05.05.2023 | 10:00

Кыһыҥҥы сугун

Кыһыҥҥы сугун
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ- СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

(Эссе-сэһэн)

Айыылартан айыллыбыт,

Арбыытаттан аартыктаммыт

Окко түспүт оҥоһуум,

Сиргэ түспүт сэрэбиэйим

Төлкөлөөх түөрэҕэ,

Сыыйыллар Сындыыс сулус буолан,

Ороһуоллаах орто дойдубар

Оройунан олордьу түстэҕэ…

 

Бочугурас состоруулаах улардар

Ол сыл олохпор тосту уларыйыы буолбута. Кэргэним эдьиийдэрэ ыҥыраннар, хаһан да харахтаан, түһээн да баттаппатах дойдубар – ыраах хоту Эдьигээҥҥэ олохсуйа барбыппыт. Оччотооҕуга эдэр киһиэхэ барыны-бары билэр-көрөр баҕа санаа баһыйан, үөрүүнэн айаннаабытым. Чаастан ордук көппүппүт кэннэ, АН-24 самолет иинэҕэс оттоох-мастаах сэндэҥэ ойуурунан тулаламмыт, күнү көөчүктэтэ оонньотор киэҥ куйаар Өлүөнэ эбэ кытылыгар намтаата. Көтөр аал кынатын аннынан Дьокуускайы кытта эт саастыы кырдьаҕас Эдьигээн иккилии этээстээх мас дьиэлэрэ ытыска уурбуттуу  бачыгыраһан аастылар.

Самолет салгыҥҥа ыйанардыы бытааран, көлүөһэлэрэ кумахтаах буорга «лип» гынаат, аны мантан төннүбэккит диирдии, мотуорун тыаһа өрө ньирилээбитинэн сүүрэн лиһигирэттэ. Сотору лыҥкынас ыраас салгыны ыймахтаабытынан, саҥа төрөөбүт уолбутун кууспутунан, эдэр ыал быһыытынан туох да мала-сала суох турбут бэйэбитинэн – Эдьигээн буоругар үктэннибит.

Эдьигээн туһунан бастакы өйдөбүлүм балык сытын кытта сибээстээх. Күһүөрү буолан ити кэмҥэ үгэннээн балыктыыллар эбит. Ол да иһин уулуссаттан саҕалаан уопсай дьиэлэр тастарыгар тиийэ балык хатырыга, кутуруга ыһылла сытар, көп түүлээх ыттар быраҕыллыбыт балык иһин-үөһүн кытта бодьуустаһаллар. Саҥа билсэр эдьиийбит Нааха уонна биллэҕим Куочук Христофоровтар олорор икки этээстээх уопсай дьиэлэрин подъеһыгар балык хабархай сыта муннубар саба биэрдэ. Бастаан утаа ону атыҥырыах курдук буолан иһэн, кэлин үөрэнэн араарбат буоллум. Ол курдук, бу дойдуга сүрүн аһылыктара – эҥинэ бэйэлээх көмүс хатырыктаах балык арааһа эбит.

Ити киэһэ тылбын быһа ыйыста сыһа-сыһа, хаһан да амсайбатах минньигэс бэйэлээх, киһи айаҕар ууллар, эмис тууһаммыт били, тууччаҕы, уомулу хара-хара хабыалаабытым, саҥа күтүөккэ маанылаан буһарбыт төрөөбүт астарынан аатырар хатыыһы, таба тылын куртаҕым кыайарынан маҕыйбытым. Онон Эдьигээн барахсан, кэпсииллэрин курдук, кырдьык да, үтүөкэн бултаах-астаах дойду эбит диэн куртахпынан билэн, айахпынан амсайан үөрүү бөҕө.

Сол курдук хас да хонук өрөөн баран, АН-2 самолетунан уонча көс ыраах сытар Баахынайга тиийдибит. Манна эдьиийбит Татьяна уонна өссө биир биллэҕим Баһылай Саввиновтарга түстүбүт. Этэргэ дылы, дьэ, дьиҥнээх үрэх баһа дойдута эбит. Мантан Хотугу эргимтэ кыраныыссата ааһар, айанньыттары салытыннарбыт аатырар Арапыана удаҕан олорбут хайата чугас эбит. Бу ыраахтан үрдээн көстөр, Хоту өттүттэн туруору таас сирэйдээх 98 миэтэрэ үрдүктээх хайа номоҕун туһунан Д. Дабыыдап диэн декабристар кэмнэригэр сыылкаҕа кэлбит киһи, олус кэрэ тыллаах-өстөөх поэманы суруйан турар:

Над Жиганской Аграфеной

Вечно облако стоит.

А над ней клубяся пеной

Лена жалобно шумит.

 

Много лет как прах шаманки

Глубоко в земле лежит.

Но дух падшей христианки

От могилы не летит...

Поэмаҕа христианскай итэҕэл уонна ойууннааһын утарыта күрсүүлэрэ арылхайдык көстөр. Олохтоохтортон ити айымньыны Виталий Иванович  Петров тылбаастаабыта:

Тоҥ былыттар усталлар,

Эдьигээн Аграфенатыгар.

Күүгэн алла биэрэгинэн,

Лена устар кигинэйэн.

 

Одун сылтан сир түгэҕэр,

Сытар ойуун кырамтата,

Хараллыбыт түөлбэтигэр

Кута-сүрэ арахсыбат…

 

Ойуун ылла былаайаҕын,

Дүҥүр тыаһа табыйда,

Арай тула үллэҥнэһэр,

Абааһылар үөрдэрэ.

 

Таҥараҕа айыы-хара

Буруй сэмэ ии туолла,

Аграфена үрдүтүгэр,

Абааһылар түстүлэр.

 

Сыта-тура кырбаатылар,

Төлөн уокка үттүлэр,

Уһун үөрбэ муостарынан,

Батарыта түстүлэр.

 

Халлаан сырдаан эрдэҕинэ,

Удаҕан өллө муҥнанан,

Өлүү тыына уҕарыйан,

Сүтэн барда күрэнэн…

 

Байанайдаах булчуттар,

Бэлэх-бэрик кээстилэр,

Лена эбэ хайатыгар,

Удаҕаны көмтүлэр…

 

Көрөллөрө удаҕаны,

Айан дьоно сахалар,

Кэһии-бэлэх биэрэр буолан,

Тыыннаах сылдьар эбиттэр, – диэн строкалар бааллар.

Араппыана туһунан үһүйээннэр ис хоһоонноро араастаһар эрээри, манна уруккута христианскай итэҕэллээх, ардыгар аҕабыыт кыыһа дииллэр, атын итэҕэли ылыммытын, ойууҥҥа эттэтиини ааһан, улуу айдарыылаах удаҕан буолбутун иһин, дьонуттан араарыллан, быралгы быраҕыллан олорбут. Оттон поэмаҕа, христианскай итэҕэлтэн аккаастанан, ойууҥҥа уһуйтаран, удаҕан буолар уонна аны ол кэнниттэн, нуучча уолун таптаан, удаҕаныттан төттөрү аккаастаммытыгар, ойуун абааһылара тутан сииллэр. Бу айымньыны историко-эпическэй суолталаах дииллэр. Эдьигээҥҥэ былыр былыргыттан, 1940 сыллаахха диэри сүдү ойууттар баалларын уонна христианскай приход 1740 сыллаахтан төрүттэммитин, 1896 сыллаахха Ново-Николаевскай таҥара дьиэтэ тутуллубутун санаттахха, төһө да киин сиртэн ырааҕын иһин, кырдьык да, күүстээх итэҕэллэр күрсэр кирбиилэрэ. 

Уопсайынан, Өлүөнэ төрдүгэр Остоолбо арыыта, Араппыана хайата, Таас Тумус курдук үрдүк мэҥэ сирдэргэ үс аҕас-балыс улуу удаҕаттар олороллор диэн буолар. Оттон бу Араппыана хайатын иччитэ үгүс айанньыттары моһуоктаабыт да, абыраабыт да түбэлтэлэрэ элбэх. Дьиктитэ диэн, айанньыттар алҕаан ас кээстэхтэринэ, хайаан да Араппыана хайатын кытылыгар тиксэр диэн Дабыыдап поэматыгар кытта суруллар.

Баахынай үрэҕэ ыраахтан тардыста сүүрүгүрэн, ити ыраахтан томтойор хайа утарытын диэкинэн Өлүөнэҕэ түһэр. Аны улахан бултара, балыктара барыта ити эбэлэригэр таҕыстахтарына эрэ баар. Онон Эдьигээҥҥэ олорбутум тухары, кэлэ-бара, бултуу-балыктыы куруук Араппыана хайатын эрэ тула эргийэ сылдьар курдукпун. Манна эбэн эттэххэ, нэһилиэк эрийэ-буруйа сүүрдэр үрэх төрдүттэн тэйиччи сытарынан, сорох дьыл үрэхтэрэ уолан, сайынын уунан айанныыр, бултуур, балыктыыр дьон эрэй бөҕөнү көрсөллөр.

Ол иһин айылҕаҕа бардахтарына, күнүнэн сылдьан төттөрү-таары майаачыламмакка, оҥостон, хастыы эмэ хонукка бараллар. Өрүс арыыларыгар хоно сытар олохтоох хоһууттар сүрүн бултарынан тайах, көтөр  уонна балык буолар. Кыра нэһилиэккэ булчуттар, табаһыттар кэллэхтэринэ, биир дьиэ кэргэн курдук ыал аайы булт-алт түҥэтиллэр, ким ханна төһө бултуйбута кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр дьоро күннэрэ үүнэллэр.

Бастаан утаа эмиийдээх оҕобор тардыстан,  хоно-сүтэ бултаһа барсыбатым. Бастакы оҕобут буолан, билбэккэ-көрбөккө ыарырҕатарбыт, долгуйарбыт элбэх, күннэри-түүннэри харахпыт харатын курдук харыстаан, солбуһа сылдьан көрөбүт. Онтон  аҕыйах хоноот, сыыйа уоскуйан, эр киһи элээмэтэ кэлиэх-барыах, хаамыах-сиимиэх, бултуох-алтыах баҕам кычыгылатан барда. Биллэҕим бултуу барарыгар, баҕар, чугас эргин сылдьаргар диэн, дьыбаан анныгар сытар биир уостаах 16 калибрдаах сааны, сүүрбэччэ ботуруону ыйан көрдөрбүтэ. Сотору-сотору онтукайбын тутан-хабан көрөбүн, хайа диэки туох булка хаамабын диэн ыраланабын. Дойдубар соччо-бачча бултаабатах, булка үгүстэ саанан оччойон көрбөтөх киһи мунаахсыйабын даҕаны...

Сарсыҥҥы күнүгэр эр хааммын киллэрэн, тыҥ хатыыта туран, саабын дьоһуннук сүгэн, билэр эрэ сирбэр авиапортка хаамабын. Манна уруккута хаһан эрэ улахан самолеттарга бэлэмнээбиттэрин курдук, сүрдээх киэҥ ырааһыйалааҕын бэлиэтии көрбүтүм. Ол саҕатынан хааман, мас көтөрдүүр санаалаахпын уонна саамай сүрүнэ диэн – авиапорду тула эргийэн кэллэхпинэ муммаппын диэн эрэллээхпин. Кырдьыга да, бу диэки Эдьигээннээҕэр маһа-ото бөдөҥ, аар-тайҕата киэҥ, дьоно-сэргэтэ суох. Онон, муннаххына, кэбиһиилээх оттон иннэни көрдүүрдээҕэр уустук диэн, эрдэ куттааннар – ырааппат санаалаахпын...

Бастакы хаһыҥ түһэн, кырыарбыт от-мас саҥа тахсан эрэр күн саһарҕатыгар күлүмүрдүү чаҕыллар. Ырааһыйа саҕатынан кырдьык-хордьук булчут курдук сананан, үөмэр-чүөмэр хааман иһэн тоҥо, дьагдьайа быһыытыйдым. Ол иһэн, утары ырааһыйаны көрө биэрбитим, хап-хара төҥүргэс бөҕө бачыгыраабыт. Дьиктиргии санаан болҕойон көрбүтүм, доҕоор, хара улардар бэрийэр бэртэрэ күн уотугар сыламныы олороллор эбит. Саабын бобо кууспутунан хаптас гынным. Оо, Байанайым көрдөрдө, диэн сүрэҕим биллиргэччи тэптэ! Бастакы омуммар ытаары кыҥаан көрөн баран, ырааҕырҕаттым. Көтөрдөрүм хамсаабакка олороллоруттан эрдийэн, анараа өттүттэн тыанан ыкса киирэргэ быһаарынным.

Биир да оту-маһы тосту үктээбэккэ, санаабар, сүрдээх өр хааман, долгуйан сүһүөҕүм хамсыы-хамсыы, тоҥмут бэйэм аны тиритэн-хорутан, дьэ, чугаһаатым. Ырааһыйа саҕатыттан тута сыыллыбытынан бардым. Сүрэҕим айахпар тахсыах айылаах тэбэр да тэбэр. Испэр, Байанайым бастакы булпар бу дойдуга тайаҕы кытта тэҥнээх улуу булду тосхойбутугар махтанан туран, мичик гынан, өлүүлээн бэрсэригэр көрдөһөбүн. Көтөрдөр, өс-киирбэх, саа ылар сиригэр диэри киирбиппэр, биирдэ тэһииркээн хорос гыннылар. Онуоха ыксаан, хоһулатар туһунан былааным тута симэлийэн, арыый бөдөҥнөрүн олордьу кыҥаан, чыыбыспын төтөлө суох төлө тардан кэбистим.

Саам тыаһа биирдэ өрө ньиргийэ түстэ, көтөрүм мэктиэтигэр эһиллэн тиэрэ баран түстэ. Тулабар уонунан кынаттар тыастара куһугуруу түстэ уонна, бадаҕа, ырааппатылар, от-мас быыһыгар киирэн уостан хааллылар. Үөрүүбүттэн кыната эрэ суох аҕыйахта үктэнэн, бурҕалла сытар уларбар сүүрэн тиийдим. Дьоһуннаах бэйэлээх улахан көтөрү моонньуттан бобо харбаан, күн диэки өрүтэ көтөхпөхтөөн, Байанайбар махтанан ыллым. Биллиилээх поэт хоһуйбут «аалай кыһыл сарыаллаах» хааһын сөҕө-махтайа имэрийдим, моонньуттан илиибэр болточчу тутан ыараҥнатан көрдүм.

Маннык улахан бултан астынан, сөп буолан, көтөрбүн үрүссээхпэр уган, дьиэлииргэ сананным. Ол иһэн, санаам батарбакка, били абааһы аһаабыт сириттэн арахпат дииллэринии, баҕар, ханыыта көстөөрөй диэн, улардар көппүт туһаайыыларынан бардым. Саабын бэлэм тутан истэхпинэ, чугас баҕайыттан кынаттар тыастара эмиэ куһугуруу түстүлэр. Төһө да бэлэм истэрбин, син биир соһуйан, талах быыһынан элэгэлдьистэхтэрин аайы «һуук» дии-дии, кыайан ыппакка холоруктуу турдум. Ити турдахпына кэннибиттэн биир хара улар кэтэхпин сиирэ-халты быһа көтөрдүү ааһан, соһутан өлөрө сыста. Аһараары ныкыс гынан баран, нэһииччэ өй булан, хап-сабар кэнниттэн ытан саайдым. Көтөрүм онуоха, чыпчахайынан быһа бэрдэрбиттии, хойуу бөлкөй талах быыһыгар кумаланан түстэ.

Итинник бэргэнник ытарбыттан, бэйэбиттэн бэйэм сөхтүм эрээри, чугаһа уонна биир туһаайыынан көппүтэ быһаарар оруолланна бадахтаах. Бука, арааһа, үчүгэй ытааччы хараҕын быһа симэн да табыах айылаах. Үйэбэр бултаабатах икки уларбын үрүссээхпэр кутаччы уктан, санаам толору туолан, дьиэм диэки үөрэ-көтө дайдардым. Сулбуччу тиийиэм диэбитим, бу сырыыга эмиэ табыллыбата. Барар суолбар бочугурас бөҕөтө иһиирэ-иһиирэ тахсыбата дуо!!! Арай көрдөххө, мас аайы олорбуттар. Дьэ, эбээт! Эккирэтэ сылдьан, хаалбыт 18 ботуруоммун астына тэбээн, 12 бочугураһы бултаатым. Төһө да алтата сыыстарбын, олох үчүгэй ытааччы саҕа сананан, эр киһи быһыытынан бэйэбэр эрэллээхтик, хотоойутук туттан, дьиэбэр төбөбүн өрө көтөҕөн тиийдим.

Кэлин дьонум дьиэ таһыгар бултаабыппыттан сөҕөллөр этэ эрээри, олохтоох, итиннэ төрөөн-ууһаан дьиэтийбит, дьонтон ыттара илик улардары кыайбыппын быһаарбыттара. Көр эрэ, ити курдук Эдьигээҥҥэ Байанайым хара маҥнайгыттан бойомнук хадаҕалаабыта.

 

Сэһэн атын чаастарын kiinkuorat.ru сайтка уонна https://t.me/kiin_kyorat_gazeta телеграмм-ханаалга ааҕыҥ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....