕит кэрдэн ылыаххытын баҕарар буоллаххытына, "Дьокуускайдааҕы лесничествоттан" (Курашов уул., 46) көҥүл ылыахтааххыт.

 

Биир киһи иккиттэн элбэх маһы кэрдибэт. Лесничествоҕа пааспардаах тиийэн дуогабар түһэрсэҕит.

Маһы кэрдэн ылыы сыаната ортотунан 150 солк. Сыаната мас төһө үрдүгүттэн тутулуктаах.

Дуогабар түһэрсэн баран ыйыллыбыт сиртэн маскытын кэрдэн ылаҕыт. Барыта биир күн ситиһиллиэн сөп. Дуогабар 2-3 нэдиэлэ болдьохтоох буолар.

Билсэр төл.: 32-03-15

 

Тыыннаах харыйаны атыылаһыы

Тыыннаах харыйаны “Якутлесресурс” тэрилтэттэн атыылаһыахха сөп ( Кеша Алексеев уул.,  9/1).

 

Сыаната:

1,5 м диэри үрдүктээх харыйа – 1200 солк;

2 м диэри – 1400 солк;

2 м үрдүк – 1500 солк.

 

Бэс мас: 1,5 м диэри – 1000 солк;

2 м диэри – 1300 солк;

2 м үрдүк – 1600 солк.

 

Болбукта лабаата – 500 солк.

 

Атыы барыллаан ахсынньы 15 күнүттэн саҕаланыахтаах.

Дьокуускайга сыллата 2000 устуука тыыннаах харыйа атыыланар. "Якутлесресурс" үлэһиттэрэ кэпсээбиттэринэн, "табаардара" хамаҕатык атыыланан ахсынньы 25 күнүгэр олоччу бүтэр үгэстээх.

 

Үлэлиир эрэһиимнэрэ:

10.00 - 15.00 чч., халлаан сырдыгар. 

 

Санатан эттэххэ, көҥүлэ суох маһы кэрдии ыстарааба – 3-4 тыһ. солк. Айылҕаҕа оҥоһуллубут хоромньу суумата 5000 солк. таҕыстаҕына, холуобунай дьыала көбүтүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....