Кыыс: «Краш баайи уол ди»
Аныгы ыччаты кытта алтыһар күннэтэ уустугуран эрэр диэххэ сөп эбитэ дуу... Аҥаардас туттар тылларын-өстөрүн даҕаны киһи дэбигис өйдөөбөт буолла. Эмиэ да сахалыы саҥарарга дылылар эрээри, этэргэ дылы, «эриэхэбэйэ» сүрдээх.
Биһиги, сахалыы тыллаах хаһыат буоларбыт быһыытынан, ийэ тылбыт ханнык таһымҥа тиийбитин, сайдыбытын дуу, таҥнары түспүтүн дуу интэриэһиргээн, ыччат социальнай ситимнэргэ суруйсар, санаа үллэстэр тылларын чинчийэн көрдүбүт.
Аныгы кэм ыччата күн ахсын ханнык тыллары туттар эбитий?
«Индь» – эҥин;
«Яблочнай» – кырдьык оннук;
«Ииндинда» – Эҥин диигин дуо?;
«Һэс да» – Эҥин диигин дуо?;
«Кринж» – кыбыстыы;
«Иһит эрэ сууйумаары» – ханнык эрэ дьыалаттан куотунуу;
«Айабен» – Айабыын!;
«Мамбет» – мөлтөх киһи;
«Тобук» – бырабаал;
«Чүөч» – чүөчэ;
«Дьэч» – дьээдьэ;
«Чукурушка» – минньигэс киһичээн;
«Бытта» – Буолбат дуо!;
«Пруф» – дакаастабыл;
«Хайп» – айдаан;
«Чил» – сынньаныы уонна релакс;
«Гон» – сымыйалаама;
«Ньоо» – манньытан этии;
«Чоккай» – бэртээхэй;
«Эи» – өйдөнөр;
«Шоулуу бардыбыт» – күүлэйдии ыҥырыы;
«Крдк» – курдук;
«МБ» – Оннук буолуон сөп!;
«Бро» – быраат;
«Махталитет» – махтал;
«Вайб» – үчүгэй настырыанньа;
«Краш» – кыраһыабай;
«Крашиха» – кыраһыабай кыыс;
«ЖБ» – железо-бетоннай;
«Эс» – буойсуу;
«Деребас» – дэриэбинэттэн төрүттээх;
«Рофл» – (шутка);
«Харчы голяк» – харчы аҕыйах;
«Сэйм» – эмиэ;
«Кэлээч – кэллим;
«Бараач» – бардым;
«Тахсаач» – таҕыстым;
«Утуйаач» – утуйдум;
«Гаазтаа» – түргэтээ, ыксаа;
«Газгеннаа-а» – түргэнник айаннаа;
«Баи» – баҕайы;
«Игн» – игин;
«Ото» – онтон;
«Ваще» – вообще;
«Ая» – айка;
«Пж» – баһаалыста;
«Кдьык» – кырдьык;
«Уол оҕото»;
«Кыыс оҕото»;
«Трэш» – ыарахан балаһыанньа;
«Оодьэ» – оо, дьэ;
«Жиза» – олоххо баар;
«Пранк» – дьон өйүн сүүйүү;
«ЛП» – чугас дьүөгэ;
«Личка» – бэйэҥ нүөмэргэр;
«Оччо» – оччоҕо;
«Ару» – күлүү-элэк;
«Без быара» – аһары күлүүлээх;
«Сарбаҥнаан» – ыһылла-тоҕулла сылдьар киһи;
«Танцполу хайа тардарга» – мантан киэһээ ханна эрэ барардыы улахан былаан;
«Туоль алльяхайай» – туох алдьархайай;
«Найс» – үчүгэй;
«Норм» – үчүгэй;
«Газлайтер» – дьон эмоциятынан оонньуур киһи.
Бу тыллары биһиги ыччатарбыт күннэтэ тутталлар. Онон, хомойуох иһин, сорох төрөппүттэр, оҕолорун кытта алтыһар туһуттан, бэйэлэрэ да билбэттэринэн тылларын саппааһын бу омуга биллибэт тылларынан «байыппыттара» олоххо баар суол.
Оттон маннык тыллары туттар дьон оҕолоро, эһиги санааҕытыгар, хайа омукпут дэнэ улаатыахтарай?
«ВИП» — саха кыыһын уобараһа
Олохпут сайдан буолуо, уулуссаҕа да, социальнай ситимнэргэ да кыраһыабай кыыс элбээбит. Онон сиэттэрэн аныгы саха кыыһа дьулуһар ВИП уобараһын оҥордубут. Кини хайдаҕый?
Улахан уос;
Бренд суумка (аччаабыта 3 устуука);
Олордуу тыҥырах;
Олордуу кыламан;
Муус маҥан олордуу тиис (винир);
Киис саҕынньах;
Сахалыы таҥас кэмпилиэгэ;
Сахалыы киэргэл кэмпилиэгэ;
Ыас хара киис этэрбэс;
“Toyota Land Cruiser 200”, “Toyota Land Cruiser Prado” эбэтэр “Toyota RAV4”массыына;
Сахалыы истииллээх спортивнай көстүүм;
Бас билэр кыбартыыра;
Сэргэлээххэ эбэтэр куорат киинигэр чааһынай дьиэлээх уһаайба;
Икки эбэтэр үс үрдүк үөрэх;
Хамнастаах эрээри сынньалаҥ үлэ;
Бас билэр салон, ресторан;
Айылҕаны харыстыыр, дьон олоҕун тупсарар бырайыактары көҕүлээһин;
Ыал буолар, оҕо төрөтөр туһунан толкуйдуурга ыксаабат;
Омук тылынан төрөөбүт тылыттан ордук саҥарар, кытай, кэриэй тылларан баһылаабыта ырааппыт;
Социальнай ситимигэр элбэх сурутааччылаах, күн ахсын хаартыскатын таһаарар.
“ВИП” саха эр бэрдин уобараһа
Онтон аныгы уолаттар дьулуһар ВИП-уобарастара хайдаҕый?
Спордунан дьарыктанар, бэйэтин быһыытын-таһаатын көрүнэр;
“Toyota Land Cruiser 200” тимир көлө;
Оптикалаах саа;
“Yamaha” мотуордаах тыы;
Чааһынай омук бөртүлүөтэ;
Бултууругар “Сокол” квадроцикл;
Бас билэр бизнес (таҥас, булт маҕаһыына, тутуу, уот, гаас киллэрэр, хамсаабат баайы-дуолу атыылыыр тэрилтэ уо.д.а.);
Дьокутаат буолар туһуттан политиканы сэргиир;
Социальнай ситимигэр хаартыскаларын таһаарар;
Үөрэхтээх уонна булгуччу бааһынай кыргыттары сэҥээрэр;
Сылга иккитэ тас дойдуга тахсан сынньанар;
Төрөппүттэрин олус таптыыр;
Электроннай табаҕы сиэбигэр куруук укта сылдьар;
Социальнай хабааннаах кыһалҕаҕа кыттыһа сатыыр.
Көстөрүн курдук, чөл олоҕу тутуһар, спордунан дьарыктанар, хастыы да үрдүк үөрэхтээх, уопсастыба кыһалҕаларын быһаарарга дьулуһар ыччаттар кэмнэрэ кэлбитэ үчүгэй курдук эрээри, омугун үгэстэрин, култууратын, историятын, тылын харыстыыр, сайыннарар туһунан толкуйдуур ыччат аҕыйаабыта харахха быраҕыллар.