27.09.2023 | 17:00

Лөгөй оҕуруотчуттарын түбүктэрэ тохтообот

Кинилэр бары – ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ, сатабыллаах хаһаайкалар. Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин Күбэй хотуттара күннээҕи түбүктэн ордон, кэрэни кэрэхсээн сибэкки, мас, оҕуруот арааһын олордон, бүөбэйдээн, сайынын дьиэ дьонун күндүлээн, ылсан-бэрсэн, санаа атастаһан, биир сүбэнэн олороллор.
Лөгөй оҕуруотчуттарын түбүктэрэ тохтообот
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Ону таһынан бөлөхтөрүгэр кэпсэтиинэн, уопут атастаһыынан эрэ муҥурдамматтар, араас аахсыйа тэрийэн ыыталлар, кыамматтарга көмөлөһөллөр, дьаарбаҥкалары тэрийэллэр. Бөлөхтөрө оҕуруот хомулунна диэн тохтоон хаалбат, аны билигин күһүҥҥү кэмҥэ мастары олордуу, тууһааһын, кыһыҥҥы хаһаастар ырысыаптарын ылсыы-бэрсии дьэ саҕаланна.

Элбэҕи суруйа барбакка, бөлөх салайааччыта, Лөгөй орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара Надежда Егоровна Бурнашева кэпсээнин истиэҕиҥ:

– 2019  сылга бассаап бөлөх арыйбытым. Онно ким баҕалаах, оҕуруотчуттар, оҕуруот олордуон баҕалаахтар киирбиттэрэ. Сыл аайы элбээн испиппит. Тугу билэрбитинэн бэйэбит уопуппутуттан үллэстэрбит, арассаада атыылыырбыт, атастаһарбыт.

Быйыл  сүбэлэһэн баран  “Лөгөй оҕуруотчуттара” диэн ааттанан  түмсүү тэринэргэ быһаарыммыппыт. Бөлөхпүтүгэр 118 киһи баар. Тохсунньу ыйга оҕуруот аһын, сибэкки олордуутун тиэмэтигэр биир дойдулаахпыт, агроном идэлээх Мария Семеновна Мигалкина сүбэ-ама биэрбитэ, араас сиэмэлэри, уоҕурдуу атыылаабыта. Саас ыам ыйыгар кырдьаҕастарга, кыамматтарга, инбэлииттэргэ, СВОҕа сылдьааччылар ийэлэригэр “Сүрэхпит сылааһын бэлэх уунабыт” диэн аахсыйа тэрийбиппит. Аахсыйаҕа 60-ча оҕуруотчут кыттыыны ылан, сибэкки, оҕуруот аһын арассаадатын бэлэх ууммуппут. Маны таһынан дэриэбинэбит сибэккинэн киэркэйэригэр Кыайыы болуоссатыгар, Суоппардар сквердэригэр сибэкки олордубуппут.

Быйыл  аан бастакытын  “Бастыҥ оҕуруот уонна саад” диэн күрэх тэрийдибит. Манна 4 номинациянан барыта 13 хаһаайка кытынна. Биир дойдулаахтарбыт (Наталья Кычкина, Мария Аманатова), эр дьон түмсүүтүттэн (Анатолий Бурнашев, Петр Перевалов, Захар Колодезников) “Саһарҕа” түөлбэ, олохтоох дьаһалта, маҕаһыыннар (“Семья”, “Сардаана”), П.П. Оготоев аатынан сынньалаҥ киинэ спонсордаатылар, күүс-көмө буоллулар. Бу күрэҕи эһиилги сылга эмиэ тэрийэн ыытар былааннаахпыт.

Соторутааҕыта икки түмсүү кыттыһан “Көмүс күһүн бэлэҕэ”  норуот күүлэйин тэрийдибит. Оҕуруот аһын быыстапката, араас күрэхтэр, “Корзина добра” аахсыйа ыытылынна. Онно барыта 38 оҕуруотчут кыттыыны ылла.

Маны таһынан нэһилиэкпит дьонугар араас мастары сакааһынан аҕалан атыылаатыбыт, мантан инньэ Кыайыы болуоссатыгар уонна Суоппардар сквердэригэр мас олордуутун саҕалыыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....