Кытай Хэган куоратын дэлэгээссийэтэ ыалдьыттаан барда
Бэс ыйын 14 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев Кытай Хэган куоратын дэлэгээссийэтин кытта көрүстэ.
Ыалдьыттар дэлэгээссийэлэрин Хэган куорат баһылыга Ван Синчжу, уезд Норуодунай бырабыыталыстыбатын салайааччыта Лобэй Хао Хуншань, Хэган куоран Дуншань оройуонун Норуодунай бырабыыталыстыбатын салайааччыта Ма Жунхуа, Хэган куораты тутууга үп уонна инвестиция корпорациятын бырабылыанньатын салайааччыта Ван Ян уонна Хэган куорат тас дьыалаларга канцеляриятын начаалынньыга Лан Вэйцю салайан кэлбиттэр.
Көрсүһүүгэ Евгений Григорьев Дьокуускай куорат Кытай Хэйлунцзян провинциятын, Харбин уонна Хэйхэ куораттарын кытта доҕордуу сыһыаннааҕын бэлиэтээтэ.
Ван Синчжу бу көрсүһүү тэриллибитигэр махталын уонна Хэган куорат Дьокуускай куораты кытта урбаан, атын даҕаны эйгэҕэ бииргэ үлэлиир баҕалааҕын бэлиэтээтэ.
«Биһиги урбаанньыттарбыт Саха сирин территориятыгар эргиниэхтэрин баҕараллар уонна маныаха туох ирдэнэрин интэриэһиргииллэр. Маны сэргэ үөрэхтээһин, култуура эйгэтигэр бииргэ үлэлэһиэхпитин баҕарабыт»,– диир Ван Синчжу.
Евгений Григорьев ыалдьыттарга ити этиилэр олоххо киирэр кыахтаахтарын бэлиэтээтэ, оттон Ван Синчжу Евгений Григорьевы Хэган куоракка ыалдьыттыы кэлэргэ ыҥырда, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.