21.08.2020 | 18:16

Кытаанах быраабылалардаах үөрэх дьыла күүтэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр балаҕан ыйын маҥнайгы күнүттэн үөрэх дьыла саҕаланарын туһунан вице-премьер Ольга Балабкина коронавирус утары үлэлиир суһал штаб үгэс буолбут атырдьах ыйын 18 күнүнээҕи брифинигэр иһитиннэрбитэ.

Оҕолорбут оскуолаҕа барар буолбуттарыттан ордук төрөппүттэр үөрдүбүт. Ол эрэн быйылгы үөрэх дьыла кытаанах быраабылалардаах буолуоҕа. Оптуорунньукка, атырдьах ыйын 18 күнүгэр СӨ Үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев саҥа үөрэх дьылын туһунан онлайн пресс-конференцията буолан ааста. Миниистир кэпсээбитинэн, быйылгы үөрэх  барыта Арассыыйа таһымнаах ирдэбиллэргэ, Роспотребнадзор олохтообут саҥа быраабылаларыгар олоҕуран барыахтаах.

Коронавирус суох сиригэр оҕолор уруккутун курдук үөрэниэхтэрэ

Саха сиригэр билигин халбаҥныы турар балаһыанньа үөскээтэ. Сорох улууска коронавирус киэҥник тарҕанна, сорохторго балаһыанньалара ама. Ол иһин, суһал штабка быһаарбыттарынан, санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньаттан көрөн, улуустар бэйэлэрин быһаарыыларынан, маҥнайгы чуораан бырааһынньыгын ыытыахтарын сөп.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 649 оскуола баар. Саха сиригэр билигин, статистика көрдөрөрүнэн, 633 нэһилиэнньэлээх пуунтан 339 нэһилиэк “ыраас”, ол аата баларга коронавирус тарҕаммата. Онон оскуола улахан аҥаара уруккутун курдук үлэлиир кыахтаах.

Ыарыы тарҕаммыт нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 1 уонна 11-ис кылаастарга тус-туһунан линейкалары ыытарга сүбэлээтилэр.

Оскуолаларга барыларыгар икки нэдиэлэ устата медицина үлэһиттэрэ дьуһуурунайдыахтара. Оҕолор оскуолаҕа кэлэллэригэр температураларын  мээрэйдээһин миэстэтигэр ыытыллыаҕа. Маны таһынан оскуола салгынын ыраастыыр рециркулятордар күүскэ туһаныллыахтара.

Кылааһы арааран, уочаратынан үөрэтии киириэн сөп

Биир кылаас биир аудиторияҕа олорон үөрэниэҕэ. Уруккутун курдук предмет аайы кылаастан кылааска көһүү тохтуур.

Наада буоллаҕына икки бөлөххө арааран, уочаратынан үөрэтиэхтэрин сөп. Маннык ньыма устудьуоннарга орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар үлэлиэҕэ. Тоҕо диэтэххэ, аудиторияҕа биир оҕоҕо 2,5 кв. м. иэннээх сир бэриллэр.

Төрөппүттэр оҕолорун ыла кэлэллэригэр оскуола бастакы этээһигэр тоҕуоруһа мустар үгэстээхтэр. Пандемия кэмигэр бу кутталы үөскэтиэн сөп. Онон төрөппүттэр оҕолорун оскуола ааныгар эрэ аҕалыахтарын сөп, маны таһынан төрөппүттэр температураларын эмиэ мээрэйдиир буолуохтара. Социальнай тэйиччи туттуу быраабылата хайаан да тутуһуллуохтаах.  Оскуолаҕа урукку курдук биир эрэ киин ааны эрэ буолбакка, атын ааннары эмиэ аһалларыгар, инньэ гынан дьон тоҕуоруһуутун аччатарга сүбэлээтилэр.

Үөрэх бириэмэтин аттаран, үллэрэн биэрии туһаныллыан сөп. Ол аата бастакы түһүмэх 8 чаастан үөрэнэр, иккис – 8.30, үһүс – 9 чаастан. Оччоҕуна элбэх оҕо биир сиргэ тоҕуоруһуута тахсыбат.

Кылааска биир эмэ оҕо коронавирустаатаҕына кылаас бүтүннүү 14 күн устата  тэйиччи олорон үөрэнии ньыматыгар  көһөр. Оскуола барыта сабыллар диэн буолбатах.

Физкультура теориятын оҕолор дьиэлэриттэн үөрэтиэхтэрин сөп, оттон хамсаныылаах-имсэниилээх уруогу оскуолаҕа ыытыахтара.

Мааска кэтиини оҕолортон ким да ирдээбэт. Тыынар уорганнар ыарыылара уонна бу коронавирус дьаҥа салгынынан бэриллэр. Оттон оҕолор ыарыыны тарҕатааччы оруолун толороллор диэн исписэлиистэр кэпсииллэр. Онон уопсастыбаннай сиргэ мааска кэтэ сылдьыы култууратын оҕолорбутугар такайарбыт тоҕоостоох.

Быйылгыттан алын кылаастар босхо аһыыллар

Быйылгыттан начаалынай кылаастары босхо итии аһылыгынан хааччыйыы саҕаланар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быйыл алын сүһүөххэ 62000 тахса оҕо үөрэнэр. Оҕолору итии аһынан хааччыйыыга харчы боппуруоһа барыта быһаарыллыбыт. Пищеблоктары, аһыыр сирдэри бэлэмнээһин бара турар. Роспотребнадзор 57 сэрэтии суругар, 37-тэ аһыыр сир кыараҕаһыгар бэриллэр эбит буоллаҕына, бу улахан аҥаара барыта Дьокуускай куоракка оҥоһулунна.

Оҕолор аһыылларыгар эмиэ график оҥоһуллуоҕа. Оскуолалар маныаха быһаарыныы бэйэлэрэ ылыналлар. Холобур, 1-кы нүөмэрдээх оскуола аттыгар турар дьиэҕэ оҕолору аһатар сир аһыллар, 26-ыс оскуола аһыыр сирэ киэҥ буолан, графигынан аһатар былааннаахтар.

Дьокуускайга 3 ньыманан үөрэниэхпит

Үөрэх управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов бирикээһигэр олоҕуран, Дьокуускай куорат оскуолаларыгар коронавирус дьаҥа тарҕамматын туһугар үөрэхтээһиҥҥэ ылыллар ирдэбиллэр чуолкайданнылар.

Бу ирдэбиллэргэ олоҕуран хас биирдии оскуола бэйэтэ үөрэхтээһин моделын оҥостуоҕа.

Дьокуускайга  үөрэхтээһин 3 ньымата олоххо киллэриллиэҕэ:

  • Үгэс буолбут үөрэхтээһин – оҕолор уруккутун курдук күн аайы, нэдиэлэҕэ 5-6 күн оскуолаҕа кэлэн үөрэниэхтэрэ;
  • Икки ньманы холбоон үөрэтии – оҕолор үөрэх графигынан сиэттэрэн биир күн дьиэлэригэр, биир күн оскуолаҕа үөрэниэхтэрэ;
  • Тэйиччи олорон үөрэнии – интэриниэт технологияларын киэҥник туһаныы. Маныаха биирдэ эмэ учууталы кытта илэ көрсөн консультациялааһын көрүллүөн сөп.

Киин куорат оскуолаларыгар барыларыгар атырдьах ыйын 22 күнүттэн хойутааһына суох төрппүттэри кытта быһаарар кэпсэтиилэри ыыталларыгар, тустаах информацияны сайтарыгар хойутаппакка таһааралларыгар сорудахтаатылар.

Ким баҕалаах дьиэтигэр үөрэниэн сөп

Маны тэҥэ, оскуолалар баҕалаах төрөппүттэртэн онлайн үөрэхтээһиҥҥэ сайаапка хомуйаллар. Тэйиччи олорон үөрэниини ханнык баҕарар төрөппүт бэйэтэ талыан сөп. Бу ньыма ордук хроническай ыарыылаах, доруобуйаларын туруга мөлтөх, грипп вакцинатын сатаан ылбат оҕолорго табыгастаах.

Ону кытта, сокуоҥҥа олоҕуран, дьиэ кэргэн үөрэхтээһинин талыахха сөп. Ол аата оҕобун дьиэ кэргэним иһигэр бэйэм үөрэтэбин диэн.

Оттон 10-11 кылаастар “самообразование”, ол аата бэйэбит дьарыктанабыт диэни талыахтарын сөп буолла.

Үгэс буолбут эбэтэр кэтэхтэн уонна илэ ньымалар холбоһуктарын талар дьон сайаапка суруйаллара наадата суох. Хас биирдии оскуола бэйэтэ график таҥан таһаарыахтаах. Оттон маҥнайгы кылаастар үөрэхтэрин туһунан оскуолалар чуолаан төрөппүттэри кытта кэпсэтэн баран быһаарыныылары ылыныахтаахтар.

Төрөппүттэргэ сүбэ: билигин ордук маҥнайгы кылааска киирэр оҕолоохтор догуйаллар. Оҕолор хайдах үөрэнэллэрэ чуолкайа атырдьах ыйын бүтэһик күннэригэр биллиэхтээх.  Оскуолаҕа кэлэр-барар наадата суох, билигин оскуола барыта сайтаах, ону кэтии-маныы сылдьыҥ. Оскуолаҕа киирии бирикээстэрэ, оҕолор ханнык форманы кэтэллэрэ барыта хайаан да сайтка тахсар информация.

Оскуолаҕа саҥа барар оҕолоохторго уоппуска күнүн туруорсаллар

РФ Сайдыылаах үөрэхтээһин Институтун салайааччыта Анна Маркс вице-премьер Татьяна Голиковаҕа бастакы кылааска киирэр оҕолоох төрөппүттэргэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр төлөнөр өрөбүл биэрэр туһунан этии киллэрдэ. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.

Анна Маркс этэринэн, институт атырдьах ыйын 1 күнүттэн 10 күнүгэр диэри 75 регион 1,6 тыһыынча төрөппүтүгэр ыйытык ыытта, ол иһигэр 56%-на бастакы кылааска киирэр оҕолоох төрөппүт. Төрөппүт 83%-на балаҕан ыйын 1 күнүгэр отгул, ол эбэтэр бэйэлэрин суоттарыгар уоппуска ылар, сорохтор оҕолорун бастакы уруокка атааран баран, үлэ күнүн хойутуу саҕалыыр былааннаахтар.

Ыйытык түмүгүнэн, төрөппүт 37%-на пандемия кэмигэр дохуоттара аччаан, үлэлэрин уратытынан, ону тэҥэ салалта аккаастыырынан көҥүллэтэр кыахтара суоҕа билиннэ.

Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ этэллэринэн, балаҕан ыйын 1 күнүн үөрүүлээх тэрээһинигэр, чуолаан бастакы кылааска киирэр оҕолорго, төрөппүт кыттыыны ылара оҕо эрэх-турах сананарыгар дьайар.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....