26.09.2023 | 10:00

«Кыайыы поеһа» быыстапка-музей кэллэ

«Кыайыы поеһа» быыстапка-музей кэллэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, балаҕан ыйын 26 күнүттэн, Аллараа Бэстээххэ «Кыайыы поеһа» көһө сылдьар быыстапка-музей кэлэн үлэтин саҕалыыр диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Быыстапка-музей балаҕан ыйын 28 күнүттэн салгыы айанныыр. Балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри «Кыайыы поеһын» Нерюнгри куоратын олохтоохторо көрүөхтэрэ. Босхо билиэти поездпобеды.рф бырайыак сайтыгар регистрацияланан ылыахха сөп. Билиэт электроннай почтаҕа киирэр. Быыстапкаҕа 12 сааһыттан үөһээ оҕолор сылдьаллар, итинтэн кыра саастаахтар төрөппүттэрин кытта киирэллэр. 6 сааһыгар диэри оҕолору сырытыннарымаҥ диэн сүбэлииллэр.

Поездка бөлөхтөр биэстии мүнүүтэ буола-буола киирэллэр, электроннай билиэти бэрэбиэркэлээччилэргэ – «Кыайыы волонтердарыгар» көрдөрүллэр. Тэрийээччилэр быыстапкаҕа кэлээччилэри хойутаабаттарыгар көрдөһөллөр.

«Кыайыы поеһын» ыалдьыттара экскурсияны наушниктаах кэлэн мобильнай сыһыарыы нөҥүө истиэхтэрин сөп. Итини сэргэ, бырайыак сайтыгар киирдэххэ, быыстапкаҕа онлайн эрэсииминэн сылдьан көрүү баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...