30.08.2020 | 17:19

Кыһыҥҥыга хаһааныҥ

Кыһыҥҥыга хаһааныҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күһүммүт чугаһаата. Мантан хаалбыт күҥҥэ-дьылга дьиэ хаһаайкалара, аны оҕуруоттарын үүнүүтүн кэнсиэрбэлиир түбүккэ түстүлэр. Ааһан эрэр сайыммыт быйаҥнаах буолла. Сир аһа да дэлэйдик үүннэ. Бүгүҥҥү балаһабытыгар бэйэтин сүбэтин тиэрдэр Ньурба куоратын олохтооҕо Изабелла Николаевна Андреева.

Түргэнник тууһанар хаппыыста  

2,5 киилэ хаппыыста, 2 моркуоп, 0,5 л оргуйбут уу, 3 остолобуой ньуоска үрдэ суох туус, 1 остолобуой ньуоска толору саахар.

Хаппыыстаны кырбыыгыт, моркуобу бөдөҥ теркаҕа анньаҕыт, холбоон баран булкуйаҕыт, үс лиитэрэлээх бааҥкаҕа ыга угаҕыт. Уугутун туустуугут, хаппыыстаҕытыгар кутаҕыт. Суукка буолан баран ороһуолун сүөкээн, саахар кутаҕыт, төттөрү бааҥкаҕытыгар хаппыыстаҕытын симэҕит. Бааҥкаҕыт анныгар уута остуолга тохтубатын диэн улахан тэриэлкэтэ ууруҥ. Бириэмэтин көрөн уһун испииссэнэн анньан биэриҥ. Ороһуола тахсыбат буоллаҕына, хаппыыстаҕыт бэлэм буолбут. Холодильникка ууран баран биэс суукканан сиэххитин сөп.

Биэрэстэн сокууска

- 5 кг болгарскай биэрэс, 2 ыстакаан уу, 2 ыстакаан 6 %-наах уксус, 15 лавр сэбирдэҕэ, 15 устуука төгүрүк хара биэрэс, 2 тутум петрушка,1 ыстакаан саахар, 300 гр. чеснок, туус бэйэ сөбүлүүрүнэн.

Чесногу уонна биэрэһи бытархай гына кырбыыгыт. Ууттан, уксустан, саахартан уонна туустан ороһуолу оргутаҕыт, онно төгүрүк биэрэскитин, лавр сэбирдэҕин кутаҕыт. Биэрэһи төгүрүктүү кырбаан баран 4 мүнүүтэ ороһуолга оргутан ылаҕыт. Ол кэннэ ороон баран мас арыытын, чесногу уонна петрушканы кытары булкуйан баран бааҥкаларга угуталыыгыт уонна ыга хаппахтыыгыт. Бааҥкаҕыт стерилизацияламмыт буолуохтаах.

Нууччалыы сокууска

- 1 кг помидор,1 кг моркуоп, 1 кг луук, 5-7 устуука минньигэс биэрэс,1/2 л. мас арыыта, 1 ыстакаан саахар,бэйэ сөбүлүүрүнэн туус.

Моркуобу бөдөҥ теркаҕа анньаҕыт, луугу уонна помидору бытархай гына кырбыыгыт. Барытын холбоон баран икки чаас устата бытаан уокка булкуйа-булкуйа оргутаҕыт. Бэлэм сокуусканы бааҥкаларга уган хаппахтаан уурталыыгыт.

Оҕуруот астардаах хаппыыста

- 2 кг хаппыыста, 1 кг күөх минньигэс биэрэс,2 кг күөх помидор,1 кг моркуоп,600 г күөх петрушка.

Ороһуола:3,5 л. уу, 1 ыстакаан туус.

Хаппыыстаны уһун синньигэс гына кырбыыгыт, биэрэһи 3 сиринэн дьөлүтэ анньаҕыт, моркуобу бөдөҥ теркаҕа анньаҕыт, петрушканы бытархай гына кырбыыгыт. Хаппыыстаны, моркуобу уонна петрушканы холбоон баран бэлэмнээбит иһиккитигэр ыга угаҕыт, быыһыгар күөх помидордары уонна биэрэһи араҥанан уурталыыгыт. Үрдүн баттатаҕыт, ороһуолу үрдүгэр кутаҕыт.

Мүөттээх биэрэс

- 3 кг болгарскай биэрэс, 3 чеснок өлүүскэтэ, петрушка.

Маринада: 1 л. уу, ыстакаан аҥаара мас арыыта,2 остолобуой ньуоска мүөт,2 остолобуой ньуоска туус,2 остолобуой ньуоска саахар,1 чайнай ньуоска 70 % уксус.

Маринады оргутаҕыт. Уһун синньигэс, кыраһыабай гына быһыллыбыт биэрэһи оргуйа турар маринакка кутан сэттэ мүнүүтэ булкуйа-булкуйа оргутаҕыт, биэрэс бүтүнүү маринакка тимириэхтээх. Стерилизацияламмыт бааҥка түгэҕэр бытарытыллыбыт чесногу (0,5 л бааҥкаҕа 2 өлүүскэ) уонна бытархайдыы кырбаммыт петрушканы (быһа холоон 2 ост. нь) угаҕыт. Биэрэһи бааҥкаларга тарҕатаҕыт, маринаккытын үрдүгэр саба кутаҕыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...