19.10.2023 | 10:00

Өлүөнэ өрүһү алтынньы 25 күнүгэр диэри туораталлар

Өлүөнэ өрүһү алтынньы 25 күнүгэр диэри туораталлар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ ЫБММ иһитиннэрбитинэн, халлаан күн-түүн улам тымныйан иһиититтэн уу эбийиэктэрэ мууһуран эрэллэр, үлэлиир паром ахсаана аҕыйаата.

Саха сирин Тырааныспарга министиэристибэтин дааннайдарынан, Өлүөнэ өрүһү туоруур «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх – Дьокуускай» маршрутунан сырыы, халлаан туругуттан тутулуга суох, алтынньы 25 күнүгэр диэри салҕаныаҕа. Билиҥҥи кэмҥэ өрүһү «Саха сирин паромнара» ХЭТ 13 суудуната туоратар. Паром үлэлиир бириэмэтэ урукку – 05:00 чаастан 00:00 чааска диэри.

Муус халыҥаатаҕына паром сырыыта тохтотуллар, ол оннугар ыарахан уйуктаах буксир тахсыаҕа. Итиэннэ ледокол көмөтүнэн кыһыҥҥы туоруур суол бэлэмнэниэҕэ.

«Ытыктабыллаах суоппардар, айаҥҥытын эрдэттэн, паромунан туорааһын сабыллыан иннинэ былааннааҥ, ол иһигэр таһаҕас тиэйиитин. СӨ ЫБММ Кылаабынай управлениета, мууһунан сырыы официальнайдык арыллыан иннинэ, Өлүөнэ өрүһү уоран туорааһын кытаанахтык бобулларын туһунан санатар», — диэн СӨ ЫБММ иһитиннэрдэ.

Сезон икки ардыгар пассажирдары «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх – Дьокуускай» маршрутунан 26 салгын уйуктаах суудуна таһыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...