16.09.2022 | 16:00 | Просмотров: 650

Кыайыы болуоссатыгар тахсыбыт түбэлтэнэн хамыыһыйа бэрэбиэркэ ыытыаҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 11 күнүгэр, Куорат күнүн бырааһынньыктааҕы тэрээһинигэр, Кыайыы болуоссатыгар 66 саастаах куорат олохтооҕор металлоискатель араамата түһэн эчэйии ылбытынан балаҕан ыйын 14 күнүгэр сайабылыанньа киирдэ диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Тэриллибит хамыыһыйа ити түбэлтэ биричиинэлэрин уонна буруйдааҕы чуолкайдыыр сыаллаах бэрэбиэркэни ыытыаҕа.

«Эчэйбит гражданка биһиги уокурукпутугар олорор. Олохтоох дьаһалта аатыттан ити түбэлтэнэн хомолтобутун биллэрэбит уонна эчэйбит куорат олохтооҕор түргэнник үтүөрэригэр баҕарабыт. Бэрэбиэркэ түмүгүн киниэхэ булгуччу биллэриэхпит» - диэтэ хамыыһыйа чилиэнэ, Сайсары уокуругун Управатын баһылыга Владимир Слепцов.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.