Кыһамньы уҕараабат
Анал дьайыыга сылдьыбыт байыастар дойдуларыгар реабилитация баралларыгар бары усулуобуйа тэриллэр.
Бүгүн Рихард Зорге уулуссаҕа баар Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай, инбэлииттэри эмтиир, чөлүгэр түhэрэр кииҥҥэ буойуннарга аналлаах бары усулуобуйаны оҥороллорун бэйэм бара сылдьан көрөн-истэн, сэhэргэhэн кэлбиппин билиһиннэрэбин.
Тиийбитим, сорох уолаттар өссө да процедураларын ыла сылдьаллар эбит. Эбиэт бириэмэтэ чугаhаан, остолобуойтан минньигэс сыт кэлэр. Мин Киин салайааччыта Асида Июньевна Алексеевалыын көрсөн, уолаттарга туох көмө оҥоһулларын, хайдах киириэхтэрин сөбүн ыйыталастым.
Асида Июньевна Алексеева, Киин салайааччыта:
– Биһиэхэ уолаттар Биир кэлим киин уонна Социальнай харалта управлениеларын нөҥүө эбэтэр Саллааттар ийэлэрин кэмитиэтин салайааччыта Мария Егоровна Емельянова уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэннэрин кэмитиэтин салайааччыта Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева ыйыыларынан киириэхтэрин сөп. Онуоха поликлиникаттан 070/у диэн пуормалаах направление ирдэнэр.
Судаарыстыбаннай сакааһынан миэстэтиттэн көрөн баҕалаахтары барыларын ылабыт, кинилэргэ 20 миэстэ ананар. Ол иhигэр буойуннар төрөппүттэрэ эмиэ киирсэллэр. Билиҥҥи туругунан 62 уол уонна 30 төрөппүт чэбдигирэн таҕыстылар. Төрөппүттэри социальнай харалта управлениета ыытар, эмиэ, үөһэ эппитим курдук, 070/у пуорманы поликлиникаттан толорторон киирэллэр. Чэбдигирдии бириэмэтэ 18 хонук.
Чэбдигирдии бырагырааматыгар сүрүн оруолу психолог оҥорор. Хас биирдиилэрин кытта туһунан кэпсэтэн, ис туруктарын, санааларын билэн, инники ханнык ньыманан ордук туттуохха сөптөөҕүн быhаарар. Ол түмүгүнэн анал көмө оҥоһуллар. Маны таhынан медицинскэй уонна социальнай реабилитация көрүллэр.
Медицинскэй реабилитация өҥөлөрүгэр ордук чуолаан лечебнэй физкултуура, ЛФК, физиотерапия киирсэллэр. Маны таhынан массаас бары көрүҥэ, фитотерапия уонна туустаах хос (галотерапия) бааллар.
Элбэх киhи ыарыы, эчэйии түмүгэр илиитинэн күннээҕи туттар дьоҕурун сүтэрэр. Ону дьарыктыыр ньыманан эрготерапия буолар. Исписэлиистэр туттар дьоҕурун сүтэрбит илиини күннээҕи олоххо туттар ньымаҕа дьарыктыыллар – куухунаҕа ас астыырга, утуйар хоско оронтон турарга-сытарга, таҥнарга, санитарнай хоско суунарга-тараанарга уо.д.а.
Биир саамай сүрүн хайысхабытынан социо-култуурунай реабилитация буолар. Онно араас тэрээһиннэр, маастар-кылаастар, интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүүлэр, кэнсиэр киирсэллэр.
Анал дьайыыга сылдьыбыт байыастарга туһааннаах чэбдигирдэр бырагыраама оҥоhуллан, саҥа өҥөлөр элбээн, сыhыаннаах тэрилтэлэри кытта сөбүлэҥ түhэристибит.
Быйылгыттан саҥа өҥө быһыытынан СӨ Физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин Адаптивнай физическэй култуура уонна спорт өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин нөҥүө гидрокенезотерапия киирдэ. Ыытыллар сирэ «Самородок» бассейн, дьарык нэдиэлэҕэ иккитэ анал үөрэхтээх исписэлиистэри кытта ааhар. Сөбүлэҥ усулуобуйатынан, тренажернай саала өҥөтүнэн эмиэ туhанар кыахтаахпыт.
Иккиhинэн, иппотерапия диэни киллэрдибит. Ол аата аты кытта дьарык. Андрей Полежаев диэн аһымал пуонда чааһынай тэрилтэтин кытта сөбүлэҥ түһэристибит. Дьарык нэдиэлэҕэ эмиэ иккитэ буолар. Бу икки көрүҥү уолаттар сүрдээҕин сөбүлээтилэр, дьарык күнүн кэтэhэллэр.
Соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэ борокуруора уолаттары кытта кэпсэтэн, кыһалҕаларын ыйыталаһан, ханнык чааска сулууспалаабыттарын, ааттарын-суолларын сурунан барбыта. Уолаттар саамай сүрүн кыһалҕаларынан дастабырыанньаларын уонна наҕараадаларын ыла иликтэрэ буолар.
Үлэбит түмүгэр Анал дьайыыга сылдьыбыт байыастар уонна кинилэр төрөппүттэрэ сынньанан, санаалара көтөҕүллэн, доруобуйалара чэбдигирэн, чөллөрүгэр түhэн, элбэҕи билэн-көрөн, туhанан дьиэлэригэр төннөллөр, инникигэ эрэллэрэ күүһүрэр. Онон биһиги сөпкө үлэлии сылдьабыт дии сананабыт.
Анал дьайыыга сылдьыбыт байыастары кытта үлэ СӨ Бырабыыталыстыбатынан, Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин иhинэн хонтуруолланар. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччылар Георгий Степанов, Сергей Местников, Ил Түмэн дьокутаата Антонина Афанасьевна Григорьева, үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Александровна Волкова уолаттар кыhалҕаларынан дьарыктаналлар, куруутун күүс-көмө буолаллар.
Ольга Саввична Горохова, Социальнай көмүскэл управлениетын социальнай көмө салаатын салайааччыта:
– Социальнай хантараак Социальнай көмүскэл управлениетын иитинэн оҥоһуллар. Барыта алта хайысхалаах. Бастакы хайысхабытытанан үлэ булуон баҕалаах дьон буолар, иккиспит – бэйэ дьыалатын арыныы, үһүс – кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии, төрдүс – олох ыарахан түгэнигэр түбэспиттэргэ көмө (инбэлиит, доруобуйатын туруга), бэһис – сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ быйыл киирбит анал бырагыраама уонна бүтэһик хайысхабыт – инбэлииттэргэ.
Бэйэ дьыалатын арыныы туһунан кэпсээтэххэ, Управление өттүттэн биһиги үп тыырабыт, сүрүн сыалынан олох таһымын үрдэтии, эбии дохуоттаныы буолар. Сүрүн ирдэбилинэн СӨ регистрациялаах уонна тус сыаллаах, дьыала тэринэр баҕалаах буолуохтаах.
Усулуобуйата диэн, бастатан туран, дохуота кыра дьоҥҥо бэриллэр. Олох олоруу алын кээмэйиттэн тахсыа суохтаах. Бүтэһик үс ый дохуотун көрөбүт. Доброволецтар, мобилизованнайдар уонна контрактниктар диэн арахсаллар. Мобилизованнайдарга дохуоту аахпаппыт, оттон атыттарга көрүллэр.
Үлэ көрдөөччүлэри кэпсиир буоллахха, бастакы ыйга матырыйаалынай көмө быһыытынан 23000 солкуобайы төлүүбүт, онтон үөрэниэн баҕалаахтарга 30000 төлүүбүт, докумуоннарын барытын уокурук нөҥүө биэрэллэр, олорор сирдэринэн тиийэн сайабылыанньа суруйаллар. Үөрэнэр тэрилтэни кытта дуогабардаһаллар, ону аҕалан көрдөрдөхтөрүнэ, биһиги бу 30 тыһыынчаны үөрэххэ төлүүбүт. Бу үөрэх уһаабыта үс ыйдаах куурус буолуохтаах. Холобур, массааска үөрэнии, парикмахер кууруһа эҥин. Ый аайы ыспыраапка аҕалан биэрэн иһэллэр, оччоҕо биһиги 11000 солкуобай кээмэйдээх истипиэндьийэ төлүүбүт. Аны үөрэхтэрин кэнниттэн стажировка бараллар. Бу стажировка кэмигэр харчытын биһиги үлэ биэрээччигэ 100 бырыһыан төлүүбүт. Бу үлэ биэрээччи интэриэһигэр үчүгэй. Холобур, кини уопута суох киһини мээнэ ылбат буоллаҕа дии, киниэхэ барыһа суох. Ол иһин биһиги, Социальнай көмүскэл управлениета, сайабылыанньалаах киһи уонна үлэ биэрээччи буолан үс өрүттээх дуогабар оҥорсобут. Үс ый үлэлэтэр хамнаһын биһиги төлүүбүт, онон кинилэргэ барыстаах, босхо үлэһиттээх курдук буолан тахсар. Суумата МРОТ-тан аҕыйах буолбат, эбии страховой эҥин барыта төлөнөр. Онно уопутураллар, ол кэннэ үлэ булуохтаахтар. Үлэҕэ булгуччу киириэхтээхтэр. Үөрэхтэринэн сатаан үлэ булбат түгэннэригэр, ханнык баҕарар үлэҕэ официальнайдык киириэхтэрин наада буолар. Үлэ булан баран бигэргэтэр докумуон аҕалаллар – үлэ киниискэтэ, ыспыраапка, дуогабар. Ону аҕаллахтарына, үс ый устата ый аайы 23000 эмиэ төлүүбүт.
Бэйэ дьыалатын арыныы туһунан кэпсээтэххэ, биэрэр суумабыт кээмэйэ – 350 тыһыынча солкуобай. Баҕалаахтары 30 тыһыынча төлөөн туран эмиэ үөрэттэрэбит. Манна биһиги Дьарыктаах буолуу киинин, “Мой бизнес” уо.д.а. тэрилтэлэри кытта ыкса үлэлиибит.
Бу 350 тыһыынча солкуобайга сүрүн үлэлиир тэрилин атыылаһаллар, холобур, мастарыскыай тэринэргэ станок, туттар тэрил эҥин. Манна массыына өрөмүөнэ, парикмахерскай өҥөтө, торт оҥоһуута о.д.а. буолуон сөп. Суума мантан тахсыбат, аччыан сөп, өскөтүн кыра дьыаланы тэринэбит диэтэхтэринэ. Арендаҕа бу сууматтан бастакы ыйдарга эмиэ 15 бырыһыаны ыытыахтарын сөп. Барыта табылыннаҕына, ИП эбэтэр самозанятай диэн учуокка эбэһээт тураллар.
Кэтэх хаһаайыстыба тэриниигэ 250 тыһыынча бэриллэр. Оҕуруот, тэпилииссэ, куурусса, куруолук иитиитэ барыта киирэр. Манна биир булгуччулаах усулуобуйанан учаастак буолар. Бу барыта кыра дохуоттаах дьоҥҥо бэриллэр.
Анал дьайыыга сылдьыбыт уолаттар:
– Биhиги үhүөн “Боотур” этэрээтигэр сылдьыбыппыт, былырыын алтынньы ыйга куоракка биир ый кэриҥэ бэлэмнэнэн баран, Ростов-на-Дону нөҥүө айаннаан, сэтинньи 14 күнүгэр Харьковскай уобаласка тута байыаннай дьайыыга түбэспиппит. Үс ый сырыттыбыт уонна хантараакпыт бүтэн кэллибит. Билиҥҥи “боотурдар” хантараактара алта ый уһаата, оттон военкомат нөҥүө барбыттар киэнэ “бессрочнай”.
Реабилитация кэнниттэн, баҕар, иккистээн барыахпытын саныыбыт, толкуйдуубут.
Биhигини манна, дойдубутугар сырыттахпытына, атын уолаттар кучуйан аҕалбыттара. Медиктэр олус үчүгэйдэр, сайаҕастар, бассейнҥа баран харбыыбыт, ат миинэбит. Ипподром наһаа үчүгэй хаhаайыннаах, барытын кэпсээн, ат мииниитэ туохха көмөлөһөрүн быһааран биэрэр.
Хаһыат нөҥүө Реабилитация киинин бары үлэһиттэригэр, дириэктэр Асида Июньевнаҕа, сүрдээх минньигэс, тотоойу астаах остолобуой үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит, доҕотторбутун манна хайаан да кэлиҥ диэн ыҥырабыт.