Кыргыһыы хонуутугар иккистээн барбыт хорсун саллаат
Быйыл Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтиибит. Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы, 1941-1945 сылларга өстөөх саба түһүүтүттэн төрөөбүт Ийэ дойдуларын босхолообут, Сир үрдүгэр эйэлээх олох иһин сырдык тыыннарын толук ууралларын кэрэйбэккэ сэриилэспит саллааттарга, тыылга үлэлээбит, кыайыыны уһансыбыт бары сахабыт дьонугар сүгүрүйэбин, киэн тутта, махтана саныыбын.
Сэрии ыар тыына хас биирдии саха ыалын таарыйбыта. Биһиги аҕа уустан уоттаах сэрии хонуутугар баран сэриилэһэн кэлбит эһэм уонна абаҕаларым тустарынан ахтан ааһарга сананным.
Мин хос эбэм Анна Кононовна уонна хос эһэм Хамаа Өлөксөй Васильевтар «Орто Күөл» диэн алааска Акана нэһилиэгэр Ньурба оройуонугар олорбуттар. Оччотооҕу ыар кэмҥэ төһө да дьадаҥытык олордоллор, ынах-сүөһү ииттэннэр, үс кыыһы, аҕыс уолу күн сирин көрдөрбүттэр. Оҕолоро улааталларын саҕана, дойду үрдүнэн, саҥа былаас 1917 сыллааҕы Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн сэбиэт былааһын олохтооһунун, колхуостары тэрийээһинин, үөрэхтээһин, кулаактааһын, бөдөҥсөтүү кэмэ буолбута. Хамаа Өлөксөй уолаттара үөрэҕэ суохтарын да иһин, айылҕаттан сатабыллаах, сытыы-хотуу майгылаах, уоттаах тыллаах-өстөөх буоланнар, маҥнайгынан комсомуол буолбуттар, колхуос бэрэсэдээтэлигэр тиийэ үүммүттэр, мэлдьи салайар үлэҕэ сылдьыбыттар. Дьону колхуоска киллэрии, үлэ хаамыытын атахха туруоруу, араас дьаһаллары толоруу барыта кинилэр санныларыгар суктэриллибит.
Ити курдук үлэ үөһүгэр сырыттахтарына, 1941 сыл сайыныгар соһуччу баҕайытык Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт, улахан хаан тохтуулаах Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. Ол сылга Хамаа Өлөксөй үс уола – Миитэрэй, Баһылай уонна Уйбаан, онтон 1943 сылга Игнатий фроҥҥа бараллар.
Сэрии кэнниттэн Хамаа үс уолаттара араас баас, эчэйии ылан, тыыннаах дойдуларыгар төннөн кэлэллэр. Арай кыра бырааттара Уйбаан сэрии толоонугар хаалар. Кини көмус унуоҕа Старай Русса оройуонугар бырааттыы көмүүгэ хараллан сытар.
Бу сэриигэ кыттыбыт абаҕаларбыттан, Васильев Василий Алексеевич туһунан кэпсээн ааһыам. Абаҕам Баһылай Өктөөп революцията буолбут сылыгар Толооҥҥо төрөөбүтэ. 1935 сыллаахха «Конституция» колхуос чилиэнэ эбит. Ликбезка ааҕарга, суруйарга үөрэммит, сэрии иннинэ хонууга, колхозка араас идэҕэ үлэлээбит.
Оҕо сылдьан абаҕам Баһылайы төһө да аҕыйахтык көрдөрбүн, сорох тугэннэр төбөбөр хатанан хаалбыттар. Кини сахаҕа үрдүк уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах, бэйэтин лаппа кыанар, иҥиир ситии киһи этэ. Дьоҥҥо сыһыана үчүгэй, көнө майгылаах буолан, дойдутун дьоно убаастыыллара. Сэриигэ улахан контузия ылан дөйүҥү буолбут этэ да, оҕолорго сыһыана олус сымнаҕас этэ. Элбэх саҥата суох эрээри колхоз мунньахтарыгар бэйэтин санаатын үчүгэйдик этэр киһи диэн кэпсииллэрэ.
Этэн аһарбытым курдук, Баһылайы 1941 сыл маҥнайгы ыҥырыкка сэрии хонуутугар илдьэ барбыттара. Кылгас кэмҥэ Забайкальеҕа байыаннай үөрэххэ үөрэппитэ буола түһэн баран, Ленинградскай фроҥҥа илдьэн бырахпыттар. Ол курдук 1943 сыллаахха сэрии улахан хаан тохтуулаах кыргыһыытыгар контузия ылар уонна атаҕар бааһырар. Онон өр кэмҥэ госпитальга сытан эмтэнэр, онтон эчэйиитэ улаханын иһин «комиссияланан» ити сыл дойдутугар эргиллэн кэлэр. Бу кыргыһыыга кыттыбытын туоһутунан «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадата буолар. Чахчы сэрии хонуутугар хорсуннук- хоодуоттук киирсибитин бэлиэтии көрөн мэтээл биэрдэхтэрэ диэн киэн тутта саныыбын.
Дойдутугар кэлбитэ уот кураан буолан, сут дьыл туран, элбэх киһи хоргуйан өлбүт эбит. Ол иһигэр кини ийэтэ, убайа, эдьиийэ, быраата. Төһө да итинтэн курутуйдар, сэриигэ ылбыт улахан эчэйиилээҕин үрдүнэн, кыаҕа баарынан колхуос үлэтигэр төбөтүн оройунан түспүт. Ол кэмҥэ колхуоска аҥаардас дьахталлар үлэлииллэрэ. Онон хайдах да эр киһи көмөтө улахан баҕалааҕа. Ити кэмҥэ убайа Миитэрэй эмиэ сэрииттэн улаханнык эчэйэн, инбэлиит буолан, дойдутугар кэлэн, атын дэриэбинэҕэ, Куочайга сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн ананан барар. Иккис убайа Игнатий сэриигэ ыҥырыллар. Кыра быраата Уйбаан өссө да фроҥҥа сэриилэһэ сылдьар. Бу кэмҥэ тыылга үлэлии сылдьар Баһылайга араас толкуйдар киирэллэр. «Хайдах маннык илиим-атаҕым хамсыыр киһи манна, тыылга дьахталлары кытта үлэлии сылдьыахпыный? Эр дьон бары Аҕа дойдуларын көмүскүү бардылар, арай мин эрэ тыылга бүгэн сылдьабын, төһө да бааһырбытым иһин билигин да кыах баар...» - диэн саныыр уонна Аканаттан сатыы Ньурба военкоматыгар киирэн, көрдөһөн, 1944 сыллаахха иккистээн фроҥҥа барар. Ити кэмҥэ сэриилэһэ барартан куттанан куоппут дизертирдэр кини нэһилиэгэр бааллара. Кинилэр хойукка диэри тутуллубакка ойуурга саһан сылдьыбыттара. Онон абаҕам Баһылай иккистээн фроҥҥа бэйэтэ тылланан барбытын, кини чахчы хорсун, күүстээх санаалаах, ийэ дойдутун көмүскүүргэ олоҕун толук уурарыттан куттамматах эбит диэммин киэн тутта саныыбын! Василий Алексеевич фроҥҥа иккистээн, бэйэтэ тылланан барыыта, биһиэхэ аймахтарга, билиҥҥи эдэр көлүөнэҕэ улахан холобур буолар.
Фроҥҥа тиийбитигэр, Баһылайы контузиялаах, атаҕар улахан баастаах диэн кавалерияҕа анаабыттар. Манна, бииргэ сулууспалыыр дьоно бэйэтэ тылланан иккиһин фроҥҥа кэлбитин билэн олус убаастыыллар эбит. Аттары көрүү-харайыы билэр дьарыга буолан бу сырыыга бэркэ табыллан сылдьыбыт. Төһө да уоттаах сэриигэ кыттыбатахтарын иһин, кавалерияҕа даҕаны араас ыксаллаах түгэннэр ханна барыахтарай? Артиллерийскай ытыалааһын, самолеттан бомбалааһын уонна да атын араас тыҥааһыннаах түгэннэр манна да аҕыйаҕа суохтара. Бу курдук кини Молдавиянан, Румыниянан эргийэн, кыайыыны Берлин таһыгар көрсүбүтэ. «Берлин куорат ыраахтан, буруо быыһынан көстөр этэ» диэн ахтара. Ити курдук 1945 сыллаахха Василий Алексеевич ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдутугар кыайыы-хотуу көтөллөөх эргиллэн кэлбитэ.
Хорсун буойун сэрииттэн кэллим диэн даххаһыйбакка, сэрииттэн эмсэҕэлээбит дойдутун чөлүгэр түһэрэр туһуттан күн өрөөбөккө, күүһүн харыстаабакка үлэлээн барбыта. Ити курдук 1945 сыллаахха кладовщигынан ананар. Олус көнө, чиэһинэй буолан, колхуос аһын биир да гыраамы энчирэппэккэ, бэрэссэдээтэл эрэ суругунан түҥэтэр эбит. Бу үлэтин таһынан хонууга ханна эппиэтээх үлэ баар да онно барытыгар Баһылай инники күөҥҥэ сылдьар, бастыҥ үлэһит аатын ылар. Итинник үлэлии сылдьан Николаева Христина Тимофеевнаны кэргэн ылан, 9 оҕону төрөтөн, ыал буолан олорор.
1951 сылтан кэргэнинээн сүөһү иитиитинэн дьарыгырбыттар. Арыт дьонуттан ыраах көһөн тахсан, «Тоҥус сымалыыра» диэн сиргэ субай сүөһү көрүүтүгэр бостуугунан үлэлиирэ. Онно 100 субай сүөһүнү соҕотоҕун көрөрө. От тиэйэрэ, аһатара, уулатара, далларын ыраастыыра, балбаахтарын хоҥнорон ыраах атын сиргэ көлөннөн таһаарара. Билиҥҥи курдук механизация, тыраахтыр суоҕа, барыта илиинэн уонна оҕус көлөлөнөн үлэлэнэрэ. Ити курдук оччотооҕу дьон кыаҕын, үлэһитин сөҕөбүн, абаҕам Баһылай соҕотоҕун толорбут үлэтин, бу билигин техникэ сайдыбыт кэмигэр бүтүн хаһаайыстыбалар кыайбакка олороллорун көрөн сөҕөҕүн эрэ. Элбэх оҕолоох ыал аҕата, дьиэ кэргэниттэн тэйэн, төрөөбүт норуотун олоҕун уйгута тупсарын туһугар хайдахтаах үлэни үлэлээбитин сөҕөбүн уонна махтана саныыбын, бэриниилээх үлэһитин санаан туран киэн туттабын. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ, абаҕам Баһылай соҕотоҕун үлэлээбит үлэтин кыайбакка олорорбутуттан хомойо, кыбыста саныыбын... Маннык чулуу үлэһиттэр, дойдуларыгар бэриниилээх дьон хааннарын тоҕон ситиспит кыайыыларын, барҕаран, сайыннаран хаалларбыт колхуостарын, сопхуоһу биһиги, инники көлүөнэ дьон ыспыт-тохпут буруйдаахпыт.
Абаҕам Баһылай сэриигэ ылбыт бааһа бэргээн, ыарыһах буолбута. Кэлиҥҥи сылларга үүнүү харабыла, гараж остуораһа, сылгыһыт быһыытынан үлэлээбитэ. Кини таһаарыылаах үлэтин иһин оройуон, колхуос, сопхуос грамоталарынан наҕараадаламмыт эбит. Итини аахтахпына мин хайдах эрэ сонньуйа саныыбын. Үлэ геройыгар сөптөөх үлэни үлэлээбит киһини хайҕал кумааҕынан эрэ бэлиэтээбиттэрин кыра дии саныыбын. Маннык ыарахан, түбүктээх үлэҕэ сылдьан тулаайах быраатыгар көмөлөһөрө, тоҕус оҕону атаҕар туруорубута. Уоттаах сэриигэ икки төгүл төхтөрүйэн барыыта, бэйэтин харыстаабакка сэрии кэннинээҕи ыар дьылларга үлэҕэ умса түһүүтэ, ити барыта доруобуйатыгар охсуулаах буолбута, кинини кылгас үйэлээбитэ. Абаҕам баара суоҕа 53 сааһыгар олохтон туораабыта.
Уоттаах сэрии бэтэрээнин быһыытынан оччолорго улаханнык чиэстэммэтэх, үрдүк пенсия диэни билбэккэ бараахтаабытыттан хомойобун эрэ. Оччотооҕу сэрии бэтэрээннэрэ барахсаттар бары да оннук бу сиртэн бардахтара...
Билигин Василий Алексеевич олоҕун элбэх оҕолоро, сиэннэрэ салҕыыллар. Бары да күүстээх-уохтаах, үлэһит, аҕаларын, эһэлэрин ааттарын түһэн биэрбэт киэҥ көҕүстээх, кыахтаах дьон буолан тахсыбыттарыттан киэн тутта саныыбын.
Мин оҕо сылдьан, аҕам ийэтигэр, эбэбэр Анна Петровнаҕа уонна Ленин, Үлэ, Кыһыл знамя уордьаннаах эдьийбэр Егорова Елена Дмитриевнаҕа олорор эрдэхпинэ абаҕам Баһылай Алексеевич уолаттарын кытта син кыралаан билсэрим. Сайын аайы «Нуучча күөлэ» сайылыкка тахсан ньирэй көрөрбүтүгэр Баһылай уола Өлөксөйү, убайбын, мэлдьи Өөчө диэн ааттыырбын өйдүүбүн. Кини «Сайылыкка» уонна «Наймыкыга» атынан бостууктуур этэ. Мин дьэ ол акка олорсор баҕаттан, «Нуучча күөлүттэн» ньирэй көрсүбэккэ Өөчөҕө тиийэн атыгар олорсон ынах көрдүү барсар этим. Бу санаатахха 4-5 кылааска үөрэнэр быраатын син аһынан, чычаас акка олордо сатыыр буолара уонна ата миигин маска сөрүү сатаатаҕына улахан баҕайытык мөҥөн биэрэрэ.
Кини кыра быраата Өндөрөйү кытары биһиги биир саастаах буоламмыт мэлдьи аймахтаһа, табаарыстаһа сылдьарбыт. Иккиэн тулаайах, аҕалара суох иитиллибит уолаттар кыах баарынан өйөһө сатааччыбыт. Быраатым котоку, Өндөрөй барахсан, улахан куһаҕан ыарыыга ылларан, эдэр сааһыгар биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Мин онтон олус сонньуйабын, хомойобун. Бүөбэйдии сылдьыбыт кэргэнигэр Антонина Николаевнаҕа, оҕолоругар, сиэннэригэр дириҥ кутурҕаммын тириэрдэбин. Ханна да үлэлээбитин иһин мэлдьи ыҥырыкка сылдьар уонна үлэ бастыҥнарын иһигэр баар буолааччы. Хайдах да үлэттэн аккаастаммат, аҕатын курдук эмиэ үлэһит, дьоһун киһи этэ. Мин бырааппар Өндөрөйгө улаханнык сүгүрүйэбин, убаастыыбын, таптыыбын. Тугу эмит эппитин өйдөөбөтөх, толорботох буоллахпына, хойутаан да баран, бырастыы гынарыгар көрдөһүө этим. Быраатым туһунан кэпсээтэххэ туспа улахан сэһэн тахсыан сөп.
Ити курдук, бу кэпсээммэр абаҕабын Васильев Василий Алексеевыһы кылгастык ахтан аастым. Кэм кэрдии төһө да аастар, Сэбиэскэй норуот улууканнаах кыайыытын уһансыбыт абаҕам Василий Алексеевич аата хаһан да өлбөөдүйүө суоҕа диэн эрэнэбин.