10.07.2021 | 21:00

Кыыл да хомойор

Кыыл да хомойор
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҕо сылдьан киһи өр, уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, быһымахтык быһыыланан ылар түгэннэрэ баар буолар буоллаҕа. Биир киһи оҕо сылдьан дьонугар хотоҥҥо көмөлөһө сылдьыбыт түгэннэриттэн кэпсээбитин тиэрдэбин. Хотоҥҥо тахсарыгар атаҕар уп-улахан хайыһар курдук холуоһаны иилинэр эбит. Арай биирдэ, оҕо буолан сүрэҕилдьии-сүрэҕэлдьии, ынаҕын ыы олорбут. Аралдьыйан олорон ынаҕа холуоһатын үктээбитин өйдөөн көрөөхтөөбөтөх. Ынах ыан бүтэн баран туран эргиллэн иһэн охтон тиэрэ таһылла түспүт, буолаары буолан хотон саахтаах муостатыгар. Эбиитигэр ыабыт үүтүн тоҕо түһэрбит. Тустаахха кыһыы диэтэҕиҥ. Биһиги киһибит ойон туран, холуоһатынан ынаҕын туох түбэһиэх сырбаталаан барбыт. Арыый уоскуйан, тыын ылан баран көрбүтэ, ынаҕа барахсан муннун долборук туорайыгар анньан баран тыастаахтык тыына-тыына, хараҕын уута субуруччу сүүрэн ытыы тураахтыыр эбит. Киһи эрэ буоллар, оччону көрөөт, сүрэҕэ аһыс гыммыт. Ынаҕын моонньуттан кууһан имэрийэ-имэрийэ ааттаһан барбыт. Ынаҕа буоллаҕына, бырастыы гыммытын биллэрбиттии, оҕо диэки эргиллэн төбөтүттэн салаан ылбыт. Ол кэнниттэн ынахтарыгар киһилии сыһыаннаһар, кэпсэтэ сылдьар буолбутун этэр. 


Баҕар, ким эбит итини итэҕэйиэ суоҕун сөп буолуо. Ама, кыыл ытыыр үһү дуо диэн. Биир бэйэм эмиэ оҕо сылдьан итинниккэ түбэспит буолан билэбин. Кылгастык санаан ааһар буоллахха, биһиги колли ыт оҕолоох этибит. Бырааппар учуутала бэлэхтээбит ыта. Султан диэн ааттаах, үөрэтиини-уһуйууну наһаа түргэнник ылынар, өй хаата этэ барахсан. Дьиэҕэ кэллиҥ даҕаны таапкабытын аҕалан биэрэрэ. Хаһан да бутуйбат этэ, кимиэнэ ханнык буоларын билэрэ. 
Кинини  кытта буолбут түбэлтэни ахтан ааһыахпын баҕарабын. Биирдэ буруйу оҥорбутугар мөҕө-мөҕө ытыспынан оҕустум (санаатахпына билигин да хомойобун, буруйданабын). Ол иннинэ хаһан да илиибин көтөхпөт этим, наһаа иллээх буолааччыбыт. Оҕом сыыһа умса туттан баран оһоххо сыстан олордо. Ону көрөн наһаа аһынным, бичиэнньэ бэрсээри ыҥырдым, чугаһаабат. Оҕом улаханнык хомойбутум көрөн, буруйбун билинэн, тута көннөстөөрү чугаһаабытым хараҕын уута сүүрэн ытыы олороохтуур эбит. Сонно кууһан ыллым, сыллаатым, бырастыы гынарыгар көрдөстүм, бэйэм ытаһан ыллым. Оннук куустуһан олороохтообуппут... Ол түбэлтэ кэнниттэн чыычаахпын хомоппот буола сатыырым. 
Биллэн турар, кыыл барыта ытаабата буолуо. Ымыылаахтар итинник ураты уйан буолаллар быһылаах. Ол эрэн син-биир бары үөрэр-хомойор сүрэхтээхтэр. Сатаан саҥарар эрэ кыахтара суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...