Кыайыы күнүнэн!
Спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, миниистири 1-кы солбуйааччы Александр Бугаев, миниистир көмөлөһөөччүтэ, Өрөспүүбүлүкэ спорка музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов спорка үгүс көлөһүннэрин тохпут, билигин 90-н ааспыт уонна 90-гар чугаһаабыт аҕам саастаах ытык кырдьаҕастарга дьиэлэригэр-уоттарыгар тиийэн, сибэкки дьөрбөлөрүн, Махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаатылар. Үүттээх чэй иһэ-иһэ, истиҥник-иһирэхтик, ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Өрөспүүбүлүкэ спордун салайааччылара спорка бүгүн буола турар быһыыны-майгыны, бастыҥ спортсменнарбыт ситиһиилэрин кэпсээтилэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар. Холобур, дойду 90 регионуттан физкультура уонна спорт маассабаһыгар Саха сирэ 26 миэстэҕэ тахсыбытын, ковид иннинэ 71 миэстэҕэ сылдьыбыппытын, нэһилиэнньэ бары араҥатыгар ГТО нуормаларын туттарыы көхтөөхтүк ыытылларын, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам улуустара хайыһарынан утумнаахтык дьарыктаналларын, кэскиллээх ыччаттар баалларын, бастыҥ спортсменнарбыт олимпийскай мэтээллэри аҕалалларын туһугар күүстээх үлэ барарын, бэйэбит да, кэлии да тренердэр айымньылаахтык үлэлииллэрин, анал байыаннай дьайыыларга уон икки спортсмеммыт кыттыыны ыла сылдьалларын, Спорка солбугу бэлэмниир киин дириэктэрэ Василий Иванович Егоров бэйэтин баҕатынан батальон хамандыырынан сыл аҥаара ытык иэһин толорон кэлбитин, спорт атын салааларын үлэһиттэрэ бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн барарга бэлэмнэнэллэрин, санкцияларынан сибээстээн олимпийскай бырагыраамалар быстах кэмҥэ тохтотуллубуттарын, быйыл физкультурнай хамсааһын 100 сыла Бүтүн Арассыыйатааҕы Физкультурник күнүгэр атырдьах ыйын 12 күнүгэр киэҥник бэлиэтэниэхтээҕин уо.д.а. туһунан иһитиннэрдилэр.
Көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ 1956 сыллаах бастакы чемпионатын кыайыылааҕа, Саха АССР Госкомспордун 1967-1978 сылларга бэрэссэдээтэлэ Семен Иванович Алексеев, Саха сирин, Уһук Илин уонна Арассыыйа сүүрэр суолларын чөмпүйүөнэ, Саха сирин спордун 1978-1986 сыллардаахха салайбыт Афанасий Егорович Алексеев, 1950-1960 сылларга өрөспүүбүлүкэ күүстээх хайыһардьыта, Госкомспорт отделын инструктора Матрена Петровна Алексеева өйдүүллэрэ, ахталлара-саныыллара үгүс, кэпсэтиилэртэн улаханнык сэргэхсийдилэр.
Семен Иванович Алексеев Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээҕин-уустааҕын билиһиннэрэн туран, спорка үчүгэй кэмнэр туралларын, физкультура уонна спорт икки институттара биэрэр көдьүүстэрин, ситиһии кэлэригэр уопут быһаарар оруоллааҕын, классическай тустууга Красноярскайга Бүтүн Сойуустааҕы тунирга бастыы сылдьыбытын, хайыһарга соҕурууттан улахан исписэлиистэри аҕалыахха, спорт сайдарын туһугар үбү-харчыны харыстаамыахха наадатын, Булуҥ улууһугар таһаарыылаахтык үлэлээбитин, кэлин учуутал буолбут оҕото Раиса Тимофеевна Корякина туруорсан “Булуҥ улууһун бочуоттаах олохтооҕо” буолбутун махтанан аһарда, Анал байыаннай дьайыыларга кыттыбыттар улаханнык чиэстэниэхтээхтэрин, спортивнай тутуулары харса суох тутан иһэр кэскиллээҕин, М.Е. Друзьянов курдук элбэх наадалаах идеялардаах дьону күүскэ туһанар булгуччулааҕын уо.д.а. тустарынан санааларын эттэ.
Сири эт атаҕынан сэттэтэ эргийбит 89 сааһыгар сылдьар Афанасий Егорович Алексеев сүүрэр-хаамар, чэгиэн-чэбдик туругун тута сылдьар, хаһан, ханна да сырыттаҕына, оҕолор, ыччаттар, нэһилиэнньэ бүттүүнэ физкультуранан уонна спордунан дьарыктаналларыгар ыҥырар-угуйар, тэрийэр-көҕүлүүр дьаһаллары ыытыһар. Күн бүгүнүгэр диэри үгүс сүбэнэн-аманан көмөлөһөр уопуттаах улахан салайааччы Афанасий Алексеев Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээн туран, болҕомтону маассабай спорка уурары, саха норуотун доруобай оҥорор туһугар күүскэ үлэлиири, нэһилиэнньэ 80 % физкультуранан уонна спордунан хабарга, дьоммутун доруобай оҥорорго, Арассыыйаны бүтүннүүтүн ыҥырарга, Ил Дархан ыйааҕын таһаартаран, онон күүскэ хамсанарга эттэ. Билигин да дьарыктана сылдьарын, нэдиэлэҕэ үстэ 10-15 км хаамарын-сүүрэрин, иккитэ бассейҥҥа харбыырын, алтыс күнүгэр үс чаас устата оһуохайдыырын, үҥкүү уонна оһуохай эмиэ физкультура-спорт көрүҥнэрэ буолалларын, маассабаска сабыдыаллаахтарын туһунан санаатын үллэһиннэ.
Аҕам саастаах бэтэрээннэрбит өйдөрө-санаалара чэбдик, спорт эйгэтигэр буола турар быһыыны-майгыны билэ-көрө, сэҥээрэ олороллор, санааларын этэллэрэ, этиилэри киллэрэллэрэ үөрдэр. Саха сиригэр физическэй культура уонна спорт сайдыыларыгар кылааттарын киллэрбит, билигин сааһыран олорор бэтэрээннэргэ Махтал буоллун! Сирдээҕи олохтон дьолу толору билиҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ!