19.01.2024 | 11:30

Өлүөнэ муостатын тутуу олунньуттан саҕаланар

Өлүөнэ муостатын тутуу олунньуттан саҕаланар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 17 күнүгэр Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ сырыытын түмүгүнэн дойду бырабыыталыстыбатын мунньаҕар Өлүөнэ муостатын тутуу боппуруоһа эмиэ көтөҕүлүннэ.

Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Марат Хуснуллин дойду баһылыгар хоруйдаабытынан, Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу боппуруоһа букатыннаахтык быһаарыллыбыт, үбүлээһин көрүллүбүт, үлэ олунньу ыйтан, улахан тымныылар бүттэхтэринэ, саҕаланаары турар.

«Маҥнай тутааччылар олорор бөһүөлэктэрин уонна производственнай баазалар, хомуйар-таҥар сыахтар балаһааккалара оҥоһуллар», – диэн иһитиннэрэр СӨ Тырааныспар уонна суол тутуутун миниистирэ Владимир Сивцев.

График быһыытынан, быйыл Табаҕа протокатынан технологическай муоста уонна муоста акылаатын конструкцияларын оҥорор балаһаакка тутуллар. Өрүс биир кытылыгар үлэһиттэр олорор уонна матырыйаалы харайар балаһааккалар оҥоһуллаллар.

Санатар буоллахха, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста 2024-2028 сылларга былааннанар, диэн иһитинэрэр Ил Дархан уонна  Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...