15.12.2022 | 17:00

Кыайыыны уһансааччылар дьиэ кэргэттэригэр — өйөбүлү!

Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна дьиэ кэргэттэрин өйүүр Координационнай штаб хайа күн үлэлиэҕиттэн байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэриттэн уонна аймахтарыттан тыһыынчаттан тахса көмөнү эрэйэр сурук киирдэ.
Кыайыыны уһансааччылар дьиэ кэргэттэригэр — өйөбүлү!
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев салалталаах Координационнай штаб үлэтин чопчулуур мунньахтар тиһиктээхтик ыытыллаллар. Манна куорат салалтатын бэрэстэбиитэллэрэ –  Дьокуускай куорат Дууматын Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов, Олохтоох дьаһалта структурнай салааларын, биэдэмистибэлэрин салайааччылара, салалта территориальнай уорганнара көхтөөх кыттыыны ылаллар. Территориальнай уорганнар салайааччылара куорат уокуругар олорор мобилизацияламмыт гражданнар дьиэ кэргэттэрин ахсааннарын туһунан информацияны тиэрдэр. Куорат салалтатын өттүттэн улахан болҕомто материальнай көмөҕө уонна бытовой кыһалҕалары быһаарыыга ууруллар. Евгений Григорьев чааһынай секторга олорор ыалларга уһулуччу болҕомтону уурар наадатын тоһоҕолоон бэлиэтиир. «Ураты болҕомтону чааһынай дьиэҕэ олорор ыалларга ууруҥ, гааһынан ититиигэ холбоммуттар тэриллэрин туругун көрүҥ. Наада буоллаҕына гаас салаатын исписэлиистэрин кыттыһыннарыҥ», - диир Баһылык.

Биирдиилээн кыһалҕалары сэргэ үксүн УФССП көбүппүт дьыалаларын, кирэдьиит каникулларын, социальнай гаастааһыны кытта сибээстээх ыйытыктар киирэллэр. Евгений Григорьев куорат салалтата анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр пропискаларыттан уонна ханна олороллоруттан тутулуга суох көмөнү оҥоруохтаах диэн бэлиэтиир.

Сэтинньы ый саҥатыгар куорат баһылыгын көҕүлээһининэн «Кыайыы» куораттааҕы аһымал пуондата аһыллыбыта. Итиннэ киирбит үп экипировканы, анал тэхиньиичэскэй тэрили, күннээҕи туттар малы-салы атыылаһыыга уонна тиксэриигэ туһуланар. Итини таһынан, байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһуллар. Көмөлөһүөн баҕалаах куорат олохтоохторо, тэрилтэ салайааччылара пуондаҕа бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрин сөп.

Сбербанк ПАУо реквизиттэрэ:

Ылааччы: Дьокуускай куораттааҕы «Кыайыы» аһымал пуондата

Ылааччы баана: Сбербанк ПАУо 8603/0062 №-дээх Дьокуускайдааҕы салаата

БИК: 049805609

Ылааччы счета: 3010181040000000609

Ылааччы счета: 40703810276000001608

Ылааччы ИНН-на: 1435972910

«Алмазэргиэнбанк» АКБ реквизиттэрэ:

Ылааччы: Дьокуускай куораттааҕы «Кыайыы» аһымал пуондата

ОГРН: 1141400000390

ИНН: 1435972910

КПП: 143501001

БИК: 049805770

К/С: 301018110300000000770

Расчетнай счет: 40703810200000706040

Санатар буоллахха, Дьокуускай куоракка Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин аадырыһа: Курашов уул., 1/1, төлөпүөннэрэ: 8(914)11080-20, 40-88-70. Киин 09.00 чаастан 18.00 чааска диэри өрөбүлэ уонна эбиэтэ суох үлэлиир.

Куорат былааһа анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин уонна чугас дьоннорун кытта көрсүһүүлэри ыытар. Ол курдук, куорат Дууматын Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов Сайсары уокуругун Управатыгар анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын чугас дьоннорун кытта көрүстэ. Көрсүһүүгэ куорат олохтооҕо Саҥа дьыл кэнниттэн сиэнин төгүрүк сыл үлэлиир оҕо лааҕырыгар киллэрэр туһунан көрдөстө. «Биһиги аадырыспытыгар суруйан киллэриҥ, оҕо лааҕырыгар миэстэ биэрэр туһунан Үөрэх управлениетыгар хадаатайыстыба бэлэмниэхпит», - диэтэ Альберт Семенов.

Наука кыбаарталын (Лонгинов-Чайковскай уулуссалар быһа охсуһуулара) суолун грейдердээһин туһунан этии киирдэ. 

«Олус иллээх кыбаарталлаахпыт, харчы хомуйан суолбутун оҥостобут, сыл аайы сырдатыыны бэйэбит туруорабыт. Суолбутун грейдердээн биэрэллэрэ буоллар», - диэн 21 саастаах мобилизацияламмыт уол ийэтэ көрдөстө, оҕото күнүскү көрүҥүнэн үөрэнэ сылдьан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барарга быһаарыммыт.

Альберт Семенов иһитиннэрбитинэн, ый аайы уулусса-суол ситимин үлэтин былаана оҥоһуллар. Халлаан туругуттан көрөн эбэтэр олохтоохтор көрдөһүүлэринэн уларыйыылар киириэхтэрин сөп.

«Ити уулуссаны грейдердиир туһунан туһааннаах структураларга биллэриэхпит», - диэн эрэннэрдэ Дуума Бэрэссэдээтэлэ.

Кини бүгүҥҥү күҥҥэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ өйөбүлгэ наадыйалларын бэлиэтээтэ. Дьокутааттар куорпустара араас көрүҥнээх көмөнү оҥорор, ол иһигэр көмө оҥорор штабтар үлэлэригэр кыттар, мобилизацияламмыт гражданнары уонна кинилэр чугас дьоннорун өйүүр миэрэлэри ылынар.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Промышленнай  уокуруктан мобилизацияламмыт гражданнар дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһүүтүгэр Дьокуускай куорат прокурора Антон Николенко, Управа салайааччыта Елизавета Служеникина, Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин салайааччыта Туйаара Колесова кытыннылар, үгүс кыһалҕалаах ыйытыыга хоруйдары биэрдилэр. «Маннык көрсүһүүлэри уокурук аайы ыытабыт. Тэрээһин кэмигэр дьиэ кэргэттэргэ көмө хайдах, ханнык болдьоххо оҥоһулларын билсэбит. Итини таһынан, көрсүһүү сыала – көмө үлэтин тупсарыы» - диэн бэлиэтиир Евгений Григорьев.

Көрсүһүүлэргэ байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрэ, кэргэттэрэ тыын суолталаах кыһалҕалары ыйаллар – эргэ, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүнү түргэтэтии, 3 уонна онтон элбэх оҕолоох мобилизацияламмыт аҕалары дьиэлэригэр түргэнник төнүннэрии, сүппүт докумуоннары чөлүгэр түһэрии уо.д.а. Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, олорор дьиэ кыһалҕатын быһаарар курдук, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр сир учаастактарын биэрэн, СОТ тэрийэр быһаарыыны ылынныбыт.

Куорат баһылыга мобилизацияламмыт гражданнар дьиэ кэргэттэрэ олох-дьаһах хомунаалынай, күннээҕи кыһалҕаларын бэйэлэрэ быһаара сатыа суохтаахтар диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир. «Кинилэр кыһалҕаларын чопчу быһаарарга Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин тэриллибитэ, итиэннэ уокуруктар Управалара көмөлөһүөхтээхтэр», - диэн баһылык эбэн этэр.

Хас биирдии уокурукка дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл үлэтэ күргүөмнээхтик барар. Ол курдук, Гагарин уокуругар мобилизацияламмыт гражданнар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөргө Попечителлэр  сэбиэттэрэ тэрилиннэ.  Бу уокурукка, Управа салайааччыта  Евгений Сидоренко информациятынан, 2022 сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан 92 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэттэрэ олорор. «Хас биирдии дьиэ кэргэни кытта билсэ турабыт, боппуруостары быһаарарга информационнай бөлөх итиэннэ Управа иһинэн Бэпэчиитэллэр сэбиэттэрэ тэрилиннэ», - диэн иһитиннэрдэ Евгений Сидоренко.

Бэпэчиитэллэр сэбиэттэрин састаабыгар, Управаны сэргэ, «Полярные Авиалинии», «Якутия» авиахампаанньалар, Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинин салайааччылара, Ил Түмэн дьокутааттара Иван Данилов, Марина Силкина, Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутаата Саргылана Васильева бааллар.

Управа салайааччыта  Евгений Сидоренко иһитиннэрбитинэн, күһүн байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр оҕуруот аһын тарҕаппыттар, билигин бородуукта набордарын түҥэтэллэр. Итини таһынан, Управа үлэһиттэрэ Хатыҥ-Үрэх шоссетыгар баар чааһынай дьиэ хаарын күрдьүбүттэр, Курнатовскай уул., 3/3 тимир гарааһы өрөмүөннэспиттэр, Васильев переулогар баар дьиэҕэ муус тиэйбиттэр. Дачнай уулуссаҕа чааһынай дьиэҕэ олорор ыалга таас чоҕу аҕалтарыы, Циолковскай уулуссаҕа олорор ийэни уонна оҕотун 2-с №-дээх куорат балыыһатын кытта эминэн хааччыйыы боппуруостара быһаарыллаллар. Манна даҕатан эттэххэ, мобилизацияламмыт гражданнар дьиэ кэргэттэрэ муниципальнай аптекалартан эмп атыылаһарга 10 %-наах чэпчэтиинэн туһаналлар.

Автодорожнай уокурукка олорор 146 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэттэрэ  «Арассыыйа – мин историям» историческай пааркаҕа босхо сылдьыахтарын сөп, итини сэргэ кинилэргэ анал тэрээһиннэр, маастар-кылаастар, куонкурустар ыытыллаллар.

Сайсары уокуругар, Управа салайааччыта Владимир Слепцов иһитиннэрбитинэн, 108 мобилизацияламмыт гражданин дьиэ кэргэнэ олорор. Кинилэр олорор усулуобуйалара араас – үксүлэрэ чааһынай дьиэлэргэ, сорохторо кыбартыыра куортамнаһан олороллор. Ким туох кыһалҕалааҕынан көрөн, материальнай көмө, социальнай гаастааһын оҥоһуллар. Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнэ олорор сиригэр, Парковай уулусса учаастагар, «Якутдорстрой» АУо суолу грейдердээбит. «Саҥа дьыллааҕы дьиктини бэлэхтээ» аахсыйа биллэриллэн, предпринимателлэр оҕолорго анаан үбүнэн кыттыһаллар.

Марха «Чэчир» Култуура дьиэтин иһинэн ыытыллыбыт аһымал кэнсиэргэ киирбит 121 800 солкуобай харчы Мархаттан мобилизацияламмыттар дьиэ кэргэттэригэр ананна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...