11.12.2022 | 16:00

Кыһын Саха сириттэн саҕаланар!

Кыһын Саха сириттэн саҕаланар!
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Маннык ааттаах бэстибээл Дьокуускайга официальнайдык  2010 сылтан ыытыллар. 2016 сыл алтынньы ыйыгар бу бэстибээл Ярославль куоракка “Лучшее событие в области популяризации событийного туризма” диэн номинацияҕа туризм салаатыгар Национальнай бириэмийэ Гран-при хаһаайына буолбута.

“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл биһиги Сахабыт сиригэр эрэ буолар уонна кыһыммытыгар, ирбэт тоҥмутугар, тыйыс тымныыбытыгар итиэннэ хоту дойду ыалдьытымсах олохтоохторугар ананар.

Бэстибээл туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, дьиҥэр, бастакы буолбут сылын 2009 сылга сыһыараллар, манна Саха сиригэр аан бастакытын “Тоҥ балык” куонкурус ыытыллыбыта. Онтон икки сыл буолан баран “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” аахсыйа буолбута, онтон дьэ 2012 сылга бэстибээл киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбыта. Ол курдук, Хаарчааналар күрэхтэрэ, “Бриллиантовые нотки” айар күрэс, спортивнай күрэхтэһиилэр ыытыллыбыттара. Биир саамай чаҕылхай, умнуллубат түгэнинэн Улуу Устюгтан кэлбит Тымныы Моруос оҕонньор уонна тымныы баһылыга Чысхаан көрсүһүүлэрэ буолбута. Манна Чысхаан торуоскатын Арассыыйа Саҥа дьылын хаһаайыныгар биэрбитэ.

2014 сылтан бэстибээл бырагырааматыгар “Саха сирин амтана” гастрономическай куонкурус эбиллэр, маныаха дойдубут аһын-үөлүн, бүлүүдэлэрин билиһиннэрии үрдүк таһымҥа ыытыллар.

Бу бэстибээл ыытыллыаҕыттан өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга кытта билиннэ, элбэх айанньыт, ыалдьыт тиһигин быспакка кэлэр буолла, Сахабыт сирин култууратын, үгэстэрин өрө таһааран, билиһиннэрэн, ааппытын ааттатар биир улахан тэрээһиҥҥэ кубулуйда.

Бэстибээл 2020 сылтан пандемиянан тохтоон баран, быйыл 2022 сылга оҕолорго ананна.

Ахсынньы 1 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут харыйа уматыыта киин куораппыт икки сүрүн болуоссатыгар үгүс элбэх дьону түмтэ. Халлаан да арыый сымнаан, оҕо аймах үөрэ-көтө харыйа тула түмүстэ. Бу күн куораппыт киинигэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар биир кэмҥэ, биир чааска “Харыйа, умай!” диэн икки тыл этиллибитин кэннэ күүтүүлээх бырааһынньыкпыт мааны маһын уоттара сандаарыччы умайдылар.

Вера Петровна:

– Мин быйыл куоракка көһөн кэлбитим. Биһиги улуус киинигэр буолбакка, кытыы дэриэбинэҕэ олорор буоламмыт, таһырдьа харыйа туруорбаттар, кулууп эрэ иннигэр хаар оҥоһуктары, уоту-күөһү ыйыыллар, оҥороллор. Онон бүгүн анаан-минээн халыҥнык таҥнан, сүрүн болуоссаппытыгар кэлэн оҕо сааспын санаан харыйа уматыытын көрдүм. Наһаа да үчүгэй буолар эбит, хайдах эрэ быраааһынньыктыы настарыанньам тута баар буола түстэ, киһини баттыы сылдьыбыт санааларым тута тумаҥҥа күдэрик буолан көтөн хааллылар. Мин кэргэним ыалдьан, куоракка көһөн киирэргэ күһэллибиппит. Онон, олохпун-дьаһахпын соһуччу уларытан, онтон санаарҕаан, куорат да олоҕор үөрэнэн биэрбэккэ сылдьыбытым. Киһиэхэ кыра да наада дииллэринии, бу харыйа уматыытыгар ытыспын таһынан, оҕолуу үөрэн, наһаа да чэпчээн хааллым. Аны санаабын түһэрбэккэ мантан инньэ Саҥа дьылга аа-дьуо бэлэмнэммитинэн барыам. Куорат уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар санаарҕаабаттарыгар, алыптаах-хомуһуннаах бырааһынньыкка, Тымныы оҕонньорго итэҕэйдиннэр диэн үөрэн туран баҕа санаабын тиэрдэбин. Бука бары дьоллоох буолуҥ, ыалдьымаҥ, үрдүбүтүгэр куруук эйэлээх халлаан баар буоллун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...