КЫРГЫТТАР СУРАҔА СУОХ СҮТЭЛЛЭР...
Ааспыт икки нэдиэлэ устата Дьокуускайга 5 кыыс сүттэ. Социальнай ситимнэргэ, сонуннарга сүппүт дьон туһунан иһитиннэрии ордук түргэнник тарҕанар. Бу маассабай дьон сүтүүтэ дуу, олохпутугар наар баар хартыына дуу?
Алтынньы 28 күнүгэр 32 саастаах Анна Городкова сураҕа суох сүппүтэ. Бүтэһигин авиапорт оройуонугар көрбүттэр. Кыыс инбэлиит, Психо-неврологическай диспансерга учуокка турар. Бэҕэһээ полиция иһитиннэрбитинэн , кыыс көстүбүт.
***
Алтынньы 30 күнүгэр 31 саастаах Инесса Попова сүппүтүн туһунан иһитиннэрии тарҕаммыта. Дзержинскэй уулуссатыгар баар дьиэтиттэн “Апельсин” атыы-эргиэн киинигэр тахсан баран төннөн кэлбэтэх. Дьиэтин аттыгар баар аптека анныттан өлүгэ көстүбүтэ. “Киһи илиититтэн буолбатах” диэн информацияны тарҕанна.
***
Алтынньы 31 күнүгэр 19 саастаах Ирина Семенова сүттэ диэн бастаан ийэтэ аймаммыта, социальнай ситимнэринэн биллэрии түргэнник тарҕаммыта. Кыыс киэһэ хойут Автодорожнай уулуссаҕа баар дьиэтиттэн тахсан баран төннүбэтэх, дьонугар биллибэтэх.
Кыыс сарсыҥҥы күнүгэр тута көһүннэ. Онон дьоно “сураҕа суох сүппүттэр испииһэктэригэр киллэрбэккитигэр көрдөһөбүт” диэн суругу тарҕаттылар. Ирина көннөрү бэйэтэ соҕотох буола түһээри дьиэтиттэн тахсан барбыт диэбиттэр.
***
Сэтинньи 5 күнүгэр 37 саастаах Татьяна Андреева ууга тааһы бырахпыттыы сүттэ. 2 оҕолоох ийэ, кэргэнэ тыа сиригэр үлэлии сылдьар кэмэ эбит. Алтынньы 5 күнүгэр маҕаһыыҥҥа бараары сүппүт. Сорох биллэриигэ сарсыарда, сороххо түүн тахсан барбыт диэбиттэр. Хатыҥ Үрэхтэн массыынанан айаннаабыт. Массыыната суол кытыытыгар хаарга анньыллан, дьиэтин чугаһынан көстүбүт, суотабайа онно хаалбыт эбит.
Кэнники тарҕаммыт информациялартан сылыктаатахха, ханнык эрэ базаҕа киирэн көмө көрдөөбүт, “Крытай” ырыынакка көрөн аһарбыттар...
Бэлиэтээн этэххэ, сүппүт кыргыттартан билиҥҥитэ киниэхэ эрэ холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Дьокуускайдааҕы силиэстийэлиир кэмитиэккэ кэпсээбиттэринэн, киин куорат олохтооҕо Татьяна Андреева сүппүтүнэн, холуобунай дьыала тэрилиннэ. Дьахтар сүппүтүн туһунан сайабылыанньа сэтинньи 5 күнүгэр киирбит. Билигин да туох да күттүөннээх информация суоҕун кэриэтэ. Татьяна ханна да барар былаана суоҕа, быстах кэмҥэ тахсан барарыгар дьонун сэрэтэрэ. Сүппүт балаһыанньатын учуоттаан, силиэдэбэтэллэр толору ирдэһиини ыытаары холуобунай дьыаланы арыйарга баһаарбыттар. Криминалист силиэдэбэтэллэр үлэлииллэр.
***
Сэтинньи 6 күнүгэр 46 саастаах Елена Громова сүттэ. Үлэтиттэн тахсыбыт, кыыһыгар эрийэн дьиэтигэр баран эрэрин туһунан (Лермонтов уул.) иһитиннэрбит уонна кэлбэтэх.
*** Сүппүт дьахталлар саастара 19-тан саҕалаан 46 сааска диэри. Бары дьүһүннэрэ атын-атын, омуктара араас-араас. Киин куорат араас оройуоннарыгар сүттүлэр. Маҕаһыыҥҥа тахсан баран өллүлэр, үлэлэриттэн дьиэлээн иһэн сүттүлэр...
Оттон Силиэстийэлиир кэмитиэккэ иһитиннэрбиттэринэн, кыргыттар маассабай сүтүүлэрэ саҕаланна диэн информация оруна суох. Ааспыт икки ый устата 4 дьахтар өлүгэ көстүбүт. Олортон биирдэрэ үөһээ ааттаммыт Инесса Попова – алтынньы 30 күнүгэр сүтэн баран сэтинньи 1-кы күнүгэр өлүгэ булуллубута. Атын үс дьахтар өлүгэ куорат араас оройуоннарыгар булуллубуттар, бэйэ-бэйэлэрин кытта туох да сибээстэрэ суох диэн Следкомҥа иһитиннэрдилэр.
***
Маннык дьулаан сонуннары истэ-истэ, интэриниэккэ кылгас кэм иһигэр элбэх сүппүт кыргыттар хаартыскалара тарҕанарын көрө-көрө, киһи эрэ куттаныах курдук. Чахчы маннык көстүү урут суоҕа дии... Туох-туох буолан эрэрий?