Кырдьык уонна Ньургуһун
Ханна баҕарар бастакы тахсар сибэкки күндү. Оттон биһиэхэ, уһун тымныы кыһыннаах тоҥ дойдуга, өссө күндү. 2004 сыллаахха аан дойдуга Ньургуһун күнэ баарын билбэккэ сылдьан, ньургуһун бырааһынньыгын оҥорууну уонна күнүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриигэ көҕүлээччи буолбутум. Оччотооҕу Айылҕа харыстабылын миниистирэ Владимир Афанасьевич Григорьев идеяны үөрэ истэн, тута өйөөбүтэ. Кэлэктиибин кытта сүбэлэһэн баран, ыам ыйын 18 күнүн Ньургуһун күнүнэн биллэрэр бирикээс таһаарбыта. Дьиҥинэн, итиннэ Ил Дархан ыйааҕа тахсара буоллар, тэрээһиннээх буолуо этэ. Мантан аллара уруккуну-хойуккуну санаан ылыаххайыҥ.
Хаһан баҕарар тиллэр
Биирдэ кэнсиэртэн тахсан иһэн Василий Никитиһы көрүстүм. Кини мэлдьи да кэриэтэ үөрэ сылдьара, бу сырыыга көтүөн кыната суох эгдэҥнээн утары кэлбитэ.
“Кыталык” ансаамбыл “Ньургуһуннар” ырыам матыыбынан үҥкүүлэриттэн санаам олус көтөҕүлүннэ, – диэбитэ.
2007 сыл. Алтынньы. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Култуура киинэ. Саала ыы-быччары киһи мустубута. Киэһэ сэттэ чаас буоларын кытта сцена икки өттүттэн байааннаах, гитаралаах дьон “Хара сир устун“ матыыбын таһааран барбыттара, сонно саала бары ааннарынан ансаамбыллар ыллаабытынан киирбиттэрэ. Саалаҕа олорооччулар туран, кинилэргэ холбоһон, сүрдээх улахан хор үөскээбитэ. Ылласпат икки атахтаах суоҕа. Бу ырыаны ол курдук бары билэбит, сөбүлээн ыллыыбыт. Хаҥас өттүбэр учууталым, уҥа өттүбэр Сиэн Чолбодук олорбуттара. Онтон ыытааччы доргуччу саҥаран барда:
–Доҕоттоор, бука бары хорунан өссө бу таптыыр ырыабытын ыллыаҕыҥ. Таһаараллар: маҥнайгы куплеты – Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Люлия Григорьева, иккис куплеты – бу Киин дириэктэрэ Святослав Григорьев, үһүс куплетын – устудьуон, төрдүс куплеты – детсад оҕото. Саала барыта туран эрэ ылласпыта. Онтон сценаҕа турааччылар бары баран хаалбыттарыгар дьону толкуйдатар курдук түгэн буолбута. Сценаҕа ньургуһун курдук таҥастаах “Кыталык” ансаамбыл оҕолоро үҥкүүлээбиттэрэ.
Бу ырыаттан саҕыллан бастакы сибэккигэ сыһыаннаах элбэх айымньы айыллыбыта. Олортон биирдэстэрин маҥнайгы куплетыгар арыгыһыт, сэлээччэх буолбут диэбит кыыстара Сардаана Осипова нап-нарыннык тахсан кэлбитигэр, иккис куплетыгар киин хаһыат сирэйигэр охсуһан, сирэйдэрин быһыта сынньыспыт диэбит ыаллара – Александр, Сахаайа Бурнашевтар сиэттиһэн, үсүһүгэр киһини өлөрөн хаайыыга барбыт диэбит ырыаһыттара, ааптар Александр Дмитриев–Чүмэчи киирбиттэригэр саалаҕа олорооччулар үгүстэрэ ытаабыттара... Дьон хобо-сибэ сымыйатын ньургуһун хаары-мууһу тоҕута анньан тахсыыта күүстээҕин оннук көрдөрбүппүт.
Ити дьоро киэһэ биир сыл иннинэ, Алампа төрөөбүт күнүгэр, киниэхэ бэлэхтээбит Кирилэ Дабыыдабыс дьиэтигэр сибэкки уурар үгэстээхпинэн мустубуппут. Поэт дьиэтин аттыгар туран, учууталбар эттим:
– Ырыаҥ эһиил 50 сааһын туолар. Онно үбүлүөй оҥорорго идея баар.
– Эс, ол хайдах биир ырыанан оҥоруохха сөбүй?
– Хайаан да оҥоруохпут, эһиил күһүн эбэтэр кыһыары.
Ыы, – эрэ диэн кэбиспитэ. Оҥорбуппут кэнниттэн “Киһи биир кылгас да айымньынан элбэҕи оҥоруон сөп эбит”, – диэн астыммытын биллэрбитэ.
Ити ырыа үбүлүөйүн тоҕо саас буолбакка, кыһын оҥорбуппутуй?
Ырыа хайдах айыллыбытын мин эрэ буолуо дуо, элбэх киһи Василий Никитичтэн ыйытар, сэргээн истэр дьон элбэҕэ.
–1957 сыл. Күһүн, – диэн кэпсиирэ Василий Никитич. – Университет аһыллыытыгар үөрэххэ киирэн үөрүү-көтүү бөҕө. Онно истиэнэ хаһыатыгар тахсыбыт “Ньургуһуннар” диэн хоһоону сөбүлүү көрөн блокноппар сурунан ылбытым. Ырыа буолуон сөп эбит диэн, киэһэ домбрабын таҥкынаппыппар, матыып бэйэтэ тахсан кэлбитэ. Сол киэһэттэн Сэргэлээх оҕолоро бары ыллаан киирэн барбыттара. Онтукам баара, биир кууруска үөрэнэр уолум хоһооно эбит. “Тэтэрэ” диэн тыл баарын дьиктиргээбитим. Кеша: “Биһиэхэ, Ньурбаҕа, оннук ньургуһуннар бааллар ээ”, – диэбитэ. Кэлин тэтэркэй ньургуһуннары көрөн илэ итэҕэйбитим.
Аттыбытынан Сэргэлээххэ, пааркаҕа, Чочур Мурааҥҥа да “Ньургуһуннары” ыллыы-ыллыы ааһаллара. Бу ааптардар олороллор диэн ким билиэй? “Биһиги айбыт ырыабыт”, – диэн этиэхпит баара дуо?
Ырыабыт сол күһүөрү кыһын устудьуоннар куонкурустарыгар лауреат буолуоҕуттан уонна 1963 сыллаахха Анна Барашкова радиоҕа толоруоҕуттан, өрөспүүбүлүкэҕэ күүскэ тарҕаммыта, – диирэ учууталым Василий Никитич Протодьяконов.
Ырыа диэн киһи санньыар кэмигэр санаатын аралдьытар, итии иэйиини үөскэтэр, төрөөбүт дойдуга тапталын күүһүрдэр, үөрүүтүн үрдэтэр, билсиһиитин кэҥэтэр. Оттон тиэмэтин, уобараһын, матыыбын таба тайаннаҕына өссө ордук кыаҕа улаатар.
Ньургуһуну ырыанан иэйии киһиэхэ уонна төрөөбүт дойдуга тапталга, тоҥ буору тобулан, хаары-мууһу быыһынан күн диэки тардыһар күүһү биэрэр.
Мин “Ньургуһуҥҥа сүгүрүйүү” түһүлгэлэрин 2004 сылтан оҥоробун. Олорго учууталбын уонна Сиэн Чолбодугу олохторун тиһэх күннэригэр диэри саамай өрө туппуппут.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй кэлэктиибигэр Александр Константинович Чиряев көҕүлээһининэн үтүө үгэс үөскээбитэ. Саас аайы мырааннар тэллэхтэрэ саһархай “көбүөрүнэн” тэлгэниитэ ордук хойдоругар оҕолору төрөппүттэрин кытта Туймаада соҕурууҥҥу уһуга Өлүөнэлиин силбэһэр сиригэр оптуобуһунан, массыынанан илдьэн, онтон Табаҕа тумуһун дабайан Куллатыга диэри бөҕү-сыыһы ыраастаан, ньургуһун тиэмэтигэр араас куонкурустары оҥороллор, бастакы сибэкки туһунан, онно анаммыт айымньыларынан “Ньургун, Ньургуйаана, Ньургууна, Ньургуу, Ньургуһун” уо.д.а. диэн ааттаах дьоннор туһунан кэпсээннэргэ, айымньыларга күрэхтэһэллэр. Кыттар оҕолор, төрөппүттэр ахсааннара сыл аайы үксээн иһэр. 2017 сылга диэри сыл аайы Баһылай Никиитис биһиккини, доруобуйабыт үчүгэй эрдэҕинэ, бочуоттаах ыалдьыттарынан ыҥыран алҕаттаран, тыл этитэн, дьүүллүүр сүбэ баһылыктара оҥостон сылдьыбыттара. Оҕолор салгыы балаакканан хоно хаалаллара. Биһиги төннөн иһэн учууталбыныын бүөмнээн өссө атын очуоска баран ньургуһуннар ортолоругар олорон кэпсэтэрбит, айымньылары ырытарбыт, инники айар былааннарбын ыйытара, сүбэ-ама биэрэрэ.
Мин Василий Никитиһы 1981 сыллаахтан, СГУ саха тылын салаатыгар абитуриенныы сылдьыахпыттан тута киһиттэн ураты чаҕылхайын бэлиэтии көрбүтүм. Итинник диир киһи элбэх. Оттон университекка үөрэппит оҕолоро үксүбүт: “Саамай бастыҥ учууталбыт”, – диэн этэбит. Туттуулуун-хаптыылыын, саҥарардыын-иҥэрэрдиин өйбүтүгэр хаалан хаалбыт. Кини саамай улахан сатабыла: оҕону-ыччаты, улахан да киһини, ааҕааччыны толкуйдатара. Этэн иһэн: “Итини эһиги туох дии саныыгыт?” – диэн ыйытара, хоруй ыллаҕына “Оо-дьэ, ээ дьэ, ыы-ы, аа-а, дьэ, ээ хайдах? Дьэ-дьэ” диэн соһуйбута-өмүрбүтэ, сөхпүтэ буолара.
Оччолорго Сэбиэскэй былаас күннээн олорор кэмигэр, чуолаан үс учууталбыт – историяҕа Егор Егорович Алексеев, саха литературатыгар Василий Никитич Протодьяконов уонна Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн норуот өстөөхтөрүнэн биллэриллэн историяттан сотуллан, айымньылара кистэниллэн ааттара да бэчээттэммэт буолбут, өссө политическай өттүнэн националистар дэниллэн ыраастаммакка сылдьар Алтан Сарыны, критик Леонтьевы, оннооҕор Василий Васильевич Никифоров–Күлүмнүүрү ахтыталаан ылаллара. 1952 сыллааҕы Саха сирин салалтатын, учуонайдарын суруйууларынан бастыҥ дьоммутунан сирэйдээн, бүтүн норуоппутун национализмҥа буруйдуур “Правда” хаһыакка тахсыбыт ыстатыйаны уонна Компартия Киин кэмитиэтин ол сыллааҕы уурааҕа көтүрүллэ илигэ билигин да тахсарбытын харгыстыырын бэлиэтииллэрэ. Ол иһин сытайан туран Башарины, Өксөкүлээҕи, Ойуунускайы, Алампаны сиһилии үөрэтэллэр эбит. Баҕар, бу үлэбитин ситэрсэн көлүөнэлэр ситимнэһиилэрэ классиктарбытын сөптөөх сиригэр үөһээ таһымҥа таһаарыа диэн.
Семен Данилов да 1952 сыллааҕы буруйдааһыннартан ыраастаныыга сыраласпакка, бэйэтин эрэ иннин көрүммүтэ буоллар, доҕотторун Расул Гамзатов, Мустай Карим, Кайсын Кулиев, Давид Кугультинов курдук ССРС Геройа, Госпремиятын лауреата буолуон сөбө. Кинилэртэн итэҕэһэ суох таһымнаах үлэлээбитэ, муҥутуур бэлиэтэниитэ РСФСР М. Горькай аатынан бириэмийэтин лауреата этэ.
1986 с. устудьуоннар айдааннара буолла. Учууталларбыт ыччаттарын харыстаабыттара. Провокацияҕа киллэрэртэн сэрэтиигэ, көмүскэһиигэ муударай өйдөрө, ыллыктаах тыллара элбэҕи быыһаабыта.
Василий Никитич Протодьяконов бэйэтигэр да, үөрэнээччилэриттэн да наһаа улахан ирдэбиллээҕэ. Мөлтөхтүк суруйуох кэриэтэ суохтаабатах ордук диирэ. Биһиэхэ, устудьуоннарыгар дьээбэлэнэн: “Биир эрэ ырыабын, биир хоһооммун бэчээттэтэн турабын. Онон композитор, поэт аатыра сылдьабын”. Онтон кэнники: “Үйэҕэ биирдии эрэ ырыаны суруйабын”, – диир идэлэммитэ.
Элбэҕи айыа, суруйуо эбитэ буолуо да, кини сааһырыар диэри кырдьыгы суруйдахха оччотооҕу идеология, цензура ирдэбилинэн историяҕа сүрүн оруоллаахтары атын дьонунан көннөттөрөргө күһэйэллэрэ.
Өссө дэлби быһан-отон, ис хоһоонун, этиилэр ситимнэрин киһи өйдөөбөтүн, ааптары оччото суох суруксуттуу көрдөрөр курдук оҥорон редакциялыыллара. Ол иһин итинник бэчээттэниэн кэриэтэ тахсыбатаҕа ордук диирэ буолуо. Эгэ, бу киһи оннугар ол киһини суруй диллэрин ылыныа дуо? Уонна онтон сылтаан, буруйдааһын, үлэттэн туоратыллыы да оҥоһуллуон сөбө. 80-с сыллар ортолорун ааһыыта бастаан аһаҕастык суруйуу-этии саҕаламмытыгар аҕа саастаахтарбыт бэйэлэрин уонна урукку көлүөнэ сойуоламмыттарын санаан ол кэмнэр төннүөхтэрин сөп диэн дьаархаммыттара. Баҕар, бу провакация кэннэ сотору репрессия хаттаан саҕаланыан сөп диэх дьаарханаахтыыллара дуу?
Ити бастакытынан.
Иккиһинэн, докумуон да суоҕа, архыып материала суох мээнэ суруйуохтарын эмиэ оччо баҕарбатахтара буолуо. Дьэ, архыыптар (оннооҕор КГБ гиэнэ) аһыллыбыттарыгар дьэ, баайыллыбыт аттар түспүттэрин курдук буолта...
Ол да үрдүнэн биһиги Иван Игнатьевич Николаевтыын, Олег Гаврилович Сидоровтыын история үрүҥ мэҥнэрин таһаарыыга, сотуллубут дьону тилиннэриигэ суруйууларбытыгар бастаан утаа сэрэтэн сүбэлииллэрэ. Оттон харса суох Багдарыын Сүлбэ, Егор Алексеев, Далан, Доосо уо.д.а курдук мунньахтарга уолаттарбытын өйөөн бука бары күргүөмүнэн суруйуоҕуҥ диэн уоттаах-күөстээх тыллары этиилэрэ улахан халаан уутунуу, көмүөл күүһүнүү” бүтүн норуоту хамсаппыта.
Василий Протодьяконов репрессияламмыт Алтан Сарын, Кузьма Гаврилов тустарынан кинигэлэри таһаартарбыта. Атын кинигэлэргэ эмиэ репрессияламмыт дьон тустарынан ыстатыйаларын бэчээккэ биэрбитэ.
Японияҕа сакура бырааһынньыктара соҕурууттан хотугу өттүгэр диэри ыытыллаллар.
Дьон-норуот өйөөбүтэ. Куораттарга, дэриэбинэлэргэ араас тэрээһин, куонкурус, күрэхтэһии, бырааһынньык бөҕө буолбута. Ол эрээри ити сордоох дьаҥ эмиэ көбөн эрэринэн, хайдах ыытылларын этэр уустук. Дьиҥэр, Ньургуһун күннэрэ эрэ буолбакка, ити бастакы сибэккибит декадалара сыыйа эрдэ тахсар улуустарынан хотугу сыҕарыйан салҕаныахтаахтар. Ол күннэргэ айылҕалыын алтыһыы субуотунньуктарынан ыраастааһын барыа этэ.
Түмүкпэр, быйыл эмиэ саҥа идеялары толкуйдаабыппын биллэриэхпин баҕарабын. Ити Аппа уҥуордааҕы Итии күөлбүт тулатын наһаа үчүгэйдик оҥорбут киһи, куораппытын киэргэтиэ да этэ. Ханна даҕаны кытыллары (набережнайдары) ордук кыһаллан-мүһэллэн ландшафтнай дизайнынан оҥороллор. Биһиги ити сирбитин аан дойдуга билиниини ылбыт испэктээкилбит аатынан “Хаарыан хампа күөх кытылым” диэн ааттаан театральнай түһүлгэлээх оҥорбут киһи баар ини! Университекка ыччат билиигэ тардыһан кэлэр уонна онтон диплом ылан киэҥ аартыкка үктэнэр. Онтон улахан кыһабыт аанын (аан, аартык диэннэр эмиэ бэлиэлэр) киин проспекпытыгар диэри ньургуһун аллеяларыттан саҕалаан, Сахабыт сирин айылҕатын көрдөрбүт киһи төһө эрэ кэрэ көстүү буолар этэй! Итини “Майтона” салайааччыларыгар биллэрбиппэр, толкуйдаан баран үлэһиттэрэ айти-технологиянан кыайыахпытын сөп диэн эппиттэрэ. Оччоҕо уот-күөс, лазер көмөтүнэн кыһыннары хаарга хагдарыйбат ньургуһуннар, сардааналар, симэх оттор көрдөрүллүө этилэр. “Ыллыыр ыскамыайкаларга” кнопка баттаатахха, иһиттэн цифровой экран курдук сирэйдээх остуол таҕыстын. Онно музыка, өйү сайыннарар, күрэхтэһиннэрэр, тургутуһар оонньуулары таһаардын – сынньанааччылары саахыматтатыа, наардылатыа, дуобаттатыа, хаартылатыа этэ. “Сонорбутун”, японскай, корейскай, кытай дьарыктарын билиһиннэрдин.
Тула бэлэсипиэт, сүүрүү, хаамыы суоллара оҥоһулуннун.
Дэгиттэр өттүнэн сайдарга саҕах буолуо этэ. 100 сыллаах үбүлүөйгэ атын да кэмҥэ кэлбиттэр сахалар бэркэ оҥорбуттар диэн кэпсээн оҥостон барыахтыннар.
Иван Ушницкай, ньургуһуҥҥа сүгүрүйүү түһүлгэлэрин төрүттээччи.