27.10.2022 | 13:00

Кырдьаҕастар пансионаттарыгар миэстэ былдьаһык

Кырдьаҕастар пансионаттарыгар миэстэ былдьаһык
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Кырдьар саас араастык кэлэр быһыылаах. Ким эрэ дьэ бэйэтигэр болҕомто уурунар кыахтанар, иллэҥсийэн, кэлэрэ-барара элбиир, олоҕо хаттаан саҕаланар. Ким эрэ чуҥкуйан, сорсуйан барар, ыалдьара-туттара үксүүр, үлэлии-хамныы сылдьар оҕолоругар “мэһэй” буолара, онтон бэйэтэ да эрэйдэнэрэ – олоххо баар кырдьык...

Таҥхаччы кырдьыбыт, киһи илиитигэр киирбит, түөһэйбит, оҕолоругар төттөрү түспүт төрөппүттэрин көрөр, харайар, оҕо курдук бүөбэйдиир дьон үгүс. Ордук сахаҕа аҕам саастаах киһиэхэ ытыктабыллаах уонна махталлаах сыһыан үгэһэ олохсуйбут, төрөппүттэрин кырдьаҕастар дьиэлэригэр туттарбыт дьону сүөргүлүү саныыр киһи элбэх.

Ол эрэн олоххо араас буолар. Аһара кырдьыбыт, мэлдьи көрүүгэ-истиигэ наадыйар буолбут дьоннорун сатаан көрбөт, кэтээн олорор кыаҕа суох дьон эмиэ баар, ол иһин анал социальнай хайысхалаах дьиэлэргэ туттараллар. Манна даҕатан эттэххэ, кырдьаҕас, бэйэлэрэ соҕотоҕун олороллоро кыаллыбат төрөппүттэрин аныгы дьон соҕуруу муораҕа, ыраах улууска бараары-кэлээри гыннахтарына эмиэ быстах кэмҥэ эрэллээх, үчүгэй көрүүлээх-истиилээх анал сиргэ хаалларан барыахтарын баҕараллара уопсастыбаҕа биир тыын суолталаах кыһалҕа буолла.

 

Ити уонна атын төрүөттэринэн Дьокуускайга кылгас кэм иһигэр кырдьаҕас дьону көрөр-истэр 10-тан тахса чааһынай тэрилтэ кырдьаҕастары көрүү-истии социальнай бизнес биир балысханнык сайдар салаата буолла.

 

Чааһынайдар сыаналара ботуччу

Судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ төлөбүр кырдьаҕас биэнсийэтиттэн тутуллар эбит буоллаҕына, чааһынайдар сыаналара ботуччу, биир биэнсийэ онно эппиэттэспэт. Онон, биирдэ ууран биэрэр кыах суох буоллаҕына, бытарытан, суукканан уонна ыйынан аҥаардаан төлүүргэ дуогабардаһыахха сөп.

Сааһырбыт киһи атаҕар тура сылдьар, бэйэтэ таҥнар, аһыыр, киирэрин-тахсарын дьаһанар буоллаҕына, чэпчэки тарыыбынан ылаллар. Оттон кырдьаҕас кыратык да өйүнэн булкуллар (деменция), ону-маны умнан кэбиһэр, тахсан баран хаалар идэлээх буоллаҕына, көрүү-истии сыаната үрдээн биэрэр эбит.

Уопсайынан, чааһынайдар атах балай бара турар кэмэлдьилэммит кырдьаҕастары ыла сатаабаппыт диэн билинэллэр. Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатынан ааннар хатаныа суохтаахтар, онон эһиги киһигит тахсан баран хаалбытын биһиги көрбөккө хаалыахпытын сөп дииллэр. Кырдьыбыт киһи бутуллан, атын сиргэ баран мунан хаалара баар суол – бу деменция биир сибикитэ, сахалыы түөһэйии диэн ааттыыбыт. Оннук баран биирдэ эмэ муна сылдьыбыт киһи инникитин сүтэрэ, тахсан бара турара элбиир диэн сэрэтэллэр, эппиэтинэһи ылартан олус куттанар буолаллар эбит.

 

Хаһыакка матырыйаал оҥороору, Дьокуускайга баар кырдьаҕастар пансионаттарыгар барыларыгар кэриэтэ эрийтэлээтибит. Айбыт «остуоруйабыт” маннык: “Бэйэм солото суох үлэлиибин, ол иһин 75 саастаах ийэбин туттарыахпын баҕарабын”. Бастаан “ону-маны умнуон сөп, кыратык бутуллар” дии сылдьан, элбэх сиртэн атыыр аккаас ылан, “бэйэтин толору дьаһанар, иннин-кэннин быһаарынар киһи” диэн уларыттыбыт.

 

“Счастье” кырдьаҕастары көрөр-истэр дьиэҕэ суукката 1700 солк. эбит, 3 күн кэтээн көрөллөр, ураты кэтэбили, көрүүнү-истиини эрэйэр киһи буоллаҕына, сыаналарын үрдэтиэхтэрин сөп. Ыйга 51000 солк. тахсар, күҥҥэ түөртэ иҥэмтэлээх аһынан аһаталлар, сынньалаҥнарын тэрийэллэр, чугас дьоннорун көрсүһүннэрэллэр, хоско 3-4-5 буолан олороллор. 30-тарыттан саҕалаан 80-ча саастарыгар диэри дьон олороллор, уопсайа 45 киһилээхтэр, дьоннорун поликлиникаҕа сыһыаран көрдөрөллөр. Үлэлэрин туһунан саамай үчүгэйдик кэпсээбит, барытын сиһилии ыйыталаспыт, эйэҕэстик сүбэлээбит-амалаабыт бу тэрилтэ буолла. 3 күн олордон көрөн баран, сөбүлээтэҕинэ эрэ хаалларыаххын сөп диэн хоруйдаатылар.

 

Салгыы эмиэ маннык «остуоруйалаах» хас да сиргэ эрийдибит. Сорохтор төлөпүөннэрин ылбатылар, сорохтор сыаналарын билбэттэр, тойоттор-хотуттар кэллэхтэринэ кэлин эрийээр диэн буолла. Сыана араастаһар. Холобур, “Долголетие” чааһынай пансионакка суукката 1300 солк. саҕаланар, 3 этээстээх дьиэлээхтэр, хоско 2-3 буолан олороллор. Уопсайа 60 куойкалаахтар, билигин аҕыйах миэстэ хаалбыт.

“Рассвет” кырдьаҕастар пансионаттарын суукката 1400 солк. Миэстэлэрэ былыр үйэҕэ бүппүт, дьон бары кыстыктарын булунан олороллор диэтилэр.

“Доверие” пансионат сыаната сууккаҕа 1500 солк., эмиэ барыта ирдэбилгэ эппиэттиир, толору хааччыллыылаах дьиэ, көрүү-истии барыта таһымнаахтык тэриллэр. Бастаан боруобаланан көрүөххүтүн баҕарар буоллаххытына, 10 хонугу төлүүгүт, онтон 3 күнүнэн сирэн тахсан бардаххытына, харчыгыт ордугун төннөрөбүт диэн эрэннэрдилэр.

“Забота” пансионакка миэстэлэрэ бүппүт, быйыл миэстэ тахсыа биллибэт диэтилэр, сыаналара 1300 солк. саҕаланар. “Мой дом” кырдьаҕастар дьиэлэригэр биир эрэ миэстэ хаалбыт, суукката – 1300 солк. «Биһиги курдук тэрилтэлэргэ миэстэ олус түргэнник бүтэр, онон уһуннук-киэҥник толкуйдаабакка түргэнник быһаарына сатааҥ” диэн сүбэлээтилэр.

 

Миэстэ бүтэн иһэр

Кырдьаҕастар пансионаттара, интэринээттэрэ, көрүү-истии дьиэтэ диэн ааттанар тэрилтэлэргэ миэстэ былдьаһык эбит диэн түмүккэ кэллибит. Билигин дьон кыстыкка киириигэ миэстэтин булунар кэмэ. Сыаналара сууккаҕа саамай чэпчээбитэ 1300 солк., ыараабыта – 1 800 солк. Маннык дьиэлэргэ хайаан да медицинскэй сиэстэрэ эбэтэр медик үөрэхтээх социальнай үлэһит диэн көрүллэр. Сытар ыарыһахха туһунан тарыып олохтонор, диагноһыттан, бэйэтин төһө кыанарыттан, дьаһанарыттан тутулуктаах. Кырдьаҕастары кытта үлэлиир дьиэлэргэ сынньалаҥ сатабыллаахтык тэриллэр, саастыылаахтары кытта алтыһыы, остуол оонньуулара, нэдиэлэ аайы саататар тэрээһиннэр – барыта баар. Сорохторго култуурунай сынньалаҥы тэрийэргэ туспа штат көрүллэр. Билигин араас дьаҥ тарҕаммыт кэмигэр, харантыын биллэриллибэтэҕинэ, эрдэттэн сэрэтиинэн, чугас дьоннорун көрүһүннэрэллэригэр хааччахтар суохтар. Коронавирус хааччахтара кытааталларын саҕана көрсүһүү барыта бобулла сылдьыбыттаах.

 

Биэнсийэ 75 бырыһыанын туталлар

Маны таһынан Дьокуускайга үс судаарыстыбаннай интэринээт баар: Капитоновкаҕа, Якутскай уонна Бекетов уулуссаларыгар. Капитоновка сэлиэнньэтигэр баар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах Кырдьаҕастар интэринээт-дьиэлэригэр ыйдааҕы төлөбүр кырдьаҕас биэнсийэтин 75 бырыһыаныгар тэҥнэһэр. Биир ыйга бачча буолар диэн чуолкай суума суох, киһи аайы тус-туһунан суоттанар. Төлөбүрү кырдьаҕас биэнсийэтиттэн ый аайы тутуохтарын эбэтэр дьоно ый аайы төлөөн иһиэхтэрин эмиэ сөп.

Хас биирдии киһиэхэ тус бэйэтигэр реабилитация бырагыраамата, эмтэнии былаана оҥоһуллар. Докумуону барытын Социальнай харысхал управлениетын кытта оҥорсоҕут, онтон биирдэ Кырдьаҕастар дьиэлэригэр тиийэҕит.

Ханнык баҕарар социальнай тэрилтэҕэ курдук, кырдьаҕастар дьиэлэригэр Үлэ уонна социальнай харысхал министиэристибэтин путевкатынан эрэ киһини туттарыахха сөп. Хас биирдии түгэҥҥэ туһунан быһаарыы ылыллар, боппуруос барыта бу киһи чугас аймахтарын кытта быһаарыллар.

 

Социальнай харысхал управлениетын аадырыһа: Ленин пр., 4/1, 106 кабинет.

Бэнидиэнньиктэн чэппиэргэ диэри үлэлииллэр, эбиэттэрэ 13:00-14:00 чч.

Биир кэлим быһа линия: 8-800-600-00-00

mintrud.sakha.ru

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....