23.08.2023 | 17:05

Кыстыкка бэлэмнэнии — дьаһалта хонтуруолугар

2023-2024 сс. оттук сезонугар киин куорат социальнай эбийиэктэрэ уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрэ төһө бэлэмнэрин ааспыт нэдиэлэҕэ куорат баһылыга Евгений Григорьев салалталаах хамыыһыйа бэрэбиэркэлээтэ. Биһиги хаһыаппыт баһылыгы кытта сылдьан, үлэ хаамыытын билистэ.
Кыстыкка бэлэмнэнии — дьаһалта хонтуруолугар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Птицефабрика оройуонугар саҥа хочуолунай

Баһылык маҥнай Птицефабрика оройуонугар тутулла турар үрдүк кыамталаах хочуолунайы тутуу хаамыытын билистэ. Саҥа эбийиэк «Теплоэнергия» тэрилтэ күүһүнэн тутуллан түмүктэнэн эрэр.

Санатан эттэххэ, Птицефабрикаҕа маҥнайгы хочуолунай 1969 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Хочуолунай бу күҥҥэ диэри бүтүн оройуону хааччыйан кэллэ эрээри, сыл-хонук ааһан, эргэрэн, быйыл саҥа хочуолунайы тутар туһунан быһаарыы ылыллан, номнуо 10-нуу киловатт кыамталаах үс улахан оһох турбут.

«Носуостары, ититэр систиэмэни холбооһун уонна ис үлэ ыытыллар. Алтынньы 1 күнүгэр диэри үлэ түмүктэниэҕэ дии саныыбыт. Быйыл хочуолунай боруобалааһын быһыытынан үлэлиэҕэ. Оттон кэлэр 2024-2025 сс. манна 300 дьиэ холбонуоҕа»,– диир «Теплоэнергия» генеральнай дириэктэрэ Михаил Воробьев.

Сүрүн эппиэтинэс – салайар хампаанньаҕа

Иккис эбийиэгинэн Крупская уул., 37 турар элбэх кыбартыыралаах дьиэ хочуолунайа буолла.

Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай куорат үрдүнэн 34 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тус хочуолунайдаах. Эбийиэк дьиэни бас билээччилэр уопсай сөбүлэҥнэринэн тутуллар.

Крупская, 37 дьиэни «Ир-Строй» салайар хампаанньа көрөр. Салайар хампаанньа бэрэстэбиитэлэ эриэйдэ кыттыылаахтарыгар кэлэр сылга сөптөөх дуогабар түһэрсиллибитин, оттукка бэлэм туһунан аактаҕа илии баттаммытын иһитиннэрдэ.

«Хочуолунай төһө даҕаны дьиэни бас билээччилэр суоттарыгар  сылдьыбытын иһин, көрөөччү-истээччи, эппиэтинэһи сүгээччи салайар хампаанньа»,– диэн Евгений Николаевич тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Строительнай уокурукоттук сезонугар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар

Түмүккэ баһылык Евгений Григорьев Свердлов уул., 3/3 турар элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ сырытта.

«Единство» салайар хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ дьиэ оттук сезонугар  бэлэмин туһунан иһитиннэрдилэр. Ол эбэтэр халлаан 8 кыраадыстан тымныйда даҕаны, биэс суукка иһинэн сылааһы биэрэргэ бэлэмнэр.

«Строительнай уокуругу быйылгы оттук сезонугар бэлэмнээһиҥҥэ күүстээх үлэ барар. Ол курдук бары салайар хампаанньалары уонна ордук чуолаан социальнай эбийиэктэри тус хонтуруолга тутабыт. Үөрэх, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри ититии ситимигэр холбонуохтаахтар»,– диэн иһитиннэрдэ уокурук баһылыга Василий Пинигин.

Дьокуускай куорат территориятыгар 2945 элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар. 2023-2024 сс. оттукка бэлэмнэнии 75% тэҥнэһэр.

 

«Күн сардаҥата» сэрэхтээх буолууга болҕомто уурбут

Салгыы хамыыһыйа Дзержинскэй уул., 79 «Күн сардаҥата» уһуйааҥҥа  айанныыр.

Уһуйаан сэбиэдиссэйинэн ахсыс сылын Октябрина Ушницкая үлэлиир. Быйылгы үөрэх дьылыгар сэттэ бөлөххө 260 оҕону ылаары бэлэм олорор.

«Билиҥҥитэ ЫБММ, баһаарынай сулууспа уонна Роспотребнадзор сөбүлэҥнэрэ баар. «Охранная сигнализация» диэн баһаарынай чаас систиэмэтэ холбонно, маннык оборудованиены Клара Цеткин уулуссатыгар баар филиалбытыгар эмиэ туруортардыбыт. Маны таһынан лаампалары уларыттыбыт уонна видеонан кэтээн көрүүнү туруортардыбыт»,– диир «Күн сардаҥата» уһуйаан салайааччыта Октябрина Ушницкая.

Дьокуускай куорат социальнай эбийиэктэрин 90-тан тахса бырыһыана кыстыкка бэлэм. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри бары эбийиэктэргэ итии бэриллэр.

Дьокуускай куорат кыстыкка бэлэм

Эриэйдэ уопсайа түөрт социальнай эбийиэккэ сырытта. Бары эбийиэктэр балаҕан ыйын 1 күнүттэн сылааска холбонорго бэлэмнэр.

«Дьокуускай куорат кыстыкка бэлэм. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн бары социальнай эбийиэктэр ититии ситимигэр холбонуохтара, олорор дьиэлэргэ эмиэ халлаан туругуттан көрөн ититии кэмигэр бэриллиэҕэ»,– диэн Евгений Николаевич бэрэбиэркэ түмүгүнэн иһитиннэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....