«Кыһыл көмүс дьиэ кэргэн — 2024» аҕа баһылыга Иннокентий Алексеев: «Саха сиэринэн олорор ыал элбии турдун»
Бу күннэргэ “Дьиэ кэргэн – 2024” өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах күрэх түмүгэ таҕыста.
Биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – “Кыһыл көмүс дьиэ кэргэн – 2024” ааты ылбыт Сунтаар улууһун Элгээйитигэр олорор дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Иннокентий Иннокентьевич Алексеев.
Улуу Коркин алгыһынан
– Мин 1959 сыллаахха Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Ийэбит Анна Никитична Бочкарева элбэх оҕолоох буолан, тэрилтэҕэ үлэлээбэтэҕэ, дьиэ хаһаайката этэ. Аҕабыт Иннокентий Петрович холкуоска, сопхуоска таһаарыылаахтык үлэлээн иһэн, доруобуйатын туругунан эрдэ уурайбыта. Мин Дүпсүн орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, 1972 сыллаахха Улуу тренер Дмитрий Петрович Коркиҥҥа эрчиллэ, үөрэнэ барбытым. Чурапчыга тренерим Николай Николаевич Рожин илдьэн туттарбыта, сүүмэрдээһини ааспытым. Ол саҕана мэник оҕо этим...
Чурапчыга үөрэммит сылларбын олус күндүтүк саныыбын. Таҥараттан бу идэҕэ ананан айыллыбыт курдук үрдүк таһымнаах учууталларга үөрэммитим, интэринээккэ олорон ийэлии амарах сыһыаннаах баспытааталларга иитиллибитим. Хас биирдиибитин Улуу Коркин олоххо дьулуурдаах, спорка бэриниилээх, күүстээх санаалаах гына иитэн таһаартаан, олох киэҥ аартыгар атаарбыта. Онон үөрэммит оскуолам учууталларыгар, тренердэрбэр махталым муҥура суох. Спорт киһи олоҕор сүдү суолталааҕын, олох күүһэ буоларын онтон ыла өйдөөбүтүм.
Олоҕум устатын тухары спорду өрө тутан, оҕо иитиитигэр бэриниилээхтик үлэлээн кэллим. Улуу Киһи алгыһынан салаллыбыт олохпуттан астынабын, идэбин сөбүлүүбүн. Кэргэмминиин иккиэн ыччаты иитэр-үөрэтэр үлэ дьонобут – оҕолор махталларынан, тапталларынан кынаттанан, айа-тута, үлэлии-хамсыы сырыттахпыт.
Ол курдук 1976 сыллаахха оскуолабын бүтэрэн баран Украина Львов куоратыгар Судаарыстыбаннай физкултуурунай институкка киирбитим. 1980 сыллаахха тренер идэтин ылан, Крымскай уобалас Евпатория куоратыгар ананан үлэлээбитим. Ону тэҥэ балтараа сыл Украинаҕа бэйэтигэр аармыйаҕа сулууспалаабытым.
Спорду өрө тутан
– Сунтаарга 1982 сыллаахха күтүөт буолан көһөн кэлбитим. Икки кыыс, биир уол оҕолоохпут. Үһүөн үрдүк үөрэхтэнэн, ыал буолан, олохторун оҥостон олороллор. Элбэх сиэннээхпит.
Бэйэм Сунтаардааҕы Алкивиад Иванов аатынан Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спорт оскуола интэринээтигэр иитээччинэн үлэлиибин.
Сунтаар спорт оскуолатыгар түмсүүлээх, идэлэрин толору баһылаабыт тренердэр, иитээччилэр, техүлэһиттэр үлэлии сылдьаллар. Манна эбии улууспут дьаһалтата улаханнык өйүүр. Ол иһин улахан спорка ситиһиилэр баар буолан эрэллэр.
Баҕалаах оҕо барыта кэлэн дьарыктанар. Ыраах нэһилиэктэртэн, атын улуустартан кэлбит оҕолор интэринээккэ олорон үөрэнэллэр. Оҕо сайдарыгар бары усулуобуйа баар.
Кэргэмминэн киэн туттабын
– Кэргэним Розалия Антоновна Элгээйи олохтоох кыыһа. Ленинградтааҕы медучилищены бүтэрэн, салгыы СГУ-ну бүтэрэн, учуутал идэтин баһылаабыта. Элгээйи орто оскуолатыгар химия учууталынан үлэлии сылдьар. Үлэтигэр сүрдээх бэриниилээх, эппиэтинэстээх учуутал.
Үлэ бэтэрээнэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, В.А. Штыров гранын хаһаайына, Д.И. Менделеев аатынан аһымал пуонда “За службу образованию” мэтээллээх, “Бастыҥ педагог” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх дипломана (2009), “Мин бастыҥ уруогум” Арассыыйатааҕы күрэх финалиһа, “Сочи – 2010” учууталлар слеттарын кыттыылааҕа, “Арассыыйа бастыҥ учууталлара” күрэх кыайыылааҕа (2012) – бу Розалия Антоновна ситиһиилэрин сорох эрэ чааһа. Маннык ааты-суолу учуутал эрэ ылбат, барыта үчүгэй көрдөрүүлээх, түмүктээх уонна түбүктээх үлэттэн тахсар. Кэргэмминэн киэн туттабын, эдэр кэллиэгэлэригэр холобур буолар учуутал. Үөрэппит оҕолоро араас омук сирдэригэр аан дойду таһымыгар тиийэ үлэлии сылдьаллар.
Иккиэн 65 сааспытын туоллубут
– Саха ыалын сиэринэн сүөһүлээхпит, куурусса, сибиинньэ иитэбит. Онон хас биирдии тыа ыалын курдук үрүҥ-хара үлэни барытын бэйэбит толорон, киһи-хара буолан олоробут. Билигин от-мас үлэтигэр төһүү күүспүт – сиэннэрбит. Оҕолорбут, сиэннэрбит тыа олоҕун үлэтин барытын билэллэр, сатыыллар.
Быйыл кэргэмминиин иккиэн 65 сааспытын туоллубут, 40-тан тахса сыл ыал буолан олоробут. Үбүлүөйбүтүгэр Элгээйибит салалтата, кулууппут үлэһиттэрэ, нэһилиэк олохтоохторо уонна ииппит-үөрэппит оҕолорбут көҥүл тустууга улуус күрэхтэһиитин ыыттылар. Ону таһынан биһигини чиэстээн улахан кэнсиэр тэрийдилэр. Онон ити икки улахан тэрээһини тэһииннээбит дьоҥҥо барҕа махталбытын биллэрэбит!
“Дьиэ кэргэн – 2024” күрэх туһунан инники билбэт да этибит. Култуурабыт салаатын үлэһиттэрэ маннык күрэх баар, дьиэ кэргэнинэн кыттыаххыт этэ диэн этии киллэрбиттэригэр, үбүлүөйбүтүнэн тэрээһин бөҕө ыыппыт дьоҥҥо туох диэн аккаастыы-хайыы олоруохпутуй, кинилэри ытыктаан, сөбүлэстэхпит дии.
Бастаан улууспут күрэҕэр ыыппыттара, кыайдыгыт диэн буолбута. Онтон өрөспүүбүлүкэ онлайн күрэҕэр ыыппыттара – түмүгэ ити кыайыы буолла. Биһиги дьиэ кэргэн кыайыыбытын түстээбит Элгээйибит култууратын үлэһиттэригэр, кыһыны быһа үбүлүөйгүтүгэр күрэхтэһиитэ, кэнсиэртэ тэрийиэххэ диэн хаайбыт кулууппут дириэктэрэ Владимир Семеновка, режиссер Эльвира Николаеваҕа, уус-уран салайааччы Ульяна Антоноваҕа, спорт саалабыт дириэктэрэ Олег Поповка, Уус Алдаҥҥа, Чурапчыга бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрбэр, видеокиинэбитин киэргэппит, монтажтаабыт оператор Гаврил Ивановка махталбыт муҥура суох. Уонна Сунтаарга баар уус алданнар түмсүүлэригэр, кэллиэгэлэрбэр хайаан да махтаныахпын наада. Кинилэрэ суох итинник ситиһии кэлбэт.
Оҕону бэйэ холобурунан уонна үлэнэн иитэбит
– Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону, сиэннэри иитиигэ ИЙЭ уонна АҔА бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара сүрүн миэстэни ылар дии саныыбын. Саха ыала буоларбыт быһыытынан төрүт дьарыгы – сүөһү иитиитин илдьэ сылдьабыт. Бэйэ хаһаайыстыбатын тутуу – оҕону үлэнэн иитии биир саамай табыгастаах көрүҥэ. Дьиэ кэргэн эбии дохуота – сир астааһына, балыктааһын, үүнээйи олордуута – барытыгар оҕолор кыттыһаллар, тэҥҥэ үлэлииллэр. Үлэттэн куһаҕан буолбут киһи суох. Үлэ баар буолан киһи үүнэр-сайдар.
Эт-хаан өттүнэн сайдыыга эмиэ болҕомтобутун уурабыт, онно эмиэ үлэ туһалыыр. Уолбун туһуннара сылдьыбытым, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэр этэ, доруобуйатын туругунан эрдэ тохтоппутум. Сиэннэрим улаатан аармыйаҕа барар саастара буолла. Кыра сиэним саҥа тустан эрэр.
Тыа сиригэр ыччаты олохсутарбыт буоллар...
– Билигин олохпут сүнньэ уларыйан, тыа сиригэр үлэ суоҕуттан ыччат куоракка көһүүтэ ханна да элбэх. Ити кэлин охсуута улахан буолуо дии саныыбын. Бэйэбит эппитин, үүппүтүн дэлэтэн, тыа сиригэр ыччат дьоммутугар үлэлиир, олорор усулуобуйа тэрийэн, хаалларан олохсутар буоллар... Уопсайынан, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар төрүт олохтоох сахаларга үөһээттэн үгүөрү өйөбүл баар буолуохтаах дии саныыбын. Холобур, кыһыннары-сайыннары биир өрөбүлэ суох үлэлээн лиитирэ үүтү 80 солкуобайга туттарарбыт, оттон 500 граммнаах арыгыны 400 солк. төлөөн ылаллара өйгө баппат. Ол да иһин тыа хаһаайыстыбата сайдыбат дии саныыбын.
Оҕолор сахалыы саҥарбат буоллулар диэн айманабыт. Тыа сиригэр эмиэ ийэ тылтан тэйии баар буолан эрэр. Бу сахалыы олох укулаатын уларытыыттан, төрүт дьарыктан тэйииттэн тахсар. Эдэр ыаллар сүөһү тута сатаабаттар – үлэтэ элбэҕэ бэрт, махтала суох дьыала, дохуота да кыра диэн буолар...
Дьиҥэ, биһиги курдук олоҕу орто сиэринэн, үтүө суобастаахтык, чиэһинэйдик олорор, биһигиннээҕэр элбэх оҕону киһи гыммыт дьиэ кэргэн улуус, нэһилиэк аайы элбэх буоллаҕа дии. Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох-соргулаах олоҕу баҕарабын! Уопсастыба, дойду сайдыытын ДЬИЭ КЭРГЭН эрэ түстүүр сүдү кыахтаах.