27.10.2022 | 10:00

Кыһалҕаны судургутук быһаарабыт дуо?

Кыһалҕаны судургутук быһаарабыт дуо?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

«Сахавизион» IT-хампаанньа “Обращайся” диэн саҥа мобильнай сыһыарыыны оҥордо. Бу олох-дьаһах кыһалҕаларын судургутутарга, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэр үлэлэрин, бизнес көдьүүһүн үрдэтэргэ саҥа кыахтары биэрэр. 
Статистика көрдөрөрүнэн, 2022 с. балаҕан ыйыгар “Обращайся” мобильнай сыһыарыы Арассыыйа үрдүнэн AppStore платформаҕа ТОП-35 бастыҥ сыһыарыы ахсааныгар киирбит. 
Биһиги “Обращайся” метасреда ааптара Петр Бурцевы кытта кэпсэттибит.

— Дорообо, ааҕааччыларбытыгар тэрилтэҕин билиһиннэр эрэ.

— Биһиги «Сахавизион» тэрилтэбит балтараа сыллааҕыта регистрацияламмыта. Бу иннинэ бырагырааманан хааччыйыынан, интерактивнай тэриллэри тиэрдэн биэриинэн дьарыктаммыппыт. Өрөспүүбүлүкэ улуустарын уонна нэһилиэктэрин кытта ордук юридическай боппуруостарга ыкса ситимнээхтик үлэлээбиппит. Кэнники, олох ирдэбилинэн, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар информационнай систиэмэлэргэ үлэ күүстээхтик кимэн киирдэ. Холобура, «Госуслуги”, “ГИС ЖКХ” уо.д.а. платформаларга. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара итиннэ үлэлииллэрин таһынан бэйэлэрин тустаах саайтарын көрүөхтээхтэр-истиэхтээхтэр, суруйуохтаахтар, толоруохтаахтар. Ол иһин бу эйгэни үөрэтэн барбыппыт. Онон “Обращайся” мобильнай сыһыарыыбыт нэһилиэктэри, улуустары кытта үлэбит түмүгэ диэххэ сөп.

— Ол аата саҥа сыһыарыы сүрүн сыала-соруга тугуй?

— “Обращение” диэн тыл сахалыы “туһулааһын” диэн тылбаастанар. Бизнескэ, салайар структураларга, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһулааһыны биир сиргэ түмэр балаһаакка. Маны сэргэ блогердар манна туспа ханаал, сирэй арыныахтарын сөп. Бизнескэ эмиэ цифровой кэбиниэт арыйдыбыт. Онно урбаанньыт бэйэтин өҥөтүн, табаардарын ууран, сыанатын ыйаан, төлөбүрү кытта аһардар кыахтаах. Ону таһынан бэйэтин үлэтин рекламалыыр, килийиэннэрдээх буолар. Биэдэмистибэлэр бэйэлэрин гражданнарын учуоттууллар, күннээҕи кыһалҕаларын быһаараллар, дьаһалта исписэлиистэрэ отчуоттуулар. Саамай сүрүнэ – нэһилиэк бэйэни салайыныыга болҕомто уурар, онно тус кэбиниэт баар.

Онон сыһыарыы бу түөрт туһанааччыга бэйэ икки ардыгар үлэни, кэпсэтиилэри судургутутар, тэтимирдэр сыаллаах-соруктаах.

— Холобур, ханнык боппуруостары быһаарыахха сөбүй?

— Туһанааччы дьиэттэн тахсыбакка олорон элбэх араас кыһалҕатын быһаарыан сөп. Холобура, куорат төрөппүтэ оскуолаларын, уһуйааннарын кытта ханнык баҕарар боппуруоһу быһаарар, хоруй ылар кыахтаах. Кыһалҕа элбэх буоллаҕа дии. Оҕону атын оскуолаҕа көһөрүү, оҕоҕо быһыы туруорарга сөбүлэҥ биэрии... ону барытын оскуолаҕа барбакка-кэлбэккэ эрэ быһаарсар кыах баар. Эбэтэр куоракка элбэх быһылаан тахсааччы дии, холобура, оптуобус суоппардара оҕону тиийиэхтээх сиригэр буолбакка, атын тохтобулга түһэрбиттэрин эмиэ сыһыарыы көмөтүнэн быһаарыахха сөп.

— «Госуслуги» порталтан эһиэнэ туох уратылааҕый?

— Биһиги сыһыарыыбыт быдан судургу. Холобурдаан этэр буоллахха, мин “Госуслуги” нөҥүө оҕобун оскуолаҕа суруйтарар буоллахпына, ол туһунан иһитиннэриини хантан ылабын? Биллэн турар, атын саайтан, хаһыаттан хасыһан, дьонтон сураһан... Оттон “Обращайся” сыһыарыы тустаах управлениеттан хоруйу быһалыы ылар кыаҕы биэрэр. “Оҕобун уочаракка хайдах туруорабын?” – диэтэхпинэ, Үөрэх салаатын исписэлиистэрэ миэхэ “Госуслуги” порталга киирэн толорор алгоритмын ыытыахтарын сөп: ирдэнэр докумуоннарбын, баттыыр кнопкаларбын о.д.а. Биһиги “Госуслуги” порталы кытта конкуреннаһар да, куоталаһар да сыһыарыыны оҥорботубут.

— Сөп. “Обращайся” сыһыарыы аны сонуннары таһаарар балаһалаах эбит дии?

— Тэрилтэ, бизнес эбэтэр блогер биллэриилэри, постары, иһитиннэриилэри таһаарар. Дьаһалта өттүттэн эттэххэ, холобура, «Ыттар элбээбиттэринэн сибээстээн бэйэҕит ыттаргытын баайыҥ... Маннык эппиэтинэскэ тиксиэххитин сөп, ыстарааба бачча” эбэтэр “Халтараан буолла, олохтоохтор сэрэнэ сылдьыҥ” диэн информацияны таһаарар. Бүгүн ханнык уулусса сабылларын, маршруттар сырыылара уларыйбытын туһунан сонуннары эмиэ биэриэхтэрин сөп. Бу биллэрии барыта туһанааччы бэйэтин лиэнтэтигэр көстөр.

— Маныаха майгынныыр сыһыарыы баар дуо?

— Маннык хабааннаах платформа Арассыыйа үрдүнэн суох. Биһиги бу чааһыгар анаан-минээн аналитика ыытабыт, үөрэтэбит, тэҥнээн көрөбүт.

— Социальнай ситим быһыытынан табыгастаах буолсу дии?

— Сыһыарыыга биирдиилээн, бөлөҕүнэн кэпсэтэр кыах баар. Статустары, стористары устуохха сөп. Ону таһынан социальнай ситим курдук сонуннарга суруйтарар, комментарийдыыр, «лайк” баттыыр ньыма эмиэ баар.

— Кистэл буолбатах, кэккэ социальнай ситимнэр бобуллан тураллар. Хата, импортнай бородууксуйаны солбуйууга барсыыһы...

— Уопсайынан, маннык сыһыарыыны олоххо киллэрэр, оҥорор буоллахха, алларааттан буолбакка, номнуо Арассыыйаҕа тарҕаммыт курдук толкуйдаатахха, таҥааччы сыһыарыы үлэтин өтө көрөр диэххэ сөп. Биһиги Арассыыйа бородууксуйатын төһө баҕарар айан таһаардыбыт диир кыахтаахпыт. Импортозамещение диэҥҥэ үлэлэспиппит ыраатта, билигин Арассыыйа бырагырааматынан таҥыллыбытын туоһулуур үлэнэн дьарыктанабыт. Кодтара, табаарынай бэлиэлэрэ барыта тустаах регистрацияны Саха сиригэр сокуонунан ааспыттара.

— Салгыы туох былааннааххытый?

— Хамаанда күннэтэ халыҥаан, үлэбит кэҥээн иһэр. Бу иннинэ наар айан таһаарыыга олорбут буоллахпытына, билигин салгыы сайыннарыыга киирдибит. Уһук Илиҥҥэ тахсар былаан баар. Кэлэр ый бүтүүтэ улахан конференцияны бэлэмнии сылдьабыт. Саха сирин бородууксуйата, өҥөтө атын регионнарга, тас дойдуларга бэйэтин биллэриэхтээх. Тас ырыынагы ылар кыах барыта баар. Инньэ гынан күн ахсын урбаанньыттар биһиэхэ тахсаллара элбээтэ. Биирдиилээн оскуолалар, уһуйааннар эмиэ бэйэлэрин үлэлэрин ыытан саҕалаабыттара быданнаата.

— Кэпсээниҥ иһин махтанабын! Салгыы сайдан, саҥа үктэллэри баһылыыргытыгар баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...