Кыамматы атаҕастаама
Сарсыарда уһуктубутум бүгүн эмиэ халлааммыт ыанньыйбыт хара былыттарынан ханан да сырдык киирбэтин диэбит курдук саба бүрүнэн, хараҥаран аҕай тураахтыыр эбит.
Кырдьык даҕаны, бу самаан сайыммыт барахсан самыырдаах күннэрэ сиэттиһэ, ыҥырса сылдьаллар быһыылаах, кэмэ суох сиик түстэ... Чэ түстүн, сири-буору ньүөлсүттүн. Окко киириэх иннинэ түһэрэ уйгу-быйаҥ түстэнэригэр буоллаҕа. “Үүммүт саҥа күн үчүгэйи эрэ түстээтин” диэн саныы-саныы мин бүгүн, күндү ыалдьыппын кэтэһэ таарыйа, баахыла, алаадьы астыырга тэринэн бардым...
Мин иннибэр кыракый уҥуохтаах, тэбис-тэҥ гына лэппиллибит муус маҥан баттахтаах, билигин да сытыы сирэйдээх-харахтаах, сөрү-сөп таҥастаах-саптаах, төһө да тоҕуһуон сааһын аһардар бэрт сэргэх сэбэрэлээх дьахтар олорор. Кинини “эмээхсин” диэҕи киһи тыла барбат. Бу мин дьүөгэм ийэтэ Аана, Анна Гаврильевна, уруккута алын кылаас учуутала. Дьүөгэм олус уус-уран тыллаах, киһи эрэ истэ олоруох курдук кэрэ кэпсээннээх киһи. Төрүт тылын сүмэтин иҥэриммит диэн кини курдуктары этэн эрдэхтэрэ. Анна Гаврильевна бу бүгүн биһиэхэ ыалдьыттыы олорор. Остуол хотойорунан алаадьы, баахыла, эт, харта. Бүгүн мин эрдэттэн кэпсэтии быһыытынан кини эрэйдээх оҕо сааһын туһунан ахтыытын сааһылааан суруйаары бэлэм олоробун.
– Ааспыт олохтон атаҕастабылы ааҕа, хомолтону умнубакка хомуйа сылдьыы – кэскилэ суох дьыала буоллаҕа... Ол эрээри мин бу уһун олоҕум тухары кыра тулаайах эрдэхпинэ саҥаспыттан Арыппыастан атаҕастаммыппын умна сатыыбын да, ол ааспыт сыллар оспот баастара буолан син биир саната сылдьаллар эбит.
Мин сэттэ сааспын ааһан эрдэхпинэ ийэм Татыйык барахсан күн сириттэн күрэммитэ. Аҕабын кытта иккиэйэх хаалаахтаабыппыт. Аҕабын оҕо эрдэҕиттэн тастыҥ быраата ”Хабырыыс” диэн сатаан ааттаабакка “Хаппыыс” диэн ыҥырбыт аата иҥэн, дьиэ иһигэр көннөрү “Хаппыыс” диэн ыҥыраллара. Аҕам сүрдээх сымнаҕас, мас көнө, бүгүрү үлэһит, үйэтигэр кими да кытта этиспэтэх, утары саҥарбатах, эмиэ тулаайах улааппыт барахсан этэ. Оччолорго, урукку дьон сиэринэн, туоска кыракый дьэҥкир таастары аттаран тигиллибит түөрт түннүктээх, саах сыбахтаах, эриэн сүөһү тириитинэн бүрүллүбүт ааннаах, сабараанньалаах саха балаҕаныгар аҕам убайын аахха Бөтүүстээххэ кыбыллан дьукаах олорбуппут.
Убайым киириилээх-тахсыылаах, барбыт-кэлбит киһи, дьиэтигэр да хоноро ахсааннаах буолара. Ол иһин, холхуоска үлэлии-үлэлии, дьиэ-хотон ис-тас үлэтин аҕам үлэлиирэ. Балаҕан иһигэр Бөтүүс кэргэнэ Арыппыас муҥур хотуммут буолара. Кини орто уҥуохтаах, хоп-хойуу баттахтаах, төгүрүк сирэйдээх, хара бараан дьүһүннээх, кэлбит-барбыт сытыы дьахтар этэ. Тыллаах, хотумсук буолан миигин оҕо эрдэхпинэ элбэхтэ ытаппыта да, хомоппута да.
Саҥаһым атын дьоҥҥо олус үчүгэйэ, күлэн саһыгырата-саһыгырата бүппэт кэпсээннээх буолара, ол гынан тоҕо эрэ миэхэ кэлэн дьэ таала кырыыланара. Тугу этэрин барытын “тук” курдук оҥоробун, эгэ, этиһэр кэлиэ дуо, тугу да утары саҥарбат этим. Аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ убайым Уйбаан, эдьиийим Настаа дэҥ кэриэтэ сылдьан ааһаллара. Ол кэмҥэ, дьонум баалларына, мин саҥаспар мааны оҕо буоларым, “оҕом Аанчык” диэнтэн атыннык ааттаабат этэ. Онтон дьонум ааны сабан бардылар да, саҥаһым атын сирэй-харах буолара, дьүһүннүүн-бодолуун уларыйан, этэргэ дылы, тимир тириитин кэтэрэ.
Анна Гаврильевна остуолтан өссө да сылаас баахыланы ылан эргим-ургум көрө олордо уонна кэпсээнин салҕаата:
– Мин баахыла оҥорорбун билиҥҥээҥҥэ диэри соччо сөбүлээбэппин. Ол биричиинэтэ эмиэ оҕо сааспын кытта сибээстээх. Саҥаһым Арыппыас ыалдьыттар кэлэр буоллахтарына миэхэ баахыла буһартарар этэ. Баахыла тимирэ наһаа да ыарахан ыйааһыннаах буолара, арааһата, тутааҕа чугуун быһыылааҕа. Аанньа аһаабат, хап-хатыҥыр, этэргэ дылы, от илии, от атах кыысчаан ол тимири кыайан көтөхпөт, эргиппэт да этим. Сэниэм-сылбам быстан туран буһарарым. Төһөлөөх саҥата суох хараҕым уутун тохпуппун көмүлүөк оһохпут буор холумтана эрэ билэн эрдэҕэ.
Биир сааскы сырдык сарсыарда саҥаһым: “Хотуой, сарсын Уйбаан сылдьан ааһар үһү, үөрэххиттэн кэллиҥ да баахылата буһараар, үнүрүүҥҥү курдук уокка сиэтиэҥ да сэрэн,” - диэн эрдэттэн саанна. Оччолорго мин алтыс кылааска үөрэнэр этим, оскуолабыт биһигиттэн түөрт биэрэстэлээх сиргэ баара. Үөрэнэрбин, оҕолору кытта алтыһарбын олус сөбүлүүрүм. Оччотооҕу оскуола оҕолоро учууталы таҥара курдук көрөрбүт. Биһиги учууталбыт Савелий Ильич Жуков үрдүк уҥуохтаах, арай, мин көрдөхпүнэ, күһүҥҥү хатыҥ сэбирдэҕин курдук дьүһүннээх баттахтаах, кылгас кугас бытыктаах, сайыҥҥы халлааны санатар күп-күөх, ып-ыраас харахтаах киһи этэ. Биһиги, оҕолор, ордук кини хараҕын олус интэриэһиргиир буоларбыт. Хаһан да куолаһын соноппот, эгэ, мөҕүө дуо, суох. Нуучча тылын үөрэтэрэ, сахалыы кыратык өйдүүрэ. Оччолорго тэтэрээт, уруучука, кинигэ да кэмчи буолара. Кылааспытыгар биир кинигэни бары уларса сылдьан ааҕарбыт, хоһоон үөрэтэрбит, кинигэбитин олус харыстыырбыт. Савелий Ильич хоһооммутугар туох баар тыл охсуутун туруоран биэрэр этэ. Мин хоһоону үстэ-түөртэ аахтым да, нойосуус билэр этим. Арай биирдэ Крылов “Стрекоза и муравей” диэн үгэтин нойосуус биэрдилэр, уочарат быһыытынан бу сырыыга кинигэ миэхэ тигистэ.
Оскуолаттан кэлэрбин кытта “баахылата оҥор” диэн буолла. Мин хап-сабар бэлэмнэммитинэн бардым. Санаабар, баахыла астыыр кэммэр үгэбин аҕыйахта ааҕаат да билиэм диэммин кинигэбин бэйэбиттэн чугас ууран баран ботугураан ааҕа-ааҕа баахыла буһара олордум. Дьэ ол олорон эмискэ саҥаһым хаһыытыттан ходьох гына түстүм: “Бу баҕайы кыыһа баахыланы уокка сиэттэ дии”,- диэбитинэн Арыппыас ойон кэллэ да, үгэ үөрэтэ олорор кинигэбин эһэ охсон ылла уонна: «Бу баҕайыны көр эрэ, сиргидэх, Хаппыыс кыыһа эн хантан кэлэн үөрэхтэнээри, өссө кинигэлээх баҕастаах», - диэт, кылааспытыгар бары уларса сылдьан ааҕар суос-соҕотох кинигэбитин көрдөрбүтүнэн оһоххо быраҕан истэҕинэ былдьаһан көрбүппүн туора садьыйбытыгар, оһоххо охтуох киһи, остуолга баран иттэннэри түстүм. Көмүлүөк оһох кып-кыһыл чоҕугар кинигэбит эрэйдээх көрөн турдахпына түрдэччи таттаран умайара, хара күлгэ-көмөргө кубулуйара билигин да харахпар бу баардыы көстөр. Оо, онно соһуйбуппун, куттаммыппын бу уһун олоҕум тухары умнубаппын. Мин ол кэмҥэ саҥаһым сарылаабытыттан, ыарыылаахтык туора хаһыйбытыттан буолбакка, сарсын оскуолаҕа тиийэн хайдах бииргэ үөрэнэр оҕолорбор, учууталбар кылааспыт соҕотох кинигэтин ханна гыммыппын кэпсиирбин саныы-саныы, ампаарбыт кэннигэр тоҥо-тоҥо өр да өр ытаабытым.
Ол онтон аҕам булан киллэрэн уоскуппута. “Тоойуом, эн туох буруйдаах буолуоххунуй, учууталгар хайдах баарынан кэпсиэҥ буоллаҕа”, -дии-дии сылаас хоонньугар илдьэ сыппыта, инньэ гынан саппаҕырбыт санаабын сыттык гынан бу орто дойдуга соҕотох миигин таптыыр киһим аҕам хоонньугар ытаан сыҥсыйа сытан утуйан хаалбыт этим.
Сарсыҥҥытыгар аҕам таһырдьа тахсан атаарарыгар төбөм оройуттан сыллаан ылбытыгар уоскуйа быһыытыйтым, хайыамый, оскуолабар куттана-куттана бараахтаабытым. Оскуолабар кэлбиппэр, дэлби ытаабыт киһи сирэйим-хараҕым дьаабы буоллаҕа буолуо, учууталым барахсан Жуков кылааска киллэрэн оргууй аҕай туох буолбутун ыйыталаста. Онно кыайарбынан, бөтөн ыла-ыла, нууччалыы-сахалыы бэҕэһээ дьиэбэр буолбут быһыыны-майгыны кэпсии сатаатым, нууччалыы билэр да тылым оччолорго татым буолаахтаатаҕа. Сотору-сотору “книги нет, совсем нет” диирбин эрэ өйдүүбүн. Савелий Ильич мин бутуурдаах кэпсээммиттэн тоҕо кинигэ суох буолбутун толору өйдөөбөккө оскуола директора Иван Петровиһы ыҥыран киллэрдэ, мин иккистээн кэпсээтим. Ол кэнниттэн учууталым Иван Петровичтыын өр соҕус нууччалыы тугу эрэ кэпсэттилэр, директорым кылаастан тахсарыгар: “Аанчык, эн буруйуҥ суох, куттаныма, эн үчүгэйдик үөрэнэргин билэбин, үөрэххин кытаат,”- диэт, чуораан тыаһаабытыгар, ачыкытын көннөрө-көннөрө, тиэтэйэ-саарайа уруокка барбыта.
Ити курдук учууталларым миигин биир тылынан хомуруйбакка, мөхпөккө, болҕойон истэн баран уоскутар аакка барбыттара. Савелий Ильич иккиэйэх хаалбыппытыгар миигин аһынан төбөбүттэн имэрийбитигэр туора киһиттэн хаһан да “сээн” дэппэтэх тулаайах кыысчаан дэлби уйадыйбытым, хараҕым уута тохтоло суох сүүрбүтэ, саҥа таһааран ытаан барбытым...
Аны санаатахха, чороччу улаатан эрэр тулаайах кыысчаан учууталларым киһилии, үтүө сыһыаннарыттан долгуйан, тылынан сатаан сааһылаан эппэт махталбыттан ытаабыт эбиппин. Ол харах уута сырдык, ыраас махтал хараҕын уута этэ.
Ити түбэлтэ кэнниттэн бииргэ үөрэнэр оҕолорум да туох да диэн саҥарбатахтара, сирэй-харах аспатахтара, бэл, дьээбэ-хообо хаата мэник Миитээ миигиттэн ыраах сылдьыбыта. Арааската, Савелий Ильич барахсан миигин харыстаан эрдэттэн оҕолору сэрэппит быһыылааҕа. Итини этэн эрдэхтэрэ “сырдык киһи сылаас тыыннаах” диэн.
Кэлин улаатан баран өйдүүбүн: учууталларым мин дьиэтээҕи эрэйдээх-буруйдаах олохпун билэллэр эбит. Ол курдук Иван Петрович, Савелий Ильич курдук оҕону өйүүр уонна өйдүүр учууталлар баар буоланнар үөрэххэ тардыһыым күүһүрбүтэ, оскуолабар үөрэ-көтө барарым уонна кинилэр курдук билиилээх, үтүө сүрэхтээх учуутал буолуохпун баҕарарым.
Ол ыра санаам туолан кэлин бэйэм учуутал буолан баран тулаайахтары, кыралары, кыамматтары мэлдьи аһынар, харыстыыр этим, күүһүм кыайарынан кинилэргэ сүбэ-ама буоларым. Үөрэнээччилэрим улаатан да баран миигин хомотор биир тылы эппэтэхтэрэ, ол да иһин кинилэр махталларын кустугар сууланан бу бачча сааспар этэҥҥэ кэллэҕим.
Бу ыаллар, Макаровтар, дьоннор сир аннынан кистээн кэпсэтэллэринэн, оҕо турбат ыала этэ. Үстэ оҕоломмуттара да үһүөн икки-үс саастарыгар тиийбэккэ өлөөхтөөбүттэр үһү. Биллэн турар, тустаах дьоҥҥо ыарахан буоллаҕа, ол эрээри онно тоҕо эрэ эмиэ мин буруйданар этим... “Бу Хаппыыс кыыһын абааһы да сирэн сиэбэт, уу да ылбат, биһиги оҕолорбутун таҥара ылан иһэр”, – дии-дии саҥаһым миигин кынчарыйар тымныы харахтара бу баар курдуктар. Оннук ыарахан күннэр бүрүүкээтэхтэринэ миэхэ хаппыт лэппиэскэтээҕэр, бэл диэтэр, иэдьэгэй да тиксибэт түгэннэрэ үүнэллэрэ. Бу балаҕан иһигэр мин уончалаах кыыс тыыннаах хаама сылдьарым эмиэ буруй буолар курдуга.
Ама да ааспытын иһин ыарахан кэмнэр этэ. Мин “оннооҕор абааһы сирэр кыыһа” диэн тыллары олох өйдөөбөт этим, ол аата олус куһаҕан дьүһүннээх буоламмын миигин абааһы сирэр буоллаҕа дии саныырым уонна ким да көрбөтүгэр дүөдэ уутугар күлүкпүн көрүнэр буолбутум. Арай көрдөхпүнэ, атын оҕолортон туох да уратыта суохпун.
Алтыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына туйгун үөрэҕим иһин арай миигин “Артекка” ыытаары гыннылар. Оччолорго “Бэлэм буол” хаһыаттан ити лааҕыр Хара муора биэрэгэр Кырыымҥа баарын туһунан биһиги билэбит, ааҕабыт, ымсыырабыт. Баһаатайбыт Дуунньа кыыс дьиэбитигэр кэлэ сылдьыбытыгар аҕам мас тиэйэ барбыт, суох буолан биэрбит. Саҥаһым туох диэн кэпсэппитин билбэппин эрээри, ол кэнниттэн “Артекка” мин оннубар ырааҕынан аймахпыт уолу ыыппыттара. Ол Макар эмиэ туйгун үөрэнээччи, кыанар ыал оҕото этэ. Миэхэ кэһиитин Хара муораттан дьэрэкээн ойуулаах чоху хаатын аҕалан бэлэхтээбитэ, оо, ол онно үөрбүппүөн. Кини кэлин ситэн-хотон улахан учуонай буолбута, мэлдьи билсэр этибит. Онон “Артекка” барбатахпыттан соччо хомойбоппун, кэлин сиэн уолум сылдьыбыт хаартыскаларын көрөммүн олус үөрбүтүм, сылдьыбыт курдук санаммытым.
Арай сэттис кылааһы бүтэрэрбэр туйгун үөрэҕим иһин оскуолам барахсан миэхэ бэлэх биэрдэ. Сүрдээх үчүгэй килиэккэ ойуулаах ырбаахы таҥаһа уонна онно барсар түөрт кылабачыгас кып-кыра төгүрүк тимэхтэри. Үөрүүбүттэн дьиэбэр баран иһэн сотору-сотору торбос тириититтэн тигиллибит суумкабыттан таҥаспын быктаран имэрийэн ылабын, тимэхтэрбин хостоон ытыспар күн уотугар эҥин араастык хамсатан көрөбүн, аҕам үөрэрин санааммын, кынаттаах курдук дьиэбэр сүүрэрим; бэл, сааскы күлүм күн миигин кытта тэҥҥэ үөрэн мичээрдиир курдуга. Дьиэбэр тиийэн оскуолам күндү бэлэҕин аҕабар көрдөрө турдахпына аттыбытыгар саҥаһым Арыппыас бу баар буола түстэ:
– Хотуой, хантан бу ыллыҥ?
– Оҕобор туйгун үөрэҕин иһин бириэмийэ биэрбиттэр – аҕам наһаа киэн туттан оргууй аҕай мин оннубар эппиэттээтэ. Саҥаһым таҥаһы сулбу тардан ылла, эргим-ургум туппахтаата.
– Бээ, бу маны эһиги уурар да сиргит суох, ити торбос суумкаҕар укта сылдьыаҥ дуо. Онуоха-маныаха диэри мин ууруом, – диэт, утуйар быыһын диэки илдьэ барбыта. Ол айыыта онон, ол таҥаспын, тимэхтэрбин ити кэннэ хаһан да көрбөтөҕүм. Төһө да саҥаһым оннук киһи буоларын биллэрбин, хаһан төннөрөрүн күүтэ сатаан баран күүппэт буолбутум. Саатар кып-кыратык, ордук тимэхтэрбин, көрүөхпүн баҕарарым ээ. Ити курдук саҥа ырбаахы кэтиэм диэбит баҕа санаам сарсыардааҥҥы туман курдук сиик буолан симэлийбитэ, күлүү гыммыт курдук күдэрик буолан сүппүтэ. Ыал буолуохпар диэри ити кыракый кылабачыгас тимэхтэри түүлбэр түһээн көрөрүм... Уонна кэргэн тахсан, ийэ буолан баран соҕотох мааны кыыспар, килиэккэ ойуулаах таҥас уонна төп-төгүрүк үчүгэйкээн тимэхтэри атыылаһан, туолбатах ыра санаабын ситэрэн ырбаахы тикпитим. Оҕом барахсан үөрэ-көтө мин тикпит былаачыйабын кэтэн сиэркилэҕэ көрүнэр кэмигэр кистээн хараҕым уутун туора соттубутум.
Оскуоланы бүтэрдэҕим сайын аҕам убайдара бырааттарын, мин аҕабын, дуруускалааннар, иккистээн ыал буолбута. Миигин, уон биэс саастаах кыысчааны, Чурапчыттан эдьиийим Настаа кэлэн аҕабыттан көҥүллэтэн илдьэ барбыта, оччолорго Чурапчыга баар учууталлары үөрэтэр училищеҕа сирдээн аҕалбыта. Мин туйгун үөрэхтээх буоламмын үөрэххэ тургутуга суох быһа киирэн устудьуон буолбутум. Эдьиийбэр олорон үөрэммитим, онтон ыла олоҕум сыыйа көнөн барбыта. Эдьиийим Настаа барахсан миигин олус таптыыра, оҕотун курдук көрөрө-истэрэ. Онно эрэ дьэ билбитим киһи киһиэхэ истиҥ сыһыанын, тапталын, үтүө санаатын.
– Анна Гаврильевна, онтон саҥаскын кэлин көрсүбүтүҥ дуу? - мин сэрэнэн ыйыттым.
– Көрсөн... Убайым сэрииттэн эргиллибэтэҕин, саҥаһым иккистээн куорат киһитигэр эргэ тахсыбытын дьоммуттан истэн билэр этим. Арай учуутал буолан баран идэбин үрдэтэ сайын куоракка киирдим. Онно киин уулуссаҕа, өлүү түбэлтэлээх, саҥаспын Арыппыаһы кытта уун-утары көрсө түстүбүт. Саҥаһым өссө толуу, уойбут-топпут көрүҥнэммит этэ. Көрөөт да биллэ: “Тоойуом, Ааныс, учуутал буолбуккун истибитим”, - диэн истэҕинэ тоҕо эрэ кини албыннаспыт саҥатыттан тыыным хаайтарыах курдук буолбута, харахпар кылааһым соҕотох кинигэтэ уокка умайа-умайа бытаан баҕайытык түрдэччи баран харааран эрэрэ бу көстөн кэлбитэ уонна, саҥаһым салҕыы тугу саҥарарын истибэккэ, эмискэ ыган кэлбит хараҕым уутун көрдөрүмээри, кинини тумна көтөөт, сүүрэр-хаамар икки ардынан бара турбутум. Ол кэннэ эрэ арыый уоскуйан тыын ылбытым. Уонна көрсүбэтэхпит.
Чочумча саҥата суох олорон баран Анна Гаврильевна: «Ол иһин Владимир Кондаков “Оччугуйу атаҕастаама, оҕону бүгүн кыайаргынан туһанан баттаама, сэнээмэ, кини дабыдала сиикэйинэн туһаныма” диэн сөпкө да эппит эбит, - диэн эрэйдээх оҕо сааһын туһунан киһини долгутар кэпсээнин түмүктээтэ.
Дьиэбит иһэ сырдаабыт курдук буолбутугар түннүгүнэн көрбүтүм, хаһан да халлыа суох курдук халлааҥҥа хараҥа былыттар кыйдана охсон аны күлүм күммүт “миигин кэтэстигит дуо?” диэбиттии сандаарыччы, чаҕылыччы көрөн эрэрэ...