Кузбасска — Кыһыҥҥы оонньуулар!
Кемеровоҕа спорду өрө туталлар эбит. Үгүс көрүҥнэринэн дьарыктаналлар, элбэх Олимпийскай уонна аан дойду чөмпүйүөннэрдээхтэр, призердардаахтар. Киһи мунар аарыма «Кузбасс“ Муус дыбарыаһыгар дьон толору мустубута да ону кэрэһилээтэ. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин бэрэстэбиитэлэ Анатолий Серышев, Арассыыйа спордун миниистирэ Олег Матыцин, Кемеровскай уобалас губернатора Сергей Цивилев, Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолорун” кэмитиэтин Бэрэсидьиэнэ Владимир Максимов эҕэрдэлээтилэр.
Олимпийскай оонньуулар фигурнай хаҥкылааһыҥҥа чөмпүйүөннэрэ Алексей Ягудин, Евгений Плющенко, Олимпиада үрүҥ көмүс призера Александра Трусова кыттыыны ыллылар. Василий Степанович Парников салайааччылаах Уус Алдан улууһун “Кэнчээри” ансаамбыла “Азия оҕолорун” гимнин английскайдыы, нууччалыы, сахалыы ыллаан ньиргиппитэ биһиэхэ, сахаларга, киэн туттууну, долгуйууну үөскэттэ. Омук дойдуларын уонна Арассыыйа регионнарын спортсмен оҕолорун ортолоругар Сахабыт сирин халыҥ хамаандата параакка хаампыта көрөргө үчүгэй буолла!
СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов, Ил Түмэн дьокутаата, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев, “Монреаль-1976” Олимпийскай оонньуулар көҥүл тустууга чөмпүйүөнэ Павел Пинигин, “Пекин-2008” Олимпийскай оонньуулар боксаҕа боруонса медалиһа Георгий Балакшин СӨ сүүмэрдэммит хамаандатын оҕолорун кытта көрүстүлэр, алгыстарын анаатылар. Сүүмэрдэммит хамаанда хапытаана хайыһардьыт Инна Рыбкина хамаанда аатыттан ситиһиилээхтик кыттарга андаҕар тыл эттэ.
“Саха” НКИХ Генеральнай дириэктэрэ Олег Марков Оонньуулары үрдүктүк сыаналаата: “Азия оҕолоро” Оонньуулар таһымнара үрдээн, кыһыҥҥы оонньуулар баар буоллулар. Кузбасска ыытылла турар Оонньуулары үөрүүлээхтик арыйыы церемониятын фигурнай хаҥкылааһыҥҥа олимпийскай чөмпүйүөн Алексей Ягудин бэйэтэ ыыппытыттан, олимпийскай чөмпүйүөн Евгений Плющенко, Олимпиада үрүҥ көмүс призера Александра Трусова кыттыылаах буолбутуттан олус астынным. Түөрт сыллааҕыта ыытыллыбыт I Кыһыҥҥы оонньуулары Сахалин куораттан биһиги олохтоох Сахалин теле-хампаанньатын кытта сырдаппыппыт. Онно кыһыҥҥы көрүҥнэри сырдатыыга улахан уопут ылбыппыт. Оонньуулар таһымнара үрдээбитин быйыл “Матч-ТВ” федеральнай ханаалы кытта дуогабар түһэрсэммит Оонньуулары сырдатыыга бииргэ үлэлэһэрбит да туоһулуур. “Саха” НКИХ ханаала манна икки улахан көһө сылдьар ПТС-каны аҕаллыбыт. “Матч-ТВ” эмиэ икки ПТС-таах, онон түөрт куоратынан көһө сылдьан эпииргэ быһа тахсабыт. Саха сириттэн 35 үлэһит кэллибит. Биллэн турар, маннык улахан тэрээһиҥҥэ, улахан профессиональнай тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлиир улахан уопуту биэрэр”.
Хоккеистарбыт күүстээх “А” бөлөххө бааллар. Уһук Илин, Кузбасс, Казахстан хамаандаларын кытта утарыта кииристилэр. Маҥнайгы оонньууларыгар олохтоохтору кытта тэҥ оонньууга шайбаны боруотаҕа киллэриигэ 4:3 буллитынан хоттулар. Итинтэн нөҥүө күннэргэ Казахстан хамаандатыгар 11:0, Уһук Илиҥҥэ 6:1 баһыйтардылар. Кыайтарыы төрүөтүн хоккей оскуолатын салайааччылара быһааралларынан, оҕолорбут күүстээх Кузбасс хамаандатын кыайаннар аһары үөрбүт уонна Казахстан хамаандата Уһук Илиҥҥэ хотторбутуттан аһары эрдийбит, бэйэтин кыаҕыгар эрэлэ күүһүрбүт буолуохтарын эмиэ сөп.
Фристайл, шорт-трек, хайаттан түһүү, фигурнай хаҥкылааһын, хайыһарынан сүүрүү көрүҥнэригэр Москва 9 мэтээллээх, ол иһигэр, 5 кыһыл көмүстээх Оонньуулары баһылаан-көһүлээн иһэр. Башкортостан уонна Сибиир хамаандалара иккис, үһүс үчүгэй көрдөрүүлээхтэр. Кузбасс, Уһук Илин, Урал, Казахстан, Белоруссия эмиэ мэтээллэрдээхтэр. Сахабыт сиригэр бастакы мэтээли сноубордка үһүс миэстэлэнэн Алданнааҕы спортоскуола иитиллээччитэ Илья Соколов аҕалла.
СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридоновы Кемеровоҕа көрсөн кэпсэттибит:
– Леонид Николаевич, “Азия оҕолорун” туһунан санааларгын үллэстибэккин ээ.
– Оонньуулары арыйыы церемонията сүрдээх үчүгэйдик тэриллибит. “Азия оҕолоругар» бачча элбэх олимпийскай чөмпүйүөн кэлэн кыттыбытын көрө иликпит. Кемерово уобалаһыгар Оонньуулар ыытыллалларынан спорт улахан объектара оҥоһуллубуттар. Холобур, Новокузнецкайга 7,8 тыһ. киһи олорон эрэ көрөр сабыс-саҥа объега оҥоһуллубут, Кемерово Муус дыбарыаһа 7 тыһ. миэстэлээх. Ону таһынан, “Кузбасс” спорт арената 19 спортивнай саалалаах, бассейннаах, 7,5 тыһ. киһи киирэр ареналардаах, волейболга аналлаах спортсаалалардаах. Биһиги спортсмен-оҕолорбутун көрүстүбүт, баҕа санаабытын эттибит, спортивнай формаларын туттардыбыт. Үчүгэйдик күрэхтэһэллэригэр настрой биэрдибит.
– Салайааччылары кытта көрсүһүүлэргэ туох-ханнык кэпсэтиилэр буоллулар?
– “Азия оҕолоро” Оонньуулары төрүттээччилэр буоламмыт, ханна даҕаны үөрэ-көтө көрсөллөр. Кузбасс Баһылыга Сергей Цивилев ыҥыран көрүстэ. Спортивнай оскуолалар дириэктэрдэрин кытта кэпсэттибит. Саха сирин кытта бииргэ үлэлиир баҕалаахтарын биллэрэллэр.
– Бастакы “Азия оҕолорун” кыттыылааҕа быһыытынан, урукку уонна билиҥҥи Оонньуулар туох уратылаахтарын бэлиэтиэҥ этэй?
– Олох атын буоллаҕа дии. 1996 с. бастакы саҕалааһын буолан, кыттар да дойду аҕыйах этэ. Билиҥҥи Оонньуулар кыттааччы да ахсаанынан уратылаахтар. Хамаандалар түөрт сыл бэлэмнэнэн кэлэллэр. Ити элбэҕи этэр. Урут билбэт этилэр, ол иһин улахан бэлэмэ суох ыҥырыынан кэлэллэрэ.
– Спорт музейдарыгар, быыстапкаларга сылдьыталаатыҥ?
– Ханнык баҕарар региоҥҥа, куораттарга историяларын көрдөрөр музейдаахтар. Кузбасс уоттаах-күөстээх, экраннардаах, аныгылыы оҥоһуулаах музейдарын астына көрдүбүт. Биһиги эмиэ итинник оҥорорбут буоллар үчүгэй буолуо этэ. Хаҥалас Өктөмүттэн “Николаев-киинтэн” “Азия оҕолоро” хайдах төрүттэммитин, М.Е. Николаев бу Оонньуулары саҕалаабыт салайааччы быһыытынан таһаарбыт ыйаахтарын, дьаһалларын көрдөрөр быыстапкабытын Оонньуулары үөрүүлээхтик арыйыыга кэлбит дьон биһирии көрдүлэр.
– Оҕолорбут бэлэмнэрэ хайдаҕый, хайдах кыттыахтарай?
– Бэлэмнэнии былырыыҥҥыттан саҕаламмыта. Усулуобуйаны оҥоро сатаатыбыт. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата үбүлээһини эрдэ көрөн, оҕолорбут бэлэмнэннилэр. Үчүгэйдик кытталларыгар эрэллээхпин. Хоккейга Арассыыйаҕа биллэр Кузбасс хамаандатын кыайбыппытын ситиһии дии саныыбын. Фигурнай хаҥкылааһын, хайа хайыһара, сноуборд – биһиэхэ саҥа көрүҥнэр, ону билиниэххэ наада. Кыттарбыт да үчүгэй, уопут ылыахпыт. Эрэнэр көрүҥмүт – хайыһар. Оҕолорбут түмүк көрдөрүөхтэрэ.
– Баҕа санааларыҥ?
– Оҕо спорда улахан спорт төрдө буоларын өйдүөххэ наада. Оттон спорт – чөл олох, хас биирдии киһи, бука барыбыт доруобуйата. Онон “Азия оҕолоро” инникилээх буоллун, аан дойдуга киэҥ билиниини ыллын!