08.06.2022 | 20:00

Куйаастан быыһанабыт

Куйаастан быыһанабыт
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Сайын. Куйаас. Хайдах харыстанабыт? Биллэн турар, бэрэбиэркэлэммит ньымалар бааллар — убаҕаһы иһии, инчэҕэй сотторунан соттуу, душ, сөтүө уо.д.а. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар атын «сэкириэттэри» сырдатабыт.

Аһыы ас

Соҕуруу дойдулар олохтоохторо куйаастан аһыы ас көмөтүнэн быыһаналларын элбэх киһи билбэт буолуохтаах. Индия, Кытай, Таиланд, Мексика дойдуларыгар аһыы биэрэс араас көрүҥэ баар. Аһыы ас биир сүрүн  кистэлэҥэ – киһи этин температуратын аччатарга көмөлөһөр.

Өҥүрүк куйааска биһиги тугу гынабыт? Үксүн ыраас ууну иһэбит. Оччоҕуна тириппиппит-хоруппуппут арыый ааһыахча курдук буолар да, уубут сотору өссө тиритиннэрэр, тыыҥҥын-быаргын хаайар эбээт! Кырдьык, бу кэмҥэ организм бэйэтин саппааһын аккумуляциялыыр, ол түмүгэр биһиги өссө бууса буһабыт.

Аһыы ас атыннык үлэлиир. Эти-сиини күүһүрдэр, сылытар, ол түмүгэр киһи тиритэр эрээри, бытааннык уу-хаар буолар.

 

Аскытыгар С битэмиини эбиҥ

С битэмиин киһи көлөһүннэрбэтигэр күүскэ көмөлөһөр. Онон күнүскү аһылыккар элбэх С битэмииннээх аһы аһаа.

Быраастар күҥҥэ 65-тэн 90 мг диэри битэмиини иһэргитин сүбэлииллэр. Ити быһа холоон 1-1,5 апельсин буолар. Муҥутуур дозата — 2000 мг (5 кг кэриҥэ апельсин). С битэмиин ордук оҕуруот аһыгар уонна фруктаҕа баар.

 

Кофеин

Кофе эрэ буолбакка, тымныы да, хара да чэйи хааччахтыахха наада. Кофеины элбэҕи иһэр буоллаххына, эт-сиин температурата көрдөрбүтүнэн үрдүүр. Хаан тымырдарын ыгар, сылытар, ол түмүгэр киһи итииргиир. Оттон кыһын хара чэй эти-сиини сылытар.

 

Итии аһылык

Дьиҥэр, үгүс киһи куйааска итии аһылык наада диэҥҥэ итэҕэйбэт буолуохтаах. Ол гынан баран итии аһылык организмы, чахчы, биллэ сөрүүкэтэр эбит.

 

Вентилятортан сэрэхтээх буол

Вентиляторы дьиэ температуратыттан көрөн тутталлар. Биллэрин курдук, термометр остуолбата 35 кыраадыстан үрдүгү көрдөрөр буоллаҕына, төттөрүтүн, вентилятор сылааһынан үрэн, итиини өссө күүһүрдэн биэрэр.

Ону тэҥэ дьиэҕит сииктээх, салгын оонньообот буоллаҕына, ыалдьыаххытын сөп.

 

Мятаны туһаныҥ

Бу оту салаакка, утахха эрэ буолбакка, амтаннаах арыы гынан  туһаныаххытын сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....