04.05.2023 | 11:40

«Кыайыы чүмэчитэ» аахсыйа буолуоҕа

«Кыайыы чүмэчитэ» аахсыйа буолуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Улуу Кыайыы 78 сылыгар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы "Кыайыы чүмэчитэ" ыччат аахсыйата быйыл Дьокуускайга ыам ыйын 7 күнүгэр Кыайыы болуоссатыгар буолар. 
Аахсыйа Триумфальнай арка аттыгар киэһэ 20:00 чааска ыытыллыаҕа, кыттааччылар киэһэ 19:00 чаастан мустан саҕалыахтара, диэн иһитиннэрэр тэрийээччи - Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Ыччат политикатыгар уонна уопсастыбаннай сибээскэ управлениета. 
«Кыайыы чүмэчитэ» аахсыйа урукку сылларга «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» диэн ааттаах ыытыллара. Бастакы аахсыйа 2009 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка Ленинград блокадатын тоҕо көтүү 65 сылыгар ыытыллыбыта. Былырыын, 2022 сыллаахха, Дьокуускай куоракка бу аахсыйаҕа 10 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыыны ылбыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...