Кыһалҕа быһаарылынна, үлэ түмүктэннэ
Өрүс пордун эргииригэр оллур-боллур сирдэр, норуокка биллэринэн, “сытар полицейскайдар” баар буолуохтара диэн хаһыаппытыгар эрдэ суруйбуппут. Ол курдук, “Якутдорстрой” тэрилтэ үлэни түмүктээтэ.
Бу түөлбэ олохтоохторо оройуоммут түүҥҥү түлүрбэхтэр массыынанан, матассыыкылынан сүүрдэр сирдэригэр кубулуйда, утуппакка сордоотулар диэн үҥсүбүттэрэ ыраатта. Түүн аайы Кальвица, Энергетиктэр, Гольминка, 1-кы База эргин киһи кулгааҕа тулуйбат тыаһа-ууһа буолар. Суолга сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһэллэр, ону таһынан дьон утуйарыгар мэһэйдииллэр. Олохтоохтор, тулуйалларыттан ааһан, куорат дьаһалтатыгар бу кыһалҕаны суһаллык быһаарарга көрдөспүттэрэ.
От ыйын саҕаланыыта куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев кыттыылаах мунньах ыытыллыбыта. Онно ГИБДД үлэһиттэрэ “сытар полицейскайдары” уулусса кэтитинэн, үрдүгэ стандарт быһыытынан 7 см гына оҥоһулларыгар этии киллэрбиттэрэ.
Тустаах хамыыһыйа ГИБДД-ны кытта биир сүбэнэн схеманы оҥорон, үлэ түргэнник бүттэ.