06.09.2024 | 12:00

Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»

Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас көстүүтүн киэргэтэр, ураты тыынныыр сонун сүүрээн туһунан худуоһунньук Кыыдаана Игнатьевалыын сэһэргэстибит.

Аата: Кыыдаана Игнатьева

Идэтэ: Худуоһунньук. Саха норуотун үгэстэрин уонна уран уобарастарын чинчийэр эйгэ уонна графика дизайнера.

Үөрэҕэ: Арктикатааҕы искусство уонна култуура судаарыстыбаннай института. «Арассыыйа архитектордара-2021» лиидэрдэр бырагыраамаларын выпускницата.

Үлэтэ: бу иннинэ МyТоna хампаанньаҕа уонна «Лето Якутии» куорат эйгэтин тупсарар киин Управлениетыгар арт-дириэктэринэн үлэлээбитэ. Билигин Москуба куоракка Артемий Лебедев дизайн устуудьуйатын дизайнера. 

– Кыыдаана, эн уруһуйдаабыт арт-эбийиэктэргин көрбүт эрэ барыта «куораппытын ким киэргэттэ, уруһуйунан симээтэ?» диэбит буолуохтаах. Туох санааттан маннык хайысхаҕа кэлбиккиний?

– Тас дойдуларга туристыы сылдьан саҥаны көрдөхпүнэ, ол бэйэм төрөөбүт дойдум киин куоратыгар – Дьокуускайга баар буолуон баҕарааччыбын. Мурал уруһуйдуур баҕа санаа эмиэ оннук күөдьүйбүтэ. Мурал – уус-уран үлэ. Бу – искусство биир хайысхата.

Киров уулуссатын уопсай дьиэлэригэр уруһуйум муралга бастакы холонуум этэ. «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар ыытыллар сылыгар Дьокуускай ыалдьыттары көрсөрүгэр анаан сонун истиил быһыытынан киллэриэххэ сөп диэн санааттан ылсыбытым. Хас биирдии худуоһунньукка маҥнайгы хартыыната күндү. Ол курдук миэхэ ити үлэм, бастакы сүрэхтэниим буолан, олус күндү.

– Тиэмэтин худуоһунньук быһаарар дуу эбэтэр сакаасчыт туох дииринэн дуу?

– Исписэлиис буоларым быһыытынан санаабын тириэртэхпинэ, маннык. Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн, идиэйэтинэн ааптарыскай хартыынатын уруһуйдуур эрэ түгэнигэр, көрөөччүгэ үлэтин күүстээхтик уонна ылыннарыылаахтык тириэрдэр диэн санаалаахпын. Ханнык эрэ бэлэм хартыынаны, эскииһи үтүктүү табыллыбат. Бэйэтиттэн тахсара ордук тиийимтиэ, оннук эрэ түгэҥҥэ кини бэйэтин буочара көстөр уонна үлэтэ ураты тыыннанар.

– Мурал уруһуйа сыаналаах диэн өйдөбүл баар. Онно эн туох диигин?

– Архитектура, дизайн эйгэтэ киэҥ. Куорат дьиэлэрин атыннык эмиэ киэргэтиэххэ сөп. Куруук уруһуйунан, муралынан эрэ буолуохтаах диэн эмиэ олус татым өйдөбүл. Манна уруһуй тиэмэтэ талыллыбыт миэстэтигэр сөп түбэһиэхтээх. Мурал уруһуйдууру үгүстэр сыаналаах дии саныыллар эрээри, оннук буолбатах. Холобур, биир киэһэлээх салюкка, баара-суоҕа 15 мүнүүтэҕэ бүддьүөттэн 5 мөл.солк. харчы барыан сөп. Оттон куорат тоҕус этээстээх дьиэтин уруһуйун ороскуота биир мөлүйүөн иһинэн сыаналанар. Үлэ иэниттэн тутулуктаах эрээри, уонтан тахса сыл турар уруһуй уонна 15 мүнүүтэлээх салют ороскуоттарын тэҥнээн көрдөххө, үйэлээх оҥоһук оннук элбэх үбү-харчыны эрэйбэт диэн санааҕа кэлэҕин.

– Элбэх мэндиэмэннээх дьиэлэргэ үлэлиир кутталлаах да буолуо?

– Куттала суох диир табыллыбат. Манна эйигинниин үлэлиир массыына суоппарыттан улахан тутулуктаах. Хас хамсаныыгын, түһэргин-тахсаргын суоттаан, болҕомтолоох буолуохха наада. Сайын күнү быһа 8-10 чаас устата  үөһэ туран баран, киэһэ атах, сис сылайара ханна барыай?! Туттубут киистэлэргин да сууйарга туораттан киһи көмөтө наада, ону таһынан кырааскаларгын таһыыны, дьаарыстааһыны эбэн кэбис. Миэхэ үксүн доҕотторум уонна волонтердар көмөлөһөөччүлэр. Үлэлии турдаххына аллараттан ааһан иһэр дьон, сэргииллэрин биллэрэн, хаһыытаан аастахтарына күүскэр күүс эбиллэргэ дылы буолар.

Дьокуускай куоракка авиапорт оройуонугар үлэбэр үөһэ туран сөмөлүөттэр көтөллөрүн көрүү эмиэ ураты көстүү этэ. Биһиги куораппытыгар мурал уруһуйдары дьон-сэргэ астынар. Ол худуоһунньукка өссө үөрүүлээх.

– Атын куораттарга уруһуйдуугун дуо? Билигин ханна үлэлиигиний?

– Үөһэ этэн ааспытым курдук, мурал тиэмэтэ – бу худуоһунньук бэйэтин ааптарыскай бырайыага. Кини бу идиэйэтин олохтоох салалта өттүттэн сөптөөх өйөбүл баар буоллаҕына, чахчы даҕаны, куорат киэркэйиитигэр ураты болҕомто ууруллар.

Стрит-арт – мин сайыҥҥы дьарыгым. Атын куораттарга буолар бэстибээллэргэ эксперт, худуоһунньук, дизайнер да быһыытынан эбэтэр лиэксийэ аахтара үгүстүк ыҥыраллар. Кэнники саҥа үлэлэрбиттэн билиһиннэрдэхпинэ, Владимировскай уобаласка баран мурал уруһуйдаан кэллим. Билигин Москубаҕа олоробун. Артемий Лебедев устуудьуйатыгар үлэлии сылдьабын.

– Кыыдаана, өссө да тапталлаах куораппыт тупсарын, киэркэйэрин туһугар сонун сүүрээни киллэрэ туруоҥ диэн эрэнэбит. Айымньылаах үлэни баҕарабыт!

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....