25.05.2023 | 17:22

Кыайыы пааркатыгар 3500 хатыҥ уонна кедр олордуллуоҕа

Кыайыы пааркатыгар 3500 хатыҥ уонна кедр олордуллуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сарсын, ыам ыйын 26 күнүгэр, Кыайыы пааркатыгар «Өйдөбүнньүк саада» диэн  аахсыйа чэрчитинэн 3500 хатыҥ уонна кедр мас олордуллуоҕа. 
«Өйдөбүнньүк саада» норуоттар икки ардыларынааҕы аахсыйа Арассыыйа Бэрэсидьиэнин 03.07.2020 сыл № Пр-1069 сорудаҕынан кулун тутар 18 күнүттэн бэс ыйын 22 күнүгэр диэри дойду бары регионнарыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын сырдык ааттарыгар сүгүрүү быһыытынан ыытыллар. Ол курдук, Аҕа дойду сэриитигэр тыыннарын толук уурбут 27 мөлүйүөн саллааты кэриэстиир 27 мөлүйүөн мас олордуллуохтаах. 
Дьокуускайга Кыайыы пааркатыгар аахсыйа ыам ыйын 26 күнүгэр күнүс 12.00 чаастан ыытыллар, диэн СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...